Анатолий Кырдьаҕааһап: «Саха сирэ, өрүү иннибит хоту!»
Арассыыйа чөмпүйэнээтигэр чэпчэки атлетикаҕа Саха сирин спортсменнара сөҕүмэр ситиһиилэннилэр.
«Бүгүн Саха сирин атлеттара өрөгөйдөөх ситиһиилэрин туоһутунан буоллум!», — диэн туран, «Водоканал» АУо генеральнай дириэктэрэ Анатолий Кырдьаҕааһап телеграм-ханаалыгар спортсменнар ситиһиилэрин сырдатта:
«100 км ультрамарафоҥҥа 7 чаас 25 мүнүүтэ түмүгү ситиһэн, дьахталларга Надежда Бут бочуоттаах 1-кы миэстэни ылла, оттон Изабелла Борисова 3-с миэстэҕэ тигистэ (көрдөрүүтэ — 7 чаас 41 мүнүүтэ).
Эр дьоммут 4-с, 5-с уонна 9-с миэстэлэргэ тигистилэр. Александр Моедо 6 чаас 52 мүнүүтэ көрдөрүүлээх, Василий Лукин уонна Альберт Варламов эмиэ бэркэ сүүрдүлэр. Надежда Бут норуоттар икки ардыларынааҕы спорт маастарын нормативын толордо, оттон Александр Моедо — РФ спордун маастарынан, Василий Лукин — спорт маастарын хандьыдаатынан буоллулар. Ол түмүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин хамаандата
итэҕэтиилээхтик
1-кы миэстэни ылла. Билигин биһиги
чопчу ханнык хайысханан сайдарбытын чопчулаатыбыт уонна 2000 сыллар саҥаларыгар мөлтүү сылдьыбыт марафонскай уонна ультрамарафонскай дистанцияларга инники күөҥҥэ сылдьар таһымы баһылаатыбыт. Саха сирэ, өрүү иннибит хоту!»
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: