Анастасия Копырина: «Уолаттарбыт кыайыы аргыстаах эргиллэн кэлэллэригэр баҕарабыт»
Бу күннэргэ Дьокуускай куорат «Успуорт 50 сыла» дыбарыаһыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи IV «Yлэ-иис күрэҕэ» буолан ааста. Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар көмөлөһө сылдьар волонтер иистэнньэҥнэр бэйэлэрин сатабылларын, маастарыстыбаларын көрдөрдүлэр.
Уус Алдан улууһун хамаандата бу күрэхтэһиигэ ситиһиилээхтик кытынна. Ол туһунна салайааччылара Анастасия Копырина бу курдук кэпсиир:
— Биһиги Уус Алдан улууһун хамаандатыгар Бороҕонтон, Майаҕастан, Чараҥтан хомуллан кэлбиппит. Дьиҥэ, биһиги анаан үөрэммит иистэнньэҥнэр буолбатахпыт, ол эрээри улахан баһаардар турбут кэмнэриттэн ыла, онтон байыаннай дьайыыга көмөҕө волонтердаан иистэнэ сылдьабыт. Биһиги маскировочнай сиэккэ да, көстүүм да, барытын тигэбит. Байыаннай дьайыыттан уоппускаҕа кэлбит уолаттарбытын таҥыннарабыт, госпиталларга сытар байыастарга ас-үөл, харысхал ыытабыт. Бу күрэскэ аан бастаан кыттабыт. Биһиги биир хамаандаҕа биир размердаах таҥаһы тиктэрэ биэрбиттэрэ буоллар, быдан барыстаах, табыгастаах буолуо эбит дии санаатыбыт. Лекалоны аччатан тигэргэ эмиэ уустуктардаах. Закройщик үөрэхпит суох буолан ыарахаттардаах.
Тэрээһин чааһыгар эттэххэ, маннык ыгым кэмҥэ бачча элбэх хамаанданы түмэн, матырйааллары бэлэмнээн тэрийбиттэрэ хайҕаллаах. Саха сирин байыастарыгар биир сүбэнэн көмөлөспөтөхпүтүнэ ким көмөлөһүөй?! Уолаттарбыт тоҥмокко-хаппакка сылдьалларыгар уонна кыайыы аргыстаах эргиллэллэригэр баҕарабыт.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: