Анастасия Диодорова: “Миэхэ тапталгыт иһин махтанабын!”

Анастасия Диодорова: “Миэхэ тапталгыт иһин махтанабын!”

12.10.2024, 12:00
Хаартыска: Мария Васильева, СИА
Бөлөххө киир:

Кырачаан Настяны, Анастасия  Диодорованы Саха сиригэр уонна Арассыыйаҕа, аан дойдуга  билбэт, кининэн киэн туттубат киһи суоҕа буолуо. 

Ону бу күннэргэ саха норуо­тун тапталлаах кыыһа,  илиитигэр-атаҕар эчэйиилээх (ПОДА) спортсменнарга харбааһыҥҥа успуорт үтүөлээх маастара, Пекиҥҥэ ХIII Паралимпийскай оонньуулар үрүҥ көмүс призердара, аан дойду үс төгүллээх чөмпүйүөнэ, Европа сэттэ төгүллээх чөмпү­йүөнэ Анастасия Диодорова улахан успуорду кытары быраһаай­даһар долгутуулаах күнүгэр улахан уораҕайга баппат киһи кэлбитэ да кэрэһилиир.

Анастасия Диодорова оҕо сааһыгар буолбут хомолтолоох түбэлтэни  эмиэ бары билэбит, саха дьоно  бүттүүн  аймаммыта.

Настя, бэйэтин саастыы­лаахтарын курдук барыны бары билэ-көрө сатыыр кыысчаан этэ. 4 сааһыгар чугаһаан эрэр Настя  эбээтигэр кэлэн, аҕас-балыстар куоска оҕолорун кытары оонньоо­буттара. Эмискэ куоска оҕолоро куота көтө оонньуу сылдьан, биирдэстэрэ уот ыстаансыйатын анныгар киирбитэ. Оччолортон да хорсун санаалаах Настя үгүһү толкуйдуу барбакка, куосканы быыһаары аллараанан сыылан киирбитэ. Ол кэнниттэн кыысчаан туох буолбутун өйдөөбөтө…  Уокка оҕустаран өйүн сүтэрбит кыыс биирдэ уһуктубута балыыһаҕа сытара.

Анастасия  оҕо сааһа балыы­һаларга ааспыта, үгүс элбэх ыарахан эпэрээссийэни оҥорбуттара да, Саха сиригэр да, Москваҕа да  кыыс­чаан илиилэрин кыайан быыһаабатахтара.  Икки илиитигэр  Германияҕа оҥорторбут бастакы протезтара олус табыгаһа суохтара, ыарахан ыйааһын­наахтара. Кыысчаан сыыйа-­баайа атаҕынан суруйар, уруһуйдуур буолбута. Төрөппүттэрэ кыыс­тарын уопсай үөрэхтээһин оскуолатыгар биэрэр туһугар сыраларын-сылбаларын бараа­быттара. Элбэх мэһэйдэри туораан, Анастасия  төрөөбүт Москватыгар уопсай үөрэхтээһин оскуолатын 1 кы­­лааһыгар ылыллыбыта. Ол эрээри барыта эриэ­дэхси буолбатаҕа – учууталлар да, үөрэнээччилэр сыһыаннара араас этэ. Төрөппүттэрэ кыыстара быраабын күөмчүлэппэтин, оҕолортон итэҕэс санамматын, атаҕастаппатын туһугар, туох кыалларын, барытын оҥорбуттара.

Анастасия  5 сааһыттан бассейҥҥа  дьарыктанан барбыта. Аан бастаан аҕата үлэ­лиир Оҕо-ыччат успуордун оскуолатыгар бастакы сиэк­сийэтигэр ууга  сиһинэн сытан хас да миэтэрэҕэ устубутуттан   үөрүүтэ кыыс инники олоҕун түстээбитэ. Төһө да бары саарбахтаабыттарын иһин, иннин диэки баран испитэ, дьарыктарын биирдэ да тохтоппотоҕо. 12 сааһыттан Доруобуйаны чөлүгэр түһэрэр  кииҥҥэ дьарыктанан,  сиһин тоноҕоһо токуру­йуутун көннөрбүтэ. Саҥа доҕоттордоммута, ус­­пуорт эйгэтигэр киирдэр киирэн  испитэ, бэйэтигэр эрэлэ күүһүрбүтэ.  13 саастаа­ҕар  “Аһаҕас ууга” күрэхтэ­һиигэ 2-с миэстэни ылбыт саха кыыһын Паралимпийскай оонньуулар сүүмэрдэммит хамаан­даларын тириэньэрэ интэриэһиргээбитэ. Оччолортон да тулуур­даах,  дьулуурдаах  кыыһы күрэхтэһиилэргэ киллэрэр буолбуттара.  Дьиҥэр,  успуорка карьера оҥостуом дии санаабакка, харбыырын олус сөбүлүүрэ, бириэ­мэтин ордук ускуустубаҕа уонна муусукаҕа аныыра. Ол эрэн,  успуор­ка ситиһиилэрэ саҥаттан саҥа чыпчаалга тириэрдибиттэрэ, паралимпийскай успуорт сүүмэрдэммит хамаандатыгар киллэрбиттэрэ!

Успуорт Анастасия олоҕунан уонна үлэтинэн буолбута. Кинини аһыналларын, доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо көрүллэр чэпчэтиилэринэн туһан дииллэрин  сөбүлээбэтэ. Күн аайы 7-17 чааска диэри эрчиллиитин быыһыгар эбии үөрэммитэ, институту бүтэрбитэ,  английскай тылы баһылаабыта, ус­­пуорт менеджерэ буолбута.

Анастасия Алексеевна Диодорова паралимпийскай успуорду сайыннарыыга дьоһун кылаатын киллэрдэ, кини  аата паралимпийскай хамсааһын устуоруйатыгар киирдэ.  20 сыл устата хорсун санааланыы, үлэһит, дьулуурдаах буолуу үтүө холобурун көрдөрдө. Энчирээбэт кытаанах санаатынан, чугас  дьонун өйөбүллэринэн иннин диэки дьулуурдаахтык, туох баар харгыһы барытын туораан чып­чаалга тахсыбыта.

Хаартыска: Мария Васильева, СИА

Улахан успуортан барыы, саҥа түһүмэххэ үктэнии

Анастасия Диодорова улахан успуорду кытары быраһаай­даһарынан, алтынньы 3-4 күннэригэр Дьокуускай куоракка “Чолбон” бассейҥ­ҥа эрэги­йиэннэр хамаандалара кыттыылаах  “Хотугу долгун” күрэхтэһии буолла. Күрэхтэһиигэ Самара уобалаһыттан, Ханты-Мансийскай автономнай уокуруктан, Хабаровскай кыраайтан уонна Саха сириттэн 14-18 саастаах 58 спортсмен 36 мэтээл иһин кииристэ.

Онтон алтынньы 4 күнүгэр Анастасия Диодорованы улахан успуортан атаарыы сиэрэ-туома ыытылынна.  Ил Дархан Айсен Нико­лаев Анастасияҕа хорсунун, дьулуурун,  хас эмэ тыһыынчанан дьоҥҥо үтүө холобуру көрдөрбүтүн бэлиэтээн туран, паралимпийскай успуорду сайыннарыыга кылаатын иһин махтанна уонна  дохсун ытыс тыаһынан доҕуһуоллатан,  Анастасия Диодороваҕа Ил Дархан Грамотатын туттарда, саҥа саҕалааһыннарыгар ситиһиини, үүнэр көлүөнэни кытары үөрүйэхтэрин үллэстэригэр баҕарда, киниэхэ эрэнэрин биллэрдэ.  Кыысчаан ийэтэ Людмила Николаевна СӨ Бырабыыталыстыбатын Грамотатынан наҕараадаланна.

Анастасия Диодорова “Чолбоҥҥо” буолбут “көмүс харбааһын” (“золотой заплыв”) олоҕун биир кэрдиис кэмин түмүктээһин курдук буоларын уонна бу  умнуллубат түгэни Сахатын сирин  дьонун кытары үллэстэриттэн олус үөрэрин туһунан эттэ.

Кини  бу күн 50 миэтэрэҕэ уһунна. “Бу сүүрбэ сыл устата миигин өйөөбүккүтүгэр уонна миэхэ  тапталгыт иһин махтанабын. Хотторуу да, кыайыы да кэмнэригэр эһиги куруук мин аттыбар бааргыт. Бүгүн эмиэ миигин өйүү кэлбиккититтэн олус үөрдүм”, – диэн махтал тылларын биир дойдулаахтарыгар анаата.

Анастасия, биллэн турар, успуорка  карьератын түмүктүүр быһаарыныытын олус ыараханнык ылыммыта.  Кини: “Паралимпийскай оонньууларга баҕалаах кыһыл көмүс мэтээл­бин ылбакка, баҕа санаа­быттан аккаастанан туран успуорка карьерабын түмүктүүбүн”, – диэн өссө 2023 сыллаахха эппитэ.

Анастасия билигин атын хайысхаҕа үлэлээн көрөргө былааннанар. “Өссө үөрэнэ барыам. Тоҕо диэтэххэ, би­­лиим-көрүүм итэҕэс курдук сананабын. Исписэлиис эрэ буолбакка, бэйэтин дьыалатын үчүгэйдик билэр уонна дьонугар-сэргэтигэр туһаны аҕалар үчүгэй исписэлиис буолуох­пун баҕарабын”, – диэн ыра санаатын бар дьонун кытары үллэһиннэ.

Анастасия олоҕун саҥа түһүмэҕэр үрдүктэн үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт.

Сергей Местников, СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэс­сэдээтэлин сол­бу­йаач­чы:

– Анастасия Диодорова чаҕылхай ситиһиилэрэ, дьулуура, күүстээх санаата үгүс спортсмены успуордунан, ол иһигэр харбааһынынан, дьарыктанарга көҕүлүүр. Бүгүн биһиги улахан махталбытын Анастасия ийэтэ Людмила Николаевнаҕа этэбит. Кини –  кыысчаана төрүөҕүттэн  ыла олоҕун устата  мэлдьи кыыһын аттыгар. Кини сырата улахан успуорка биһиги өрөспүүбүлүкэбит ситиһиилэрин быстыспат сорҕотунан буолар.

+1
7
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
3 ноября
  • -24°C
  • Ощущается: -30°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: