Салгыы
Анастасия Семенова: «Үлэлиэн баҕалаахтарга сөптөөх кэм»

Анастасия Семенова: «Үлэлиэн баҕалаахтарга сөптөөх кэм»

28.01.2024, 09:30
Хаартыска А.Семенова тус архыыбыттан
Бөлөххө киир:

Анастасия Семенованы  Уус Алдан улууһугар дьоҕус полиграфияҕа ылсан,  дьыалабыай бэлэхтэри, бородууксуйалары оҥорор бэйэтэ дьарыктаах киһинэн билэллэр.

Сунтаар улууһуттан төрүттээх Анастасия Гусимовна Лөгөй нэһилиэгин Хомустааҕар кийиит буолан кэлбитэ. Кэргэнэ Иван Филиппович  ыраах айаҥҥа сылдьар суоппар,  икки кыыс оҕолоох эдэр ыаллар.

Анастасия М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет ­ньиэп-гаас салаатын үөрэҕин бүтэрбитэ. Бу иннинэ кэпэрэтиибинэй тиэхиньикумҥа буҕаалтыр идэтин баһылаабыта.

Анастасия бииргэ төрөөбүт эдьиийэ Сунтаарга лазернай ыстаныакка араас  дьэрэкээн бородууксуйаны  оҥорорун олус ымсыыра көрөрө. «Биһиги эмиэ ылан боруобалаан көрбүт киһи, кинилэртэн сүбэлэттэриэхпитин, бэйэ-бэйэбитигэр  көмөлөсүһүөхпүтүн, макеттарбытын атастаһыахпытын эмиэ  сөп буоллаҕа», – диэн хорсун санаатын киллэрэн, эдэр ыал  итинник ыстаныактанан  сөбүлүүр идэнэн дьарыктанар баҕата күүһүрэн испитэ.

Бэйэлэрэ дьарыктаахтар ахсааннара 2020 сылтан 38 тыһыынча киһинэн эбиллэн, 2023 сыл ахсынньы 1 күнүнээҕи туругунан 43603 киһиэхэ тэҥнэстэ.

Дьиҥэр, кыра оҕолордоох, быстах кэмҥэ хамнастаах үлэтэ  суох дьон сэрэхэдийиэн, туттунуон эмиэ сөбө. Ол төрүөтэ эмиэ өйдөнөр – хантан харчы ылан бэйэ  дьыалатын саҕалыахпытый диэн тохтоон хаалыахтарын  сөбө.

Оттон Семеновтар бэйэ дьарыктаах буоларыгар судаа­рыстыба көмөлөһөрүн билэн баран, түргэнник быһаарынан, биисинэс-былаан оҥоро охсон, социальнай хантараакка сайаап­ка биэрбиттэрэ. Өр күүттэрбэккэ, СӨ Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутугар судаарыстыбаннай кэмитиэт бигэргэппитэ, үп-харчы да түргэнник түспүтэ. Инньэ гынан, Семеновтар 2021 сыллаахха Владивостокка лазернай ыстаныагы сакаастаан аҕалтарбыттара.

«Ыстаныакпытын ылбыппыт.  Биллэн турар,  бас­таан ыарахан, бырагырааматын билиэххэ, сатыахха наада этэ. Чэ, эдьиийим сатыырын мин да сатыыр инибин дии са­­наан буолуо, 5 ыйдаах оҕом утуйдаҕына бириэмэ була охсон эбэтэр түүннэри да олорон үөрэтэрим.   Аны куйаар ситимигэр бэлэм макеттары булан үтүктэн, ютубу хасыһан үөрэппитим. Бырагырааманы билэрбэр элбэх бириэмэм барбыта. Аан бастакы бородууксу­йабыт халандаардар этилэр. Дэриэбинэҕэ “этэрбэс араа­дьыйата” үчүгэйдик үлэлиир. Онон, дьоммут-сэргэбит хайыы үйэ билэн, биһиэхэ сакаастыыр буолбуттара. Саҥа сүүрээни улаханнык баһылыы да илик буолларбыт, биир да сакааска аккаастаабакка, үлэлээн барбыппыт.  Дьиэ туттан киирбит кэммит этэ, ыстаныакпытын саҥа дьиэбитигэр туруорбуппут, оттон аттыбар оҕолорум бу сүүрэкэлэһэ сылдьаллар.  Оннук сыралаһан алта ый иһигэр дьаныардаахтык үөрэтэн, үлэлээн, макеттары үтүктүбэккэ, аны бэйэбит тугу баҕарарбытынан толкуйдуур, чочу­йар буолбуппут. Бастаан биир­диилээн дьон сакаастыыр буол­лахтарына, кэнникинэн тэрилтэлэртэн корпоративнай сакаас­тар киирэн барбыттара. Туох эмэ тэрээһиннэргэ, быраа­һынньыктарга анаан үлэһэ­ллэрэ, араас наҕараадалары, куубактары уо.д.а. оҥортороллоро.   Ол аайы,  бэйэ­битин көрдөнөн, өссө туох уратыны, саҥаны оҥоруохха диэн санаалар киирэл­лэрэ үлэлиир­гэ да интэриэһинэй этэ. Сакаасчыттарбыт үлэбитин илиилэригэр ылан үөрэн-көтөн бардахтарына, олус астынабын, айар-тутар баҕаҥ өссө күүһүрэр», – диэн  Анастасия саҥа дьыаланы   хайдах саҕалаабыттарын туһунан кэпсиир.

Хаартыска А.Семенова тус архыыбыттан
Үлэ хайысхатын кэҥэтии

Дьиэҕэ олорон эрэ бэйэтэ дьарыктаах эдэр ийэҕэ лазернай ыстаныакка эрэ үлэлээһин татым курдук буолан барбыта. Биир сиргэ тэпсэҥнээн хаалбат туһуттан үлэлэрин хайыс­хатын өссө кэҥэтээри, Анастасия этэринии, өссө «сырдык кырааскаҕа» баҕарбыттара. Баҕа санаа туолар айылгылаах – сублимация (термоперенос) диэн тэрили эбии атыыласпыттара.

«Ол аата принтер, термопресс, плоттер ылынан, биир эбэтэр дьэрэкээн өҥнөөх,  суруктаах, хаартыскалаах куруускалары, футболкалары уо.д.а. полиграфия бородууксуйаларын оҥорор буолбуппут.  Биһиги маһынан эрэ буолбакка, акриловай өстүөкүлэнэн эмиэ оҥоробут, онно бүрүө сыһыаран өссө кырасыабай гына тупсаран биэрэбит. Итинник саҥаттан саҥа бородууксуйа баар буолан истэҕинэ, дьон кэрэхсиир  эбит, элбэхтик сакаастыыллар. Бэйэбит тугу сатыырбытын эрэ соҥ­нообокко, сакаасчыппыт баҕатын учуоттаан, кини ыыппыт эскиһинэн  оҥоробут.

Ким баҕалаах аан бастаан үбүнэн өйөбүлү ылан баран, дьыалатын саҕалыырыгар кыах бэриллэрэ олус туһалаах.

Уопсайынан,  бэйэҥ дьарык­таах буоларгын судаарыстыба өйүүрэ наһаа туһалаах, дьиэ­ҕэр олорон соҕотоҕун дьарык­танар киһиэхэ олус табыгас­таах. «Мой налог» диэн сыһыарыныы хачайдаан, тута сайаапкаҕын биэрэҕин, регистрацияланаҕын – аҕыйах мүнүүтэлээх дьыала эбит. Дохуоттаах буол­лаххына – нолуоккун төлүүгүн, суох буоллаҕына төлөөбөккүн. Холобур, урбаанньыттар кыбаарталынан төлүүллэр. Тэрилтэлэри кытары   счетунан үлэлиэххэ сөбө  эмиэ  үчүгэй.

«Самозанятость» диэн судаа­рыстыба өйөбүлэ бэйэлэрин баҕаларынан дьарыктаныан баҕалаахтарга үчүгэй тирэх дии саныыбын.  Дьон тугу эмэ саҕалыан да   иһин,  харчыбыт суох  эбэтэр но­­луок төлүөххэ наада диэн куттаналлар. Мин билигин наһаа үчүгэй кэм кэлбит дии саныыбын. «Баһаалыста, дьарыктанан үлэлээ» диэн судаарыстыба эйиэхэ босхо харчы биэрэр уонна улахан нолуога суох үлэлиэххин сөп. Онон эдэр дьон итинник дьарыктаналларыгар саамай сөптөөх кэм кэллэ», – диэн Анастасия Семенова эдэр дьоҥҥо, үлэтэ суохтарга баҕа санаатын тириэрдэр.

Анастасия Семенова «Деловые подарки»  оҥоһуктарын Дьокуускай куоракка «Илин эҥэр» Эргиэн дьиэтин «Блеск», «Якутские промыслы», «Уус-Экспо» маҕаһыыннарыттан, Үлэ кластерыгар «Саха сиригэр оҥоһуллар» павильонтан атыылаһыахха сөп.

Көмө кэллэ – бэйэҥ дьыалаҕын саҕалаа

Бэйэ дьарыктаах буолуутун (самозанятость) 2019 сыл­лаахха пилотнай бырайыак быһыытынан Арассыыйа үс эрэгийиэнигэр киллэрбиттэрэ. Сотору кэминэн итинник  кыах Арассыыйа олохтоохторугар барыларыгар бэриллэр буолбута.

Ил Дархан Айсен Николаев СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕар (Ил Түмэҥҥэ)  Этиитигэр өрөспүүбүлүкэҕэ дьада­йыы таһымын кыччаабыта аҥаарынан аҕыйатар соругу туруор­бута. Бу соругу быһаарарга биир көдьүүстээх ньыманан  үлэни буларга, бэйэ дьыалатын арыйарга, олох ыарахаттарын туоруурга судаарыстыба көмөтө буолар.

Саха сиригэр 2021 сылтан бэйэлэрэ дьарыктаахтары өйүүр бырагыраама үлэлиир. Билигин бэйэлэрэ дьарыктаах дьон  биирдиилээн урбаанньыттарга уонна юридическай сирэйдэргэ көрүллэр өйөбүллэринэн туһаналлар. Бэриллэр үбү биисинэһи тэринэргэ уонна сайыннарарга туһаныахха сөп.

Кинилэр сүрүннээн таһаҕаһы таһыыга, суоппар, парикмахер, маникюр быһыытынан үлэлииллэр эбэтэр бэйэлэрэ оҥорбут бородууксуйаларын атыылыыллар, маркетиҥҥа, эрэкэлээмэҕэ уо.д.а. дьарыктаналлар. Бэйэтэ дьарыктаах араҥаҕа киирсибит киһи  үлэһиттэри ылыа  уонна табаары хос атыы­лааһынынан дьарыктаныа суохтаах.

“Мин биисинэһим” киин баазатыгар бэйэ дьарыктаахтар биисинэһи тэринии туһунан сүбэ-ама ылыахтарын сөп.

Хаартыскалар А.Семенова тус архыыбыттан.

+1
12
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -40°C
  • Ощущается: -40°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: