Бүгүн, алтынньы 3 күнүгэр, “Чолбон” стадион толору киһинэн туолла. Бэл, таҥас ыйыыр сиргэ миэстэ бүтэн, кэлбит дьон таҥастарын атын сиргэ ууран эрэргэ эбэтэр кэтэ сылдьарга күһэлиннилэр.
“Чолбоҥҥо” бүгүн – саха норуотун тапталлаах кыыһа, харбааһыҥҥа успуорт үтүөлээх маастара, Пекиҥҥэ Паралимпийскай оонньуулар үрүҥ көмүс призердара, аан дойду үс төгүллээх чөмпүйүөнэ, Европа сэттэ төгүллээх чөмпүйүөнэ Анастасия Диодорова улахан успуорду кытары быраһаайдаһарынан, эрэгийиэннэр хамаандалара кыттыылаах “Хотугу долгун” күрэхтэһии саҕаланна.
Күрэхтэһиигэ Самара уобалаһыттан, Ханты-Мансийскай автономнай уокуруктан, Хабаровскай кыраайтан уонна Саха сириттэн 14-18 саастаах 58 спортсмен 36 мэтээл иһин киирсиэҕэ.
Күрэхтэһии кыттыылаахтарын Саха сирин бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников, физическэй култуура уонна успуорт миниистирэ Леонид Спиридонов, Арассыыйа Паралимпискай кэмитиэтин норуоттар икки ардыларынааҕы отделын салайааччыта Екатерина Пронина, Саха сирин Паралимпийского кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Николай Дегтярев эҕэрдэлээтилэр.
Сергей Местников: “Саха сиригэр физкультура уонна успуорт сайдарыгар элбэх үлэ барар. Ол гынан баран, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо физкультуранан уонна успуордунан дьарыктаналларыгар дьоһун чахчынан Анастасия Диодорова чаҕылхай холобура буолар. Чуолаан кини ситиһиилэрэ, дьулуура, күүстээх санаата үгүс спортсмены успуордунан, ол иһигэр харбааһынынан, дьарыктанарга көҕүлүүр. Бүгүн биһиги улахан махталбытын Анастасия ийэтигэр Людмила Николаевнаҕа этэбит. Кини — кыысчаана төрүөҕүттэн ыла олоҕун устата мэлдьи кыыһын аттыгар. Людмила Николаевна сырата, үлэтэ улахан успуортка биһиги өрөспүүбүлүкэбит ситиһиилэрин быстыспат сорҕотунан буолар”, — диэтэ.
Онтон Анастасия Диодорова:
“Саха сиригэр уонна Уһук Илиҥҥэ паралимпийскай харбааһын сайдарын туһугар — «Хотугу долгун” күрэхтэһии саҕалааһын курдук буоларыгар баҕарабын. Күрэхтэһии кыттыылаахтарыгар күрэхтэһиилэртэн улахан дуоһуйууну ылалларыгар, түмүктэри тупсаран, саҥаттан саҥа соруктары туруоралларыгар баҕарабын. Мин көмүс харбааһыным – олоҕум биир кэрдиис кэмин түмүктээһин курдук. Ол түгэни төрөөбүт өрөспүүбүлүкэм дьонун кытары үллэстэрбиттэн олус үөрэбин. Бу сүүрбэ сыл устата миигин өйөөбүккүтүгэр уонна тапталгыт иһин махтанабын. Хотторуу да, кыайыы да кэмнэригэр эһиги куруук мин аттыбар бааргыт. Бүгүн эмиэ миигин өйүү кэлбиккититтэн олус үөрдүм ”, — диэн эттэ.
Анастасия Диодорова бу күн 50 миэтэрэҕэ уһунна. Сарсын номоххо киирбит саха кыыһын улахан успуортан атаарыы сиэрэ-туома ыытыллыаҕа.
Манна даҕатан эттэххэ, Анастасия Диодорова туһунан дьиҥнээх олоххо олоҕуран уһуллубут уус-уран киинэни көрүөхпүт.
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…