Бүгүн, алтынньы 11 күнүгэр, РФ үтүөлээх, СӨ норуодунай артыыһа Анатолий Николаев 75 сааһын туолар.
Анатолий Павлович уонна М.Щепкин аатынан тыйаатыр үрдүкү училищетыгар үөрэммит саха үһүс устуудьуйата үөрэҕи бүтэрбиттэрэ 50 сылынан араас тэрээһиннэр ыытыллаллар. Тыйаатыр бу ыйдааҕы репертуарыгар киирбит испэктээктэр бары “көмүс устуудьуйа” артыыстарыгар ананнылар.
Анатолий Николаев киинэҕэ, сериалларга оонньуур артыыс быһыытынан эмиэ биллэр. Бэҕэһээ, “Лена” киинэ тыйаатырыгар кини сүрүн оруолга оонньообут “Хандьытаат” киинэтигэр көрөөччүлэр кэлэн, артыыһы уонна «Сахафильм» дириэктэрэ Алексей Егоровы кытары көрүстүлэр, киинэни көрдүлэр.
Онтон бүгүн Баһылай Харысхал суруйуутунан Андрей Борисов туруоруутугар, Анатолий Николаев оонньообут “Эргиллиэм хайаан да…” испэктээгэр хас эмэ сылынан эргиллиэҕэ.
Норуодунай артыыс этэринэн, саамай дууһатынан, өйүнэн-санаатынан чугаһаппыт оруолунан Манньыаттаах уола буолар. Бу оруолу оонньооботоҕо уонча сылга чугаһаабыт. Онон бүгүн испэктээккэ уонна сыанаҕа эргиллии долгутуулаах күнэ!
Анатолий НИКОЛАЕВ:
«Биһиэхэ «Эргиллиэм хайаан да…» курдук айымньы хаһан да көрдөрүллэ илигэ. Испэктээккэ саха омугун ырата, кини атын омуктартан итэҕэһэ суох олоруон, сырдыкка тардыһыан баҕарара кэпсэниллэр. Оттон көрөөччүлэр биһиги атын омуктартан туох да итэҕэһэ суох өйдөөх-санаалаах, туруктаах омукпут диэн кынаттаммыттара, бэйэлэрин ыра санаалара туолбутун курдук ылыммыттара, долгуйбуттара, сүргэлэрэ көтөҕүллүбүтэ. Ол аата саха омуга сайдарын туһугар охсуспут сырдык санаалаах уолаттарбыт тустарынан этэр-тыынар кэм кэлбит эбит этэ! Киһи сөҕөрө диэн, испэктээк бүтүүтэ бокулуоҥҥа таҕыстахха, көрөөччүлэр өр да өр сыанаттан ыыппакка таһыналлара. Ол режиссер туруоруута улуутуттан дуу, артыыстар талааннарыттан дуу диэн буолбатах. Олох атын. Алампа эппитэ дьэ, ити сылдьар. Көрөөччүлэр утуйан хаалбыт устурууналарын таарыйтаран, уһуктан, хайдах эрэ саннылара кэннин диэки баран, умса түһэ сылдьыбыттара көнөн, харахтара уоттанан уонна саха норуодунай суруйааччыта Софрон Данилов эппитин курдук, биһиги тоҕо үүтүн тохпут оҕо курдук муннукка саһан сылдьыахтаахпытый, биһиги атын улахан да кыра да омуктартан туох да итэҕэһэ суох өйдөөх-санаалаах омукпут диэн өй-санаа үөскээбитэ. Бу эмиэ — Саха тыйаатырын саамай улахан ситиһиитэ! Итиннэ сытар — тыйаатыр охсуһар охсуһуута, этэр санаата, тыла-өһө.
Саха норуотун сарсыҥҥытын туһунан толкуйдааһын -– Саха тыйаатыра тутуһар сүрүн суола. Биһиги бары сарсыҥҥыбыт былыта суох күннээх буолуоҕар наһаа баҕарабыт. Ол эрээри, барыта биһиги баҕарарбытынан эриэ дэхси буолбат быһыылаах — хаардыыр, тыалырар, буурҕаланар, чысхааннанар. Ол гынан баран, киһи син биир хаһан баҕарар сырдыкка, кэрэҕэ, үчүгэйгэ тардыһар. Ону дьэ, тыйаатыр бэйэтин күүһүнэн этэ, көрдөрө сатыахтаах. Бу испэктээккэ Гавриил Васильевич Никифоров-Манньыаттаах уола кини дьиэ кэргэнэ бүтүн норуот дьылҕата буолан дириҥээн көстүбүтэ».
Дьокуускай былыр Арассыыйа хотугулуу-илиҥҥи өттүгэр форпост эрэ буолбакка, култуурунай, экэнэмиичэскэй, байыаннай, атыы-эргиэн киинэ этэ. [gallery…
Анаабыр оройуонун Үрүҥ Хайа сэлиэнньэтигэр күһүҥҥү хараал кэмигэр булуллубут икки төбөлөөх табаны тутуннулар. Таба олохтоохтор…
Ис дьыала министиэристибэтин Саха сиринээҕи салалтатын 2 №-дээх полиция отделыгар эр киһи харааһыттан электроинструменнарын уорбуттарын…
Бүгүн, сэтинньи 26 күнүгэр, Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университекка Аҕа дойду буойуннарын дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтин салайааччыта…
Хас биирдии идэ туһунан уратылаах, абылаҥнаах буоллаҕа. Арктикатааҕы археология түмэлин үлэһиттэрэ (дириэктэр Елена Соловьева) 2023-2024…
Сэтинньи 23 күнүгэр Суотту нэһилиэгэр Хоноҕордооҕу "Түһүлгэ" сынньалаҥ киинигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, өр сылларга…