Анатолий Григорьев: «Байыастарга көмө тиһигин быспат»
Дьиэ кэргэттэргэ улуус уонна нэһилиэктэр дьаһалталарын өттүлэриттэн олохтоммут балачча элбэх көмө уонна өйөбүл оҥоһуллар.
Ону таһынан үлэ кэлэктииптэрин уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр өттүлэриттэн эбии өйөбүл миэрэлэрэ ылыллан үлэлииллэрин, буойуттарга көмө тиһигин быспатын туһунан Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Григорьев кэпсээтэ:
— Сунтаар улууһугар байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһүүгэ анал ыстаап, «Ыччат бэлиитикэтин отдела» МКУ баазатыгар буойуттар дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһөр ыстаап, маны сэргэ хас биирдии нэһилиэккэ эмиэ маннык ыстааптар тэриллэн үлэлииллэр. Байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын хас биирдии дьиэ кэргэнигэр олох-дьаһах, кирэдьиит, оҕо саадын, социальнай өйөбүл курдук олохтоох салалта болҕомтолоох сыһыанын ирдиир араас кыһалҕалар бааллар. Улуус дьаһалтата кинилэргэ көмөлөһүүгэ социальнай өйөбүл кэккэ дьаһалларын ылыммыта.
Улуустан төрүттээх байыаннай сулууспалаахтарбытыгар судаарыстыбаттан уонна улуустан көрүллэр үп-харчы өттүнэн өйөбүл оҥоһуллар. Буойуттарга биир кэмнэээх 50 тыһыынча солкуобай туттарыллыбыта. Бүгүҥҥү туругунан улуустан 102 байыаннай сулууспалаахха барыта холбоон 5 100 000 солкуобай төлөннө.
Ону таһынан улуус таһымыгар байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэригэр 15 тыһыынча солкуобайдаах биир кэмнээх төлөбүрү бигэргэтэр уураах ылыллыбыта. Аллаҥа, Бордоҥ, Кириэстээх, Куокуну, Кэмпэндээйи, Түбэй Дьаархан, Устье, Элгээйи нэһилиэктэриттэн байыаннай сулууспалаахтар 38 дьиэ кэргэттэригэр уопсайа 112541 солкуобай суумалаах матырыйаалынай көмө оҥоһуллубута.
Улуус дьаһалтата буойуттарга уопсайа 7 155 192 солкуобайга байыаннай таҥаһы, туттар малы-салы, эми-тому (тепловизордар, квадрокоптердар, генератордар, портативнай аккумулятордар, флис мааскалар, рациялар уо.д.а.) хааччыйбыта. Сунтаар улууһун социальнай экэнэмиичэскэй сайдыытыгар пуондатыттан уопсайа 1 051 635,00 солкуобайдаах үбүнэн байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьар буойуттарга наадалаах автотранспорт, медицинскэй препараттар уо.д.а. ылыллан, биир дойдулаах байыастарбытыгар ыытыллыбыта. Маны сэргэ 19 720,00 солкуобайдаах сууманан «Саха сирин ийэлэриттэн итии тапталынан» аахсыйанан тигиллэр таҥас матырыйаала, тепловизионнай уонна коллиматорнай прицеллар, монокулярдар, радиостанциялар, көмүскүүр хаххалар, шевроннар уо.д.а. атыылаһыллан, булуллан, уолаттарбытыгар тиксэриллибитэ.
Бүгүҥҥү туругунан 40 киһи судаарыстыбаннай эбэтэр муниципальнай бас билиигэ баар сир учаастагын түүлэһии уонна итиннэ иэс иһин төлөбүртэн босхоломмута. Билигин бары нэһилиэктэргэ маннык быһаарыылары ылынан толоро олороллор.
Үөрэхтээһин эйгэтигэр улуус үөрэххэ управлениетын дааннайынан, буойун байыаннай сулууспаҕа сылдьар кэмигэр оҕо саадын төлөбүрүттэн 43 иитиллээччи төрөппүтэ босхолонно, 5-11 кылаастарга үөрэнэр 29 оҕо босхо аһылыгынан, 55 оҕо өрөспүүбүлүкэ иһигэр оҕо сайыҥҥы сынньанар лааҕырдарыгар босхо путевканан хааччылыннылар. Уопсастыбаннай тырааныспарга босхо айан, култуура тэрээһиннэригэр босхо сылдьыы, балыыһаҕа көрдөрүүгэ чэпчэтиилэр уо.д.а. өйөбүл, көмө араас көрүҥэ үлэлии тураллар.
Дьиэ кэргэттэргэ улуус уонна нэһилиэктэр дьаһалталарын өттүлэриттэн олохтоммут балачча элбэх көмө уонна өйөбүл оҥоһулларын таһынан үлэ кэлэктииптэрин уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр өттүлэриттэн эбии өйөбүл миэрэлэрэ ылыллан үлэлииллэр. Хас биирдии нэһилиэккэ байыастар дьиэ кэргэннэрин өйүүр, кинилэргэ көмөлөһөр волонтердар ыстааптара үлэлииллэр, барыта 400-тэн тахса тимуровскай көмө оҥоһулунна.
Алтынньы 18 күнүттэн гуманитарнай көмөнү тутар #БАРЫ БИИРГЭ пуун үлэлиир. Бу аахсыйа үлэтигэр Сунтаар улууһун бары уопсастыбаннай тэрилтэлэрэ кытта сылдьаллар. Улуус үрдүнэн хомуллубут гуманитарнай көмө СӨ Волонтер ыстаабыгар ыытылла турар.
Уолаттарбыт байыаннай эпэрээссийэттэн этэҥҥэ эргиллэн кэлэллэрин туһугар биһиги тугу да кэрэйбэппит, баарбытынан-суохпутунан туох наадатынан бары өттүнэн көмөлөһө олоробут. Сунтаар улууһун байыастарыгар көмө тиһигин быспакка салҕанар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: