Анатолий Семенов: “Кыайыыны чугаһатар туһугар үлэлиэхтээхпит”
Моҕой сылыгар төрөөбүт дьон (1941, 1953, 1965, 1977, 1989, 2001, 2013 сс.) 12 сыл анараа өттүгэр Саҥа дылы хайдах көрсүбүттэрин, кинилэргэ туох умнуллубаты аҕалбытын ахтан-санаан ылаллар уонна үүнүөхтээх сылларын торумнаан көрөллөр.
– Урукку Моҕой сылларыттан тугу ордук өйдөөн хаалбыккыный?
– Оҕо саас уонна билиҥҥи саас Саҥа дьылларын уратылара?
– Саҥа дьыл бырааһынньыгар оҕо буолан ылартан төһө үөрэҕин?
– Маскарааттааччыгын дуо?
– Гороскоптарга, билгэлэргэ төһө итэҕэйэҕин?
– Моҕойу хайдах кыыл дии саныыгын?
– Кэлэр сылтан тугу күүтэҕин?
Анатолий Аскалонович Семенов, СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы:
– Дьиҥэр, Моҕой сылларын ханнык эрэ чопчу түгэннэри кытары сибээстээбэппин. Сыл бэлиэлэрэ буолбакка, туох эрэ түгэннэр өйдөбүлгэ хаалаллар, умнуллубаттар.
– Оҕо сааспар бэлэхтэри долгуйа күүтэрим, оттон билигин бэйэм бэлэх толкуйдуубун уонна үөрэ-көтө туттарабын.
– Оҕо сылдьан космонавт, лүөччүк, байыаннай маскараата буолбутум. Сэбиэскэй кэм үгүс оҕотун курдук, бу идэлэри таларга дьулуспутум. Ол гынан баран, уһун уҥуохтаахпын көрөн баран, маннык дьону космонавка уонна лүөччүккэ ылбаттар диэбиттэрэ.
– Гороскоптарга уонна сэрэйэн көрүүлэргэ, билгэлэргэ итэҕэйбэппин. Мин киһи инникитин бэйэтэ быһаарыахтаах уонна онно бэйэтэ дьайыахтаах дии саныыбын.
– Моҕой сылыгар төрөөбүппүн, онон быйыл мин Сылым. Моҕойу мындырынан ааҕабын. Мындыр, нус-хас уонна холку буолуохха наада. Ону сэргэ бэйэ уонна чугас дьоммут доруобуйатыгар кыһаллыахтаахпыт.
– Кыайыы буоларын күүтэбин, бары күүтэбит. Күүтэр эрэ буолбакка, кыайыыны чугаһатар туһугар үлэлиэхтээхпит.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: