Анатолий Кочетов: «Саха сиригэр анаан сөмөлүөттэри тутуу — улахан суолталаах ситиһии!»
Петербурдааҕы норуоттар икки ардыларынааҕы экэнэмиичэскэй пуорум кэмигэр Саха сирэ кэккэ улахан суолталаах сөбүлэһиилэри түһэристэ. Олортон биир сүдү суолталаахтара — “”Якутия” авиахампаанньаҕа анаан 12 сөмөлүөтү тутуутун туһунан сөбүлэһии.
Бу туһунан Саха сирин салгын тырааныспарын бочуоттаах үлэһитэ, авиация бэтэрээнэ, “Аэропорт Якутск” акционернай хампаанньа генеральнай дириэктэрин сүбэһитэ Анатолий Кочетов санаатын үллэһиннэ:
— Сабыс саҥа Ту-214 сөмөлүөттэр Саха сиригэр кэллэхтэринэ өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар биллэр тупсуу тахсара саарбаҕа суох. Бу олус туһалаах ситиһии буолар, билигин Саха сиригэр сөмөлүөт тиийбэтэ уустуктары үөскэтэр. Мантан сылтаан рейс хойутааһына үөскүүр, ону таһынан сорох көтүөхпүтүн баҕарар хайысхаларбытыгар дьону тиэйэр кыахпыт суох. Билигин саамай сүрүн кыһалҕа – сурукка киирбити түргэнник олоххо киллэрии.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: