Анатолий Чомчоев: «Үс сыл, биэс сыл, уон сыл… Доруобуйабын төннөрбөт»
Саха сирин үрдүнэн Анатолий Чомчоев кимин-тугун билбэт киһи букатын суоҕа буолуо. Кини байыаннай, кини үтүөкэннээх салайааччы, уопсастыбанньык, кини учуонай… Кини дьоһуннаахай аҕа, амарах эһээ… Былырыын саас кини тыыныгар тура сыспыттара. Ол быһылаан Саха сирин дьонун-сэргэтин аймыан аймаабыта. Бу ханан да сиэргэ баппат быһылаан, киһи олоҕор, тыыныгар суудайыы туһунан санаатын Анатолий Чомчоев анаан-минээн биэрбит интервьютуттан истиэҕиҥ, билиэҕиҥ.
— Анатолий Игнатьевич! Былырыын Саха сирин бүтүннүү аймаабыт быһылааны ол эбэтэр эн тыыҥҥар хайдах тура сатаабыттарын туһунан сиһилии билиһиннэр эрэ.
— Бу быһылаан былырыын ыам ыйын 12 күнүн түүнүгэр буолбута. Бу күннэр эргин холомом көтүллүөхтээх этэ. Инньэ гынан, эрдэ доҕотторбутун кытта мас бөҕөтүн бэлэмнээбиппит. Ону аҕалан баран, ыам ыйын 15 күнүгэр биир күн иһинэн барытын көтүрэн бүтэриэхтээх этибит. Ол иһин холомо иһиттэн кинигэлэрбин эҥин дьаһайар түбүгэр түспүтүм. Аны туран, ыам ыйын 17 күнүгэр Владивостоктан кэлиэхтээх улахан учуонайдыын көрсүөхтээх этим. Онон киниэхэ анаан научнай хабааннаах матырыйааллары бэлэмнээн хойукка диэри үлэлээбитим уонна түүн буолуута утуйбутум.
Арай, эмискэ Чээкэ диэн кыра ытым үрэн баргыйбыта. Чаһыыбын көрбүтүм, икки аҥаар буолбут этэ. Көҕүрэттэ таарыйа таһырдьа тахсыбытым. Улахан ытым күөл диэки көрө-көрө үрэрэ. Холомобут шлагбаумтан 250 м ыраах уонна мас быыһыгар турар. Суол шлагбаумтан кэлэн күөлгэ диэри ааһар. Ол диэки кыра дьиэбит баар, холомоттон 40‑ча м сиргэ турар. Кыра дьиэм диэки барбытым. Арай, көрбүтүм, биир киһи утары иһэр эбит. Хараҥа этэ. Ол киһи суол нөҥүө туран тугу эрэ саҥарара. Кыайан истибэппин, онон чугаһаан кулгаахпар саҥарарын туһунан нууччалыы эппитим. Киһим ыксабар кэлбитэ. Кулгаахпар адьас чугаһаан, күөл диэки бултуу барыахтаахтарын туһунан эттэ. Онуоха мин бүгүҥҥүттэн ыла ойуур баһаардара турар кэмнэрэ саҕаламмытынан лесхозтар дьону ойуурга киллэримэҥ диэн боппуттарын туһунан быһааран биэрбитим уонна онон ол диэки бараллара сатамматын туһунан эппитим. Ол кэпсэтэ туран көрдөхпүнэ, ыраах соҕус массыына турара. Боруҥуй буолан, ханнык тимир көлө турарын бу диэн араарбатаҕым. Киһим арыгытын сыта аҥылыйан сүрдээҕэ. Кинилэргэ барыта көҥүллэнэрин туһунан эттэ. Онуоха мин оннук сыыһатын быһаарбытым. Барыта көҥүллэнэр син биир барабыт диэбитигэр, мин хайыахпыный, полицияҕа эрийэн этиэм диэбитим уонна дьиэм диэки барбытым.
Дьиэҕэ киирэн соммун уста турдахпына, кыра ытым эмиэ үрэн баргыйбыта. Хайыахпыный, иккистээн тахсыбытым. Көрбүтүм, массыына уота от уурар сирбит аттыгар кылахачыйара, эргийэ сатыы турара. Ол иһин хотон диэки баран көрбүтүм, массыына шлагбаум диэки эргийбит этэ, биир киһи массыына иннигэр хаама сылдьара. Ол аата, саамай аҕыйаабыта иккиэлэр эбит дии санаабытым. Массыына аа-дьуо шлагбаум диэки бара турбута. Хата, бардылар дии санаат, шлагбаум диэки хаампытым. Тиийбитим, арай, анараа киһи массыынатын биир өттүгэр таһаараары шлагбаумы арыйа турара. Массыына УАЗ-Патриот эбит этэ. Судаарыстыбаннай нүөмэрэ В946 МВ диэн. Арыйан баран, массыынатыгар олорбута. Ол кэмҥэ тимир көлө иһин көрбүтүм, туох даҕаны суох этэ, ып-ыраас, дьаһаллыылаах, хомуллубут этэ.
Массыынатын таһааран баран, утары кэлэн истэҕинэ, тоҕо кэлэҕин диэбиппэр, арыгылаан нэһиилэ бөлүөстүбүт куолаһынан, шлагбауму сабыахтааҕын туһунан хоруйдаабыта. Онуоха мин “бэйэм сабыам, эн бара тур, сотору полиция кэлиэҕэ” диэн эппитим. Киһим массыынатыгар олорон, киирэн бара турбута. Шлагбауму күлүүһүнэн хатаан кэбиспитим. Аттыбытыгар олорор дьон кэлэ сылдьыбыттар быһыылааҕа, ол иһин күлүүһүнэн хатаабатах этилэрэ. Күнү быһа холомо иһигэр үлэлээбит буолан, ким барбытын, кэлбитин өйдөөн көрбөтөҕүм.
Ити массыынаны ыытан барбыт киһи маарыҥҥы киһи буолбатах этэ. Маҥнайгы киһи ханна да баара биллибэт этэ. Дьиэбэр кэлэн ороммор сытааппын кытта ытым үһүстээн үрбүтэ. Хайыахпыный, үһүстээн тахсыбытым. Холомо аттыгар күн уотунан үлэлиир панеллар диэки көрө-көрө үрэр аҕай. Өссө төгүл этэбин, хараҥа этэ. Өйдөөн көрбүтүм, ол панеллар аттыларыгар эрдэ кэпсэппит киһим кэлэн олороро. Илиитинэн далбаатаан ыҥырар курдук гынна.Тугу эрэ этээри гынна диэммин аттыгар ыкса тиийбиппэр, киһим күүскэ баҕайы быарга саайбыта. Кэлин докумуоҥҥа көрбүтүм, 182 см үрдүктээх, 110 киилэ ыйааһыннаах бөдөҥ-садаҥ киһи охсуута хайдаҕа биллэр буоллаҕа. Тыыммын кыайан ылбакка, охтоору төҥкөйбүппэр, аны сыҥаахпар сырбаппыта. Үөһээҥҥи быратыас тииһим адьас үлтү барбыта. Ол туран көрдөхпүнэ, киһим уҥа илиитинэн кобуратыттан бэстилиэтин ороон эрэрэ. Аны туран, “макаровка” майгынныыр курдуга. Хайыахпыный, куоппутум. Холомо сир анныгар турар, биһиги турар сирбит адьас үөһэ этэ. Онон үөһэттэн аллара диэки туох баар күүспүнэн сүүрбүтүм. Ол истэхпинэ, бэстилиэтинэн иккитэ ыппыта, хата, таппатаҕа. Биир буулдьа олох кулгааҕым аттынан иһиирэн ааспыта. Истэрим мөлтөх буоллаҕа, урут “макаровынан” ыппыт аҕай киһи буоллаҕым, буулдьата хайдах иһиирэн ааһарын эндэппэккэ билэрим. Ол эрээри, бу сырыыга арыый атын тыас этэ. Куотан дьиэбэр киирбитим. Кыһыл ытыспынан эрэ турар киһи буоллаҕым. Ылбычча быһах да, сүгэ да чугас суохтара. Кэргэним саата сиэйпэҕэ баарын өйдүү биэрбитим. Күлүүһэ ханна баар этэй диэн толкуйдаан ылбытым. Хата тута өйдөөн, күлүүһү була охсон, сиэйпэни арыйар түбүгэр түспүтүм. Сааны кытта үс ботуруону эрэ ылбытым. Тахсан иһэн ыһыллан сыппыт сааны хомуйа охсубутум. Холомобут хас даҕаны ааннаах. Онон эрдэ сылдьыбатах, билбэт киһи тута ылла да киирбэт. Ааннары арыйан тахсыбытым, арай киһим уун утары иһэрэ. Аҕыс миэтэрэлээх сиргэ… Ытым утары тахсыбыта. Онуоха иккитэ ытта эрээри, мин диэки буулдьа ааспатаҕа, ол аата ыты ыппыт. Утары ытыахпын, сабыылаах сарай иһигэр этим. Ол иһин инники диэки сыҕарыйан, олох аллара турбутум. Холомом сиргэ тимирэн турар буоллаҕа дии. Ол туран, массыыната барбытын, онно бар, тугу гына сылдьаҕын диэн нууччалыы хаһыытаабытым уонна саабын өрө тутан туран, салгыҥҥа ыппытым. Ол кэмҥэ хараҥа этэ, сырдыы илигэ. Онон хайдах да миигин бу диэн таба көрөр кыаҕа суоҕа. Түөрүйэ уонна быраактыка быһыытынан, саа ытарыгар уот кыламныырын көрөн, онно утары ытааччылар. Ити түөрүйэ тута бигэргэтиллибитэ, киһим үстэ субурутан ыппыта. Кэнники силиэдэбэтэллэр көрбүттэринэн, олох үчүгэйдик ытар киһи эбит, ол үс ыппыт буулдьата биир сиргэ түспүттэр. Киһим арыый чугуйан, эргэ бэсиэдкэ диэки тиийэн турбута уонна эмиэ ытыалаабыта. Уопсайа, аҕыс буулдьаны таһаарбыта.
Аттыбытыгар биир ыал олороро. Олортон ким эрэ кэлиэ диэн салгыҥҥа үөһэ биирдэ ытан баран, өссө хаһыытаабытым эҥин. Биир ботуруоннаах хааламмын, холомобор төннөн киирэн, 20‑чэ ботуруону сиэппэр уктан тахсыбытым. Ол тахсан баран, куттуур, уолутар сыалтан хаста даҕаны салгыҥҥа ыппытым. Онуоха киһим куоппута, кэнниттэн сырсыбытым, 15 м тэйиччи иһэммин эмиэ куттаан хаста да салгыҥҥа ытыалаабытым. Киһим куотан от уурар сир диэки тиийбитэ уонна маҥан өҥнөөх кэнсиэрбэни ылан, ону өрө тутан хаһыытаабыта. Мин кулгааҕым истэрэ мөлтөх буолан, туох диирин бу диэн истибэтэҕим эрээри, илиитин ууммутуттан бэриммитин тута өйдөөбүтүм. Арыый чугаһаан хомбуойдаабытым. Киһим ол иһэн, били, панеллар аттыларыгар кэлэн олорунан кэбиспитэ. Ону үөһэ салгыҥҥа ытыалаан куттаан, олох массыынаҕар бар диэн ол диэки хаамтарбытым. Салгыы массыына диэки бардыбыт. Суумкаларын ыларын туһунан эппиппэр, олох кыккыраччы аккаастаан кэбиспитэ. Шлагбаум аттыгар тиийдибит. Этэҥҥэ улгумнук барбытын иһин саабын санныбар сүгэн кэбиспитим. Олох чугаһаан хаалбыт этим киниэхэ, биэс миэтэрэттэн чугас…
Арай киһим эмискэ эргиллэ биэрдэ даҕаны мин диэки ыстанна. Хайдах да саабын ылар кыаҕым суоҕа. Онон эргиллэ биэрээт куоппутум, уҥа диэки мастар быыстарынан ойбутум. Киһим адьас кэннибиттэн бу иһэр, олох тыына субу иһиллэрэ. Ыксаан эргиллибитим, онуоха түөһүм аһыйа түспүтэ, быһаҕынан аспыта. Хараҥа буолан, хайдах-туох биилээҕи тута сылдьарын көрбөтөҕүм. Быһах тыҥабар тиийбит буолан, тута икки атахпар тобуктуу түспүтүм. Кини ыйааһына бэрт буолан, түҥнэри анньан кэбиспитэ. Ол суулларбар саам атын сиргэ эһиллибитэ. Быһаҕын ыла сатаан икки илиим тарбахтарынан биилиттэн туппутум. Илиибин икки өттүнэн быспыппынан быһаҕа икки өттүнэн биилээҕин тута билбитим. Итинник ыксаллаах түгэнтэн дьон бөҕөнү үөрэппит уопуттаах киһи буоллаҕым. Тустаах ньыманы оҥороору, кинини кытта кэпсэтэ сатаатым. Ыйытыылары биэртэлээбитим. Онно эппиэттээн саҥарар кэмигэр быһаҕы орообутум уонна хаҥас диэки элиппитим. Түҥнэри анньан баран, ойон турбутум. Киһим саабын ылан эрэр эбит. Онуоха урут түһэн ылбытым уонна уҥа атахпынан төбөтүн хаҥас өттүгэр тэппитим.
Быһаҕынан тыҥаҕа диэри анньыллыбыт киһиэхэ биир эрэ чаас баар, онон суһаллык Дьокуускайы булуохха наада диэн санаа киирбитэ. Киһини уонча мүнүүтэ турбатын курдук приему туһанан тэппитим. Онон куотарга син бириэмэ баар курдуга. Мучумааннана турбут сирбититтэн 80‑ча м ыраах ыал дьиэтэ баара, онно сүүрэн тиийбитим, ким даҕаны суоҕа. Салгыы гарааспар тиийэн, массыынабын таһаарбытым. Сибээс ол саҕана биһиэхэ суох этэ. Холомобор киирэн суотабайбын ылбытым. Ити кэмҥэ хааным тохто сылдьара. Массыынабар баран иһэн көрбүтүм, киһим суумкалара сыталлара. Ону ылан массыынабар бырахпытым уонна шлагбаумҥа айаннаан тиийбитим. Арай, киһим утары иһэр эбит. Бу кэмҥэ төһө да хараҥатын иһин паарам уотун холбообокко испитим. Суолун билэрим бэрт буоллаҕа. Утары иһэрин көрөөт, массыынабын эрийэ тутаат, атын суолунан ыстаннарбытым. Мин шлагбауммун аһыахтаах буоллаҕым, эрдэ күлүүһүнэн хатаан кэбистэҕим. Мас быыһыгар тохтоон баран, син этэҥҥэ сүүрэн тиийэн, шлагбаумы арыйбытым. Массыынабар олорон, эргитэн эмиэ мастарым быыһынан сүрүн суолга киириибэр киһим бу иһэр эбит. Биэс м чугаһаабытын кэннэ ытыам диэн хаһыытаабытым уонна үөһэ ыппытым. Онно олох наадыйбата. Биир ботуруоннаахпын өйдөөн эбии ииттибитим. Киһим бу тиийэн кэлбитэ, үс миэтэрэ курдук. Хаһыытаабытым… Хаамыытын кэтээн туран, аллара сиргэ ыппытым. Оннук прием баар. Итинник ыттахха, буулдьа салгыныттан киһи охтон түһэр. Таайбытым курдук, массыынам иннигэр киһим сууллан түспүтэ. Ол иһин тимир көлөбүнэн тумнан тахсан, Дьокуускай диэки уруулбун туппутум. Бүлүү суолугар тахсан иһэн көрбүтүм, ойуур быыһыгар, били, УАЗ-Патриот массыыналара турар этэ.
Сибээс 22‑с км-дээх сиргэ турар телевышка аттыттан эрэ хабар. Ити аттыгар тиийээт да маҥнай убайбар, онтон күтүөппэр эрийбитим. Ылбатахтара. Хаста даҕаны эрийбитим. Ол иһин Кэҥкэмэҕэ ыаллыы олорор Марина Спиридоновна төлөпүөнүгэр эрийбиппэр, хата, тута ылбыта. Барытын туох быһылаан буолбутун кэпсээбитим. «Суһал көмөнү» уонна полицияны ыҥыр диэбитим. Куоракка киирэн, ГАИ поһун аттыгар кэлбитим, ким даҕаны суоҕа. Ол иһин, Маринаҕа иккистээн эрийэн, “Суһал көмө” утары кэлбэтэх, онон дьиэбэр тиийиэм диэн быһаарбытым. Дьиэбэр кэлбитим, эмиэ ким даҕаны суох. Ким эрэ биллэр ини диэн олордохпуна, Марина Спиридоновна тиийэн кэлбитэ. Ол быыһыгар кыыспар Туйаараҕа эрийэн, бу алдьархай буолбутун эппитим. Сотору буолаат, күтүөтүм кэлбитэ. Марина Спиридоновнаҕа туох быһылаан буолбутун туһунан кэпсээбиппин барытын суотабайыгар устубута. Ити бириэмэтэ 4 чаас 24 мүн. этэ. “Суһал көмө” кэлээтин кытта ханнык эмтэргэ аллергиялаахпын туһунан этэн баран, өйбүн сүтэрбит этим. Эпэрээссийэлээн баран, уопсай палаатаҕа илдьээри турдахтарына, биирдэ өйбөр киирбитим. Онон буолбут сабыытыйа итинник этэ.
Туоһу суох…
— Ити быһылааҥҥа туоһу суох диэбиттэрэ иһиллэр.
— Бу дьыала силиэстийэтэ сылтан ордук кэм барда. Ол киһини бастаан бэйэм ыппыт курдук силиэстийэлээн испиттэрэ. Бастаан утаа силиэстийэҕэ 105‑с ыстатыйанан ол аата киһини соруйан өлөрүү (умышленное убийство человека) диэнинэн салайтарбыттара. Ол эрээри, соруйан дуу, итирик сылдьан дуу диэнэ чуолкай биллибэтэ. Кэлин ити буруйу 111‑с ыстатыйанан ол эбэтэр доруобуйаҕа ыарахан быһыыны оҥорбут диэнинэн ыыппыттара. Онон үс сылга көҥүлүн быспыттара. Суут тоҕуста мунньахтаабыта. Онуоха апелляцияҕа биэр диэн сүбэлээбиттэрэ. Ол эрээри, үс сыл дуу, биэс сыл дуу, уон сыл дуу көҥүлэ быһыллан олорбутун иһин онтон доруобуйам хайдах да төннүбэт буоллаҕа. Туох да оруола суох буоллаҕа. Ол иһин апелляцияны биэрбэтэҕим. Анараа киһи албакааттарын кигиилэринэн кини миигин быарга охсон, бэстилиэтинэн ытыалаабытын олох да көтүртэрэ сатыыр. Суут бырассыаһын кэмигэр итини букатын ыллара сатаабыттара. Ону Дьокуускай куорат суута хара маҥнайгыттан барытын хайдах баарынан сөпкө көрбүтэ. Анараа киһи апелляцияҕа биэрбитэ. Үрдүкү Суут судьуйалара ити мин кэпсээбиппин ортотуттан быһан ылан баран, түҥнэри ытыйан кэбиһээри гыммыттара.
Быһылаан буолбутун кэнниттэн полициялар түөрт чаас буолан баран, ол эбэтэр аҕыс чааска биирдэ тиийбиттэр этэ. Ол тиийэн бэсиэдкэ аттыттан бэстилиэт үс буулдьатын булбуттар. Бу барыта вещественнай дакаастабыл диэн буолар. Анараа киһи бастакы араспаанньата Батурин диэн эбит. Кэлин Ермолов буолбут. Бу киһи миигин бастаан ыппыта диэн этэр. Ону иэстэһэн быһаҕынан аспытым диир. Өссө саа прикладынан оройго сырбаппыта диэн эбэн биэрэр. Хаанынан оҕуолуу сытар киһини быраҕан баран, Дьокуускайдаабыта диэн эбэн биэрэр. Миигин бастаан быарга саайбытын, быһаҕынан аспытын туһунан адьас билиммэт. Үрдүкү Суукка инньэ диэн киллэрбит этэ.
Онуоха, мин кэпсээбиппэр туоһу суох диэн этэллэр. Дьиҥинэн, туоһу элбэх. Ол курдук, Глонасс-БДД диэн спутниковай сибээс баар. УАЗ-Патриот массыына судаарыстыбаннай нүөмэрэ онно киирэ сылдьар. Ол массыына хайдах, ханан сылдьыбыта, барыта онно тиһиллэн иһэр. Куорат суутугар тустаах массыына хайдах сылдьыбыта ол спутниковай да сибээһэ суох барыта биллэр диэбиттэрэ. Иккиһинэн, ойуур баһаарын көрөр туспа Глонасс диэн баар. Ыам ыйын 11 күнүгэр СӨ Экологияҕа министиэристибэтигэр Саха сиригэр түөрт улууска уонна Дьокуускайга ойуур баһаарын утары тэрээһини ыытар инниттэн ойуурга мээнэ сылдьыы көҥүллэммэтин туһунан дьаһал тахсыбыта. Ол аата, ити күн ойуур баһаарын көрөр-истэр, булар аналлаах Глонасс холбонон үлэлээбитинэн барбыта. Архыыбыгар киирэн, ыам ыйын 12 күнүн көрдөххө, ити быһылаан хайдах-туох буолбутун туһунан кэпсээбиппин барытын киинэ курдук көрүөххэ сөп. Расшифровкалаатахха, барыта көстөн кэлэр. Маны сууттар да, силиэдэбэтэллэр да туһамматахтара. GPS диэн баар, бу — американскай систиэмэ. Америкаҕа баар тустаах исписэлиистэргэ тахса сырыттыбыт. Ону төлөбүргэ расшифровкалыахпытын сөп диэбиттэрэ. Этэргэ дылы, туох баар хартыынатыттан саҕалаан өссө тугу кэпсэппиккитигэр тиийэ барытын таһааран биэриэхпитин сөп диэн эппиттэрэ. Быһылаан өскөтүн дьиэ иһигэр буолбакка, аһаҕас сиргэ буолбут буоллаҕына, барыта кыаллар кыахтаах диэн быһаарбыттара. Ити быһылаан барыта таһырдьа, аһаҕас сиргэ буолбута. Бу систиэмэ Кытайга эмиэ баар.
Утары киирсии…
— Эйигин утары дьыала биэрбитэ иһиллэр.
— Анараа киһи быйыл саас утары суукка дьыала биэрэн, миигин элбэхтик ыҥыран, икки бөлөх силиэстийэлээбитэ. Хаста даҕаны Кэҥкэмэҕэ тахса сырыттылар. Аҕыйах хонуктааҕыта ити силиэстийэлээбит бөлөхтөр анараа киһи туруорсуута барыта сымыйатын туһунан дьаһалы таһаарбыттара. Үрдүкү Суут быһаарыытыгар сөпсөспөт буоллаххына, Владивостокка баар тохсус кассационнай суукка алта ый иһинэн апелляцияны биэриэхтээххин диэн эппиттэрэ. Мин, биллэн турар, адьас сөпсөспөтүм туһунан апелляцияны биэрэбин.
— Доруобуйаҥ билигин хайдаҕый?
— Бүгүҥҥү туругунан, доруобуйам үөтэтэ суох. Балыыһаттан эпэрээссийэлэнэн тахсан баран, кыайан тыыммат да этим. Хата, үчүгэйдик эпэрээссийэлээбит буолан, син эриһэн сылдьабын. Ону тэҥэ, бэйэбин көрүнэрим бэрт. Пробиотиктарынан күүскэ эмтэнэбин. Быарым бэрдэ суох, ол айылаах күүскэ охсуу кэнниттэн итинник буолла. Быйыл сайыны быһа быарым ыалдьан, чааһынай поликлиникаҕа көрдөрбүтүм. Ый кэриҥэ көрдөрөн, эмтэммитим үрдүнэн ааспатаҕа. “Суһал көмөнөн” Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһаҕа киирбитим. Онно да киирэн улахан туһаны ылбатаҕым. Икки нэдиэлэ эмтэнэн баран тахсыбытым уонна сарсыҥҥытыгар эмиэ “Суһал көмөнү” ыҥыртаран төттөрү киирбитим. МРТ-нан көрөн, үөспэр уонна быарым тымырыгар таас баарын билбиттэрэ. Инньэ гынан, Медкииҥҥэ илдьэн, эпэрээссийэлээн үөспүн эрэ ылан бырахпыттара. Оттон быарга баар таас кырата бэрт буолан, кыайан ылбатахтара. Онно өссө оһоҕоспор таас баарын билбиттэрэ. Онон икки уоргаммар таастардаахпын. Таас туохтан, хайдах үөскүүрэ науканан билигин да быһаарылла илик дииллэр. Биллэн турар, биир бэйэм ити кырбаныыттан үөскээтэ диибин. Онон ити быһылаантан хаарыан доруобуйам адьас улаханнык айгыраата. Син этэҥҥэ атахпар турарбар баар-суох киһим, кэргэним Диана Васильевна, өҥөтө тугунан да кэмнэммэт, сыаналаммат. Олус үчүгэйдик, болҕомтолоохтук көрөр-истэр.
Сэһэргэстэ Иннокентий Васильев.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: