Анатолий Семенов: «Биһиги сымыйаны соруйан тарҕатар араас сонуннартан кырдьыгы араара үөрэннибит»
«Утарсааччыларбыт хомойуохтарын иһин, кинилэр ити хара балыырдаах сымыйаларын илэ-чахчы арааран өйдүү, дьиҥ кырдьыгы адьыр албынтан араара үөрэннибит, эбиитин «цифровой иммунитеты» ыллыбыт. Билигин Сахабыт сирэ эйэлээх, доҕордуу норуоттааҕынан, биир духуобунай ситимнээҕинэн хаһааҥҥытааҕар даҕаны күүстээх”, — диир СӨ цифровой сайдыыга уонна инфокоммуникационнай технологияларга миниистирэ Анатолий Семенов:
— Биһиги сымыйаны соруйан тарҕатар араас сонуннартан кырдьыгы араара үөрэннибит. Күн бүгүн элбэх омуктаах Арассыыйа норуотугар судургута суох уустук кэмнэр тураллар. 2022 сыл олунньу 24 күнүттэн биһиги Украинаҕа тарҕаммыт фашизмы суох оҥорууга туһуламмыт анал байыаннай эпэрээссийэҕэ кыттабыт. Ол курдук, Сахабыт сирэ Арассыыйа атын эрэгийиэннэрин тэҥэ Донецкай уонна Луганскай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэлэрин, Запорожскай уонна Херсонскай уобаластар эйэлээх олохтоохторун нацистар сүгүн олордубат айбардааһыннарыттан көмүскээһиҥҥэ кыттар.
Бу ыытыллар анал байыаннай эпэрээссийэ суолтатын элбэх омуктаах биһиги өрөспүүбүлүкэбит бары олохтоохторо чуолкайдык өйдүүллэр. Тоҕо диэтэххэ, Украинаҕа хас күн ахсын саа тыаһыыр, снаряд эстэр, туох да буруйа суох дьон өлүүтэ тахса турар. Биһиги, Саха сирин олохтоохторо, төрөөбүт төрүт сирбитин уонна Аҕа дойдубутун итиитик таптыыбыт, дойдубутун, өрөспүүбүлүкэбитин, дьиэ кэргэммитин, чугас дьоммутун, доҕотторбутун фашизм хара дьайыттан көмүскүүр туһугар туох кыаллары барытын оҥоруохпут.
Байыаннай дьайыылары сэргэ күн бүгүн биһиги дойдубут утары туох да сиэрэ суох хара балыырдаах информационнай атаака бара турар. Уодаһыннаах информационнай кимэн киирии сыала – дойдуга дьон-сэргэ уопсастыбатыгар быһыыны-майгыны түөрэҥнэтии, нэһилиэнньэ ортотугар уолуйууну, өй-санаа ыһыллыытын таһаарыы, дьалаана суох сымыйа сонуннары саба кутан тумнарыы, Арассыыйа аармыйатын, дойду салалтатын оҥостон туран холуннарыы.
Утарсааччыларбыт хомойуохтарын иһин, кинилэр ити хара балыырдаах сымыйаларын илэ-чахчы арааран өйдүү, дьиҥ кырдьыгы адьыр албынтан араара үөрэннибит, эбиитин «цифровой иммунитеты» ыллыбыт. Сахабыт сирэ эйэлээх, доҕордуу норуоттааҕынан, биир духуобунай ситимнээҕинэн хаһааҥҥытааҕар даҕаны күүстээх.
Биһиги ханнык баҕарар ыарахаттары түмсүүлээхтик туоруохпут, өссө күүскэ сомоҕолоһуохпут, оҕолорбут эйэлээх халлаан анныгар дьоллоохтук олоруохтара, тапталлаах Арассыыйабыт уонна Сахабыт сирэ чэчирии сайдыахтара диэн бигэ эрэллээхпин.
Хаартыска СИА архыыбыттан
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: