Анастасия Ким «Новая фабрика звезд» биэриигэ төрдүс ырыатын ыллаата

Share

Федеральнай ТНТ ханаалга «Новая фабрика звезд» биэриигэ саха кыыһа Анастасия Ким ситиһиилээхтик кытта сылдьар. Кини ааспыт баскыһыаннаҕа төрдүс биэриигэ кыттан, төрдүс ырыатын ыллаата. Анастасия  Sevak диэн Армения биллэр ырыаһытын кытта «Жди меня там» диэн олус иэйиилээх ырыаны толордулар.

Бу иннинэ бастакы биэриигэ Ева Власованы кытта «Танцуй вопреки» ырыаны, иккис биэриигэ Сергей Шнуровы кытта «Экспонат» ырыаны, үһүс биэриигэ рэпер, Саха сириттэн төрүттээх Леван Горозияны кытта «Якутяночка моя» ырыаны толорбута. Көрөөччүлэр Анастасия ырыатын сылаастык ылыналлар. Дьүүллүүр сүбэҕэ Арассыыйа эстрадатын биллэр ырыаһыттара  Сергей Жуков, Сергей Лазарев, Сергей Шнуров, уо.д.а. бааллар.

Саха кыыһа мөлүйүөнүнэн көрөөччүлээх федеральнай ханаалга кыттыыта Саха сирин туһунан сырдатыы, таһаарыы буолар.

Анастасия 21 саастаах, Москваҕа РАНХИГС университетын устудьуоҥката. Кини чахчы оскуолаҕа да ыллаабатах киһи, кастинг биллэрбиттэригэр, анкета толорон, ыллыырын устан баран, ыыппыт. ТНТ менеджерэ эрийбитигэр, кыыс соһуйан хаалбыт.

Кыыс кыра эрдэҕиттэн ыра санаалаах эбит, ийэтигэр: «Мин биллэр киһи буолуоҕум, тэлэбииһэргэ көстүөҕүм», — диир эбит. «Билигин да итэҕэйэ иликпин, туох эрэ улахан, үчүгэй саҕаланан эрэрин сэрэйэбин», — диэн Анастасия этэр. Кини биллэр юрист Александр Ким-Кимэн сиэнэ буолар.

Санатар буоллахха, «Фабрика звезд» бырайыактан элбэх биллэр ырыаһыттар, артыыстар тахсыбыттара. Өр кэмҥэ тохтуу сылдьыбытын кэнниттэн, биэриини саҥаттан таһаарарга быһаарбыттар. Бу эдэр артыыстар дьоҥҥо биллэр-көстөр буолалларыгар, карьераларын саҕалыылларыгар далаһа буолар.

What’s your Reaction?
+1
5
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр чоҕу хостооһуҥҥа саҥа рекорду олохтоотулар

2024 сыл 11 ыйын түмүгүнэн Саха сиригэр 45 мөлүйүөн туонна чох хостоммут. Бу былырыыҥҥы көрдөрүүттэн…

26 минут ago
  • Сонуннар

Меркурий «ретрограднай» буолан бүтэрэ чугаһаата

"Ретрограднай" Меркурий "төттөрү" барыыта бүтэрэ 3 хонук хаалла. Сэтинньи 26 күнүттэн ахсынньы 15 күнүгэр диэри…

41 минута ago
  • Быһылаан

Тулагыга суоппар массыынатын суулларан баран, саахал буолбут сириттэн куоппут

Тулагы сэлиэнньэтигэр биллибэт суоппар массыынатын суулларбыт уонна саахал миэстэтиттэн куоппут. Бу туһунан Дьокуускайдааҕы Госавтоинспекция иһитиннэрэр.…

56 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Саҥа дьылы көрсө түннүккэ георгин сибэккилээтэ

Ахсынньы тымныытын аахсыбакка, Саҥа дьылы көрсө Үөһээ Бүлүүгэ георгин сибэкки тыллан хараҕы үөрдэр, сайыны чугаһатар.…

1 час ago
  • Сонуннар

Үс улууска саҥа баһаарынай деполары астылар

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Нам улууһун Остуолба, Таатта улууһун Булуҥ уонна Томтор, Уус Алдан улууһун…

1 час ago
  • Сонуннар

РФ Конституциятын күнүгэр Дьокуускайга үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин патриотическай пуорумнара саҕаланна

Бүгүҥҥүттэн, ахсынньы 12 күнүттэн, РФ Конституциятын күнүгэр Дьокуускайга «Объединяя лучшее - быть первым!» диэн ааттаах…

1 час ago