Анастасия Варламованы ахтан-санаан аастахха
Дьэ кубулҕаттаах кулун тутар ый бүтэрэ бу кэллэ. Норуот сөпкө да бэлиэтии көрөн, кырдьык да “кубулҕаттаах кулун тутар ый” диэбиттэр. Уһун дьыбардаах тымныы кыһыҥҥы ыйдар кэнниллэриттэн күммүт чаҕылыччы тыган, дьыбара суох эрээри тыаллаах-хаардаах, тибиилээх ый буолла. Ол гынан син биир арыый да күн уһаан уонна сылыйан дьон сүрэҕин сылытар, санааны көтөҕөр “этэҥҥэ кыстаатахпыт” диэх курдук санаа кылам гынар.
Дьэ бу кулун тутар ыйыгар күннэтэ олус элбэх араас таһымнаах тэрээһиннэр, кэнсиэртэр быыстала суох бараллар. Ол курдук, кулун тутар 26 күнүгэр, А. Е.Кулаковскай аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр бэрт иһирэх, ааттаах-суоллаах киһи эрэ ахта-саныы сылдьар, норуот таптыыр ырыа айааччыта, ырыаһыта Анастасия Варламова төрөөбүтэ 75 сылыгар аналлаах өйдөбүнньүк кэнсиэркэ сырыттым.
Кини айан хаалларбыт ырыалара, тойуктара биһиги духуобунай баайбыт буолар, сүппэттэр, күннэтэ ыллана сылдьан норуот уоһуттан түспэттэр, ол аата Эдьиий Настаа тыыннаах. Ол да иһин, кини биир идэлээх табаарыстара, СӨ норуодунай артыыһа, Ырыа айааччылар сойуустарын бэрэссэдээтэлэ Алексей Егоров уонна сэкиритээрэ Степан Васильев тэрийиилэринэн олус истиҥ ахтыы кэнсиэри оҥордулар.
Мин анаан-минээн бу дьоро киэһэҕэ билиэт сакаастаан олус астына, уруккуну-хойуккуну саныы сырыттым. Анастасия Варламова ырыаларын ис сүрэхпиттэн сөбүлээн истээччилэриттэн биирдэстэрэ буолабын. Ордук “Мин аҕам алааһа” диэн ырыата ис дууһабар олус чугас.
90-с сылларга бүтүн дойдубут үрдүнэн ыарахан кэмнэр этэ. Онно артыыстар бэйэлэрин бэйэлэрэ тэринэн оройуоннарынан гостуруоллууллара. Ол курдук, А. Варламова мин Өймөкөөҥҥө Үчүгэй диэн нэһилиэккэ үлэлии олордохпуна кэлэн барбыта. Олус боростуой, кэпсэтинньэн, ис-иһиттэн ханнык баҕарар дьоҥҥо бэйэтин ылыннарар тыллаах-өстөөх, бараммат кэпсээннээх киһини биһиги олус сөбүлээбиппит. Мин оччотооҕута нэһилиэк баһылыга, онтон кэргэним Василий Винокуров сопхуос дириэктэрэ буолан “УАЗ” массыына биэрэн, кууста бары нэһилиэктэригэр илдьэ сылдьан, бэркэ ыллаан-туойан барарын хааччыйбыппытын иһин махтаммыта.
Кини аатыгар анаммыт тэрээһини олус истиҥ тыллары этэн туран, Алексей Егоров уу сахалыы киһи сүрэҕэр-быарыгар киирэр курдук аргыый наллааан ыытта. Хас биирдии ырыаны ис хоһоонун ырытан, ыллыыр артыыстары билиһиннэрэн көрөөччүлэргэ ордук интэриэһинэйдик кэпсээччи буолла.
Тэрээһиҥҥэ “Аҕам алааһа” диэн ырыаны 70-ча Ырыа айааччылар сойууһун чилиэннэрэ бары тыыннаах куоластарынан ылаан, видео устубут флешмобтарыттан саҕаланна. Зал бука бары доргуччу ылластылар. Манна диэн бэлиэтээтэххэ, олус дириҥ ис хоһооннох ырыа бу дьоро киэһэҕэ элбэхтик ылланна, ордук истиҥник, ис дууһатыттан Анатолий Бурнашов толоруутун бары да уйадыйа да, өрө көтөҕүллэн иһиттибит, ылластыбыт.
Олус истиҥник бииргэ үлэлээбит доҕоро, урукку баяниһа Владимир Кузьмин ахтыы оҥордо, ол кэмҥэ уһуллубут дуэтын видеота көһүннэ. “Оҕо сааһым”, “От сыта”, “Амсат эрэ дьэдьэҥҥиттэн” “Ахтыма доҕоруом эн миигин”, “Кыталыктар”, “Ой дуораана”, “Дьол кымыһа”, “Туой-Хайа”, “Туос тууйастар”, “Ыһыах” онтон да атын ырыаларын: Сардаана Трофимова, Михаил Санников, Марианна Макарова, Владимир Индигирскэй, Анастасия Готовцева, Варя Аманатова онтон да атын артыыстар үрдүк таһымнаахтык толордулар. Хас биирдии толорооччуну истээччилэр дохсун ытыс таһыныынан эҕэрдэлээтилэр.
Суруйуубун Степан Васильев этиитинэн түмүктүүбүн:
— Анастасия Варламова Мэҥэ Хаҥаластан куоракка көһөн киирбитин кэнниттэн киниэхэ мин баянистаабытым. 16 сыл тухары бииргэ элбэх улуустарынан гостуруоллаан, куоракка элбэх айар кэнсиэртэри оҥорбуппут. Анастасия Варламова улахан дэгиттэр талааннаах айар киһи этэ. Биллиилээх ырыа айааччы, ырыаһыт, суруналыыс, суруйааччы, тылбаасчыт, поэт. Ырыаларын тылларын үксүн бэйэтэ суруйара, аны Эдьиий Марыына туһунан кинигэ суруйбута. Ырыаһыт быһыытынан мин 40-ча сыл араас ырыаһыттарга оонньоон кэллим да, итинник дьон сэргэ сөбүлээн истэр ырыаһыттара аҕыйахтар дии саныыбын… Анастасия сценаҕа тахсан ыллаан барыан эрэ кэрэх, зал олох турукка киирэн хаалар этэ, тыыммакка да истэн олороро, хас ырыата барыта на “бис” барара. Анастасия Николаевна тыыннааҕар норуот тапталын, ылбыт, билбит улахан ырыаһыт этэ.
Мин итинник киһини кытта алтыһан ааспыппыттан дьылҕабар махтанабын. 70 сылыгар «Саха алааһын иэйиэхситэ», 75 сылыгар «Аҕам алааһа» ахтыы кэнсиэртэрин онордубут.
Маргарита Винокурова, педагогическай наука кандидата, СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, Россия Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: