Анастасия Корякина: «Уолаттарбыт эргиллэн кэллэллэр диэн алгыстаах санаабытынан салайтарабыт»

Share

Арассыыйа Украинаҕа ыытар байыаннай эпэрээссийэтигэр Саха сирин хас нэһилиэгин аайыттан кэриэтэ саха буойуттара баран, норуокка, Аҕа дойду тыын интэриэһигэр суоһуур кутталы туоратыыга кытта сылдьаллар. Кинилэр арҕаа дойдулар дойдубут судаарыстыбаннаһын туллаҥнатар сыаллаах өстөөхтүү уодаһыннаах, түгэхтээх былааннара туолбатын туһугар күннэтэ кытаанах киирсиигэ буһа-хата сылдьаллар.

Ньурба улууһун Дьиикимдэ нэһилиэгин муниципальнай тэриллиитин дьокутаата Анастасия Николаевна Корякина байыаннай эпэрээссийэҕэ ыҥырыллан барбыт биир дойдулаахтарыгар көмө туһунан бу курдук кэпсиир:

— Байыаннай эпэрээссийэҕэ Дьиикимдэттэн икки уолбут — Васильев А.А. уонна Федоров М.В. барбыттара. Бу уолаттарбытын суохтаппат туһугар нэһилиэк салалтата, дьоно-сэргэтэ кинилэр дьонноругар туһааннаах көмөнү тиһигин быспакка ыыталлар. Ол курдук, дьаһалта тыа сиригэр саамай наадалаах оту-маһы тиэйэн аҕалыыга тыраахтарынан көмөлөһөр. Аны ол киирбит маһы нэһилиэк дьоно хайытан, барытын саһааннаан, туруоран биэрбиппит.

Маны таһынан, Кыайыы күнүгэр Аҕалар түмсүүлэрэ уолаттар дьонноругар сэмэй бэлэхтэрин туттартаабыттара. Ийэлэр түмсүүлэрэ харчынан кыттыһан, байыаннай усулуобуйаҕа табыгастаах таҥас-сап уонна туттар мал, тус ааттаан туран алгыстаах сурунар блокнот оҥотторн ыытаары сылдьаллар.

Бу курдук атын да көмөлөр оҥоһулла тураллар. Дьиикимдэлэр барыбыт туһугар байыаннай эпэрээссийэ уустук усулуобуйатыгар сылдьар буойуттарбытыгар, кинилэр дьонноругар көмөлөһөргө өрүү бэлэммит, этэҥҥэ сылдьан, уолаттарбыт эргиллэн кэллэллэр диэн алгыстаах санаабытынан салайтарабыт.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга 4 сулустаах гостиница тутуллуоҕа

Дьокуускай куорат киинигэр, Чернышевскай уулуссатыгар 12 этээстээх аныгы гостиница тутуллуоҕа. Бу туһунан Ил Дархан "РИК"…

9 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Баччаларга сэрэнэн-сэрбэнэн, чуумпутук сылдьарбыт

Ааспыт үйэ 60 сылларыгар, оскуола диэни өссө да билэ илик кыра оҕо, эбээ тапталлаах сиэнэ…

34 минуты ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Бу — интэриэһинэй. Зонтигы ким айбытай?

Зонтик туһунан кыһынын умнабыт. Оттон сайын ардахтар саҕаланнылар да, зонтикпыт үрдүгэр түһэбит. Билигин зонтик арааһа…

44 минуты ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Босхо мэдисиинискэй көмөҕө уларыйыы киирдэ

РФ бырабыыталыстыбата 2025-2027 сылларга босхо мэдисиинискэй көмө саҥардыллыбыт бырагырааматын бигэргэттэ. Бу туһунан миниистирдэр кэбиниэттэрин тг-ханаалыгар…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Тыа хаһаайыстыбата

Амма сыырын Москваҕа уонна Благовещенскайга атыылаан эрэллэр

Амма улууһугар 2013 сылтан дьоҥҥо киэҥник биһирэммит сыыры оҥороллор. Билигин ити сыыр өрөспүүбүлүкэ маҕаһыыннарыгар эрэ…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Сэмсэ тыл»: Трамп Гренландияны тоҕо былдьаста?

Чокуур Гаврильев токкоолуурунан, бу Арктикаҕа сытар муус арыыны АХШ холбооботор да, анныгар уктар чинчилээх.

2 часа ago