Салгыы
Анатолий Николаев – 50 сыллааҕы шепкинецтэртэн биирдэстэрэ

Анатолий Николаев – 50 сыллааҕы шепкинецтэртэн биирдэстэрэ

06.07.2024, 16:00
Саха тыйаатырын (В.Васильева) хаартыскалара
Бөлөххө киир:

Былатыан Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырыгар 2024 сыл — ураты сыл. Ол курдук, М.Щепкин аатынан тыйаатыр үрдүкү училищетын  үһүс устуудьуйата үөрэҕи бүтэрбиттэрэ 50 сылларын бэлиэтииллэр. 1974 сыллаахха Москваҕа артыыс үөрэҕин бүтэрэн, Саха тыйаатырыгар уонна Ньурбатааҕы көһө сылдьар тыйаатырга үлэлии кэлбит эдэркээн ыччаттар саха ускуустубатын устуоруйатыгар биллэр-көстөр суолу-ииһи хаалларан, бу тыйаатырдар тумус туттар дьонноро буолан, күн бүгүҥҥэ диэри ситиһиилээхтик үлэлииллэр.

Сүрүнэ – тыйаатыр былыргы тыынын эттэригэр-хааннарыгар иҥэринэн илдьэ сылдьар чулуу дьоммут эдэр көлүөнэ артыыстарга үтүө холобуру көрдөрөллөр, биир сыанаҕа оонньоон сүбэ-ама буолаллар. Дыраама уонна киинэ артыыһын бүтэрбиттэрэ үйэ аҥаара буолбут устуудьуйа үбүлүөйдээх сылынан араас тэрээһиннэр ыытыллаллар. Олортон биирдэстэрэ –Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас сылларын чэрчитинэн, РФ үтүөлээх, СӨ норуо­дунай артыыстара Изабелла уонна Анатолий Николаевтар »Тыйаатыр дьоно» бырайыакка ыалдьыттаатылар, таптал­лаах көрөөччүлэрин кытары атах тэпсэн олорон сэһэргэһиилэрэ.

Кырдьыга даҕаны, артыыс­тары кытары атах тэпсэн олорон кэпсэппэтэх, кинилэр сэргэх кэпсээннэрин сэҥээрэ истибэтэх ырааппыт да эбит! Дьэ, маннык көрсүһүүлэргэ артыыстар саҥарар саҥаларыттан, этэр тылларыттан саха тылын сүөгэ­йин-сүмэтин иҥэринэргин сэргэ, элбэх араас устуоруйаны билэҕин, умна быһыытыйбыккын санаан кэлэҕин. Онтон норуодунай артыыс Анатолий Николаев ыллыктаах тылын-өһүн, сыанаҕа туттар-хаптар маастарыстыбатынан көрөөччүнү абылыырын тутан олорон көрүөн-истиэн баҕалаах аҕыйаҕа суоҕа сэрэйиллэр этэ.

Анатолий Николаев кэпсэтиини бэрт ыраахтан, Саха сиригэр култуура, тыйаатыр төрүттэммит устуоруйатыттан саҕалаан, билиҥҥи кэмнээҕи көстүүлэргэ тус көрүүлэрин үллэһиннэ, сорох түгэннэргэ көрөөччүнү толкуйга түһэрэн ылла.

Саха тыйаатырын (В.Васильева) хаартыскалара

Тылбаастаммыт айымньылар суолталара сүппэт

Анатолий Николаев испэктээктэктэртэн быһа тардыылары көрдөрүөх иннинэ, испэктээк турбут устуоруйатыттан кылгастык билиһиннэрэн, көрө илик эдэр көрөөччүнү бэлэмнээтэ, оттон сорохтору ол ааспыт кэмнэргэ төнүннэрэн ылла.

– 1921 сылтан Сахабыт ты­­йаа­тырын дириэктэринэн үлэлээбит Анемподист Софронов-Алампа Саха тыйаа­тыра сайдарыгар бигэ тирэҕи уурбута, кини айымньылара биһиги тыйаатырбытыгар элбэхтик турбуттара. Саха суруйааччыларын айымньыларын сыанаҕа туруорары ыраахтааҕы цензурата бобон кэбиспитэ, инньэ гынан тылбаастары оҥорон барбыттара. Онно сүнньүнэн Алампа үлэлээбитэ. Биһиги улуу кырдьаҕас артыыстарбыт Островскай айымньыларыгар буспуттара-хаппыттара, маастарыстыбаларын үрдэппиттэрэ.

»Өрөбөлүүссүйэ буурҕаһыта» Максим Горькай айымньытын аан бастаан Алампа тылбаастаан, сыанаҕа туруорбуттара. Кэлин Дмитрий Ходулов »Түгэххэ» пьеса биир сүрүн уобараһа Сатины илбистээхтик арыйбыта күн бүгүҥҥэ дьиэри өйбөр-санаабар иҥэн сылдьар. Ол курдук, Горькай биһиэхэ куруук »чугаһыы» турар. Эдэр режиссербут Сергей Потапов эмиэ бэйэтин көрүүтүнэн туруор­бута. М.Горькай »Тимир Баассатыгар» 100 сыл­лааҕыта суруйбут кыһалҕалара билигин да баар буолан, аныгы тыйаатырга туруоруллаллар. Сатирическай кэмиэдьийэ нуучча классикатыгар Николай Гогольга, онтон сахаларга Николай Неустроевка баар. Режиссербут Василий Михайлович Фомин суру­йааччы, драматург Николай Неустроев айымньыларын ис-иһиттэн баҕаран туран, олох чахчы умайыктанан туран туруорара.

40-ча сыл анараа өттүгэр Федот Федотович Потапов Шекспир «Гамлет» айымньытын туруорбута. Миэхэ, эдэр артыыска, Гамлет оруолун биэрбиттэрэ. Ол саҕана эдэр, максималист киһи бу олоххо үрүҥ уонна хара өҥтөн атыны көрбөт эбиппин. Дьиҥэр, олоххо тыһыынчанан өҥ баар буоллаҕа. Билигин санаан көрдөххө, Гамлеты олох атыннык толкуйдаан таһаарыахха сөп эбит. Биһиги Гамлеммыт бөлүһүөгү, дьиктитик ыраҥалыыр киһини оонньообута. Николай Гоголь «Кэргэн кэпсэтии» пьесатын тыйаатыр сүрүн режиссера Андрей Борисов туруорбута. Бу айымньы Саха сирин барытын кэрийбитэ. 1985 сыллаахха Москваҕа «Современник» тыйаатырга сэттэ испэктээги, ол иһигэр »Кэргэн кэпсэтиини» илдьэ барбыппытыгар оччотооҕу кириитиктэр, ты­­йаатыр эйгэтин суруйар дьоммут олус сөбүлээбиттэрэ. »Маннык национальнай тыйаатыр биһиги Сэбиэскэй сойууспутугар баар буолуо диэн түһээн да баттаппатахпыт», — диэбиттэрэ. Ол аата биһиги 1985 сыллаахха Сэбиэскэй сойууска Саха ты­­йаатыра баарын биллэрбит эбиппит, – диэн Анатолий Николаев тылбаас тыйаатырга улахан суолталааҕын санатта.

Улуулардыын биир сыанаҕа

«Мин бу күннэргэ наар улуу кырдьаҕастарбытын санаан таҕыстым», – диэн Анатолий Павлович мээнэҕэ эппэтэ. Кини тыйаатыр аксакала Дмитрий Ходулов 1974 сыллаах­ха саҥа сүүрээн киирэр буолбутуттан хайдахтаах курдук үөрбүтүн, өрө көтөҕүллүбүтүн аҕынна. Эдэркээн Анатолий аан бастаан Степан Ефремов »Ини-биитигэр» Дмитрий Ходуловтыын оонньообут дьоллоох.

­Анатолий Николаев:

– Дмитрий Ходулов уҥуоҕунан соччо улахана суох киһи ээ. Ол гынан баран, сөҥ куолаһынан саҥаран-иҥэрэн, көрөн-истэн, туттан-хаптан бардаҕына, сыананы барытын ылан кэбиһэрэ. Оннук хайдах эрэ айылҕаттан күүстээх айылгылаах киһи этэ. Биһиги тыйаатырбыт итинник артыыстары улуу талаан­наах дьонунан билинэр.

Манна сыһыаран эттэххэ, өссө биир дьикти баар. Биһиги 1974 сыллаахха тыйаатырга кэлиэхпитигэр диэри Саха тыйаа­тыра биир үгэстээҕэ – атын омук испэктээктэрин туруоралларыгар дьоруойдар хайаан да сирэйдэригэр гириим оҥостоллоро, парик кэтэллэрэ эбэтэр баттахтарын кырааскалаталлара. Негры оонньуур буоллаххына, букатын даҕаны хара өҥүнэн гириимнэнэллэрэ. Онтон биһиги тыйаатырга туох эмэ уларыйыыны киллэриэххэ диэн сыал-сорук туруорумматахпыт да үрдүнэн, нуучча классическай театральнай оскуолатын бүтэрэн кэлбит дьон тыйаатыр олоххо чугаһыахтаах диэн санаат­тан эбитэ дуу, гириимтэн аккаастанан барбыппыт. Дьиҥэр, ол сыыһа эбит. Санаан көрүҥҥүтүүй: Дмитрий Ходулов, Матрена уонна Марк Слепцовтар, Яков Кычкин уо.д.а. артыыстар сыанаҕа киһи билбэт гына хайдахтаах курдук уларыйаллар этэй? Ити Саха тыйаатырын дьиҥнээх кылаата, төрүтэ эбит. Ону биһиги аргыый аҕай суох оҥорбут эбиппит. Дэлэҕэ даҕаны Суорун Омоллоон »Көҥүл итии күнэ» испэктээги көрөн баран: «Бээ-эрэ, негрдаргыт ханналарый?» – диэ дуо? Оҕонньор бас­таан сөбүлээбэтэҕэ…

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
22 декабря
  • -38°C
  • Ощущается: -38°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: