Бүлүү улууһугар Тыымпы сэлиэнньэтин сайылыгар ыытыллыбыт Зоотехник-селекционердар өрөспүүбүлүкэтээҕи үһүс куонкурустарыгар ситиһиилээхтик кыттыбыттар ортолоругар Халбаакы олохтооҕо Анатолий Михайлович Самсонов баара. Кини сылгы иитиитигэр кылгастык санаатын үллэһиннэ.
— Зоотехник-селекционердар ортолоругар өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымнаах сүрдээх интэриэһинэй күрэхтэһии буолан ааста. Практическай чааһыгар сылгы арҕаһын үрдүгүн, устатын, агдатын төгүрүмтэтин мээрэйдээтибит. Мээрэйи ылыы племенной үлэҕэ олус суолталаах. Мин хаһаайыстыбабар 30-ча сылгылаахпын. Кыстыгы этэҥҥэ туораабыппыт. Субсидиянан туһанабын. Эти “Сыа Бүлүү” кэпэрэтиипкэ туттарабын. Сылгы иитээччи быһыытынан эттэхпинэ, өртөөһүн ыытыллыбат буолбута олус охсуулаах. Урукку сирдэр өттөммөт буоланнар, сирбит-уоппут кур лаҥхаҕа кубулуйда. Ол да иһин сылгылар дьиэ таһыттан арахпат буоллулар. Сылгыларбын бэйэм көрөбүн-истэбин, миинэр аттаахпын. Быйыл биһиги эргин от үүнүүтэ ортоһуор соҕус. Тыа хаһаайыстыбатыгар уһуннук үлэлээбитим. Биэнсийэҕэ тахсан баран сылгы иитиитинэн дьарыктанабын, — диир Бүлүү улууһун Халбаакытыттан зоотехник-селекционердар үһүс куонкурустарыгар эдэрдэргэ холобур буолар курдук ситиһиилээхтик кыттыбыт Анатолий Самсонов.
А.М.Самсонов үөрүүлээх быһыыга-майгыга РФ үтүөлээх зоотехнигын Диас Сергеев аатынан бириэмийэни туппута. Сылгы иитиитин зоотехниктарын ортолоругар бастаабыта. Онон дойдутугар Халбаакыга 65000 солкуобайдаах сэртипикээттээх, кыайыы-хотуу көтөллөөх тиийдэ.
Хаартыска: ааптар уонна Алексей Николаев (Бүлүү) түһэриилэрэ
От ыйа түмүктэнэр бүтэһик күннэрэ тураллар -- бэтинсэттэн атырдьах ыйыгар үктэнэбит. Атырдьах ыйын өбүгэ саҕаттан…
От ыйын 26-27 күннэригэр Кош-Агач оройуонун Горно-Алтайскай куоратыгар Куйактанар сиргэ СӨ норуотун маастара Иван Павлов…
Аллайыаха улууһугар уу кытыытыгар быраҕыллыбыт эргэ илимҥэ дьиэ хараҥаччыта хам ылларан, мүччү-хаччы мэҥэстэн сытар этэ.…
Саха сирин хамаандата дрон күрэҕэр Уһук Илин уокуру күрэхтэһиитигэр уонна чөмпүйэнээтигэр ситиһиилээхтик кыттан, 40 баар…
Суһал иһитиннэриинэн ИДьМ сулууспатын Ленскэй улууһун отделын холуобунай ирдэбилин үлэһиттэрэ 17 саастаах олохтооҕу «Toyota Land…
Кэмпэндээйигэ "Сир уустара" төгүрүк сыл үлэлиир киин оҕолору араас хайысханан сайыннарар. Бу сайын Саха сирин…