Анатолий Семенов: “Кыайыыны чугаһатар туһугар үлэлиэхтээхпит”

Share

Моҕой сылыгар төрөөбүт дьон (1941, 1953, 1965, 1977, 1989, 2001, 2013 сс.) 12 сыл  анараа өттүгэр Саҥа дылы хайдах көрсүбүттэрин, кинилэргэ туох умнуллубаты аҕалбытын ахтан-санаан ылаллар уонна үүнүөхтээх  сылларын торумнаан көрөллөр.

– Урукку Моҕой сылларыттан тугу ордук өйдөөн хаалбыккыный?

– Оҕо саас уонна билиҥҥи саас Саҥа дьылларын уратылара?

– Саҥа дьыл бырааһынньыгар оҕо буолан ылартан төһө үөрэҕин?

– Маскарааттааччыгын  дуо?

– Гороскоптарга, билгэлэргэ төһө итэҕэйэҕин?

– Моҕойу хайдах кыыл дии саныыгын?

– Кэлэр  сылтан тугу күүтэҕин?

Анатолий Аскалонович Семенов, СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы:

– Дьиҥэр, Моҕой сылларын  ханнык эрэ чопчу түгэннэри кытары сибээс­тээбэппин. Сыл бэлиэлэрэ буолбакка, туох  эрэ түгэннэр өйдөбүлгэ хаалаллар, умнуллубаттар.

– Оҕо сааспар бэлэхтэри долгуйа күүтэрим, оттон билигин бэйэм бэлэх толкуйдуубун уонна үөрэ-көтө туттарабын.

– Оҕо сылдьан космонавт, лүөччүк, байыаннай маскараата буолбутум. Сэбиэскэй кэм үгүс оҕотун курдук, бу идэлэри таларга дьулуспутум. Ол гынан баран, уһун уҥуохтаах­пын көрөн баран, маннык дьону космонавка уонна лүөччүккэ ылбаттар диэбиттэрэ.

– Гороскоптарга уонна сэрэйэн көрүүлэргэ, билгэлэргэ  итэҕэйбэппин. Мин киһи инникитин бэйэтэ быһаарыахтаах уонна онно бэйэтэ дьайыахтаах дии саныыбын.

– Моҕой сылыгар төрөөбүппүн, онон быйыл мин Сылым. Моҕойу мындырынан ааҕабын. Мындыр, нус-хас уонна холку буолуохха наада. Ону сэргэ бэйэ уонна чугас дьоммут  доруобуйатыгар кыһаллыахтаахпыт.

– Кыайыы буоларын күүтэбин, бары күүтэбит. Күүтэр эрэ буолбакка, кыайыыны чугаһатар туһугар үлэлиэхтээхпит.

What’s your Reaction?
+1
5
+1
2
+1
0
+1
2
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Февронья Миронова: “Урукку дьон, күннэр-кэмнэр тоҕо эрэ быдан истиҥнэр, чугастар”

“Моҕой түргэн, мындыр, киирэр-тахсар...” Аҕыйах хонугунан 2024 сылбыт түмүктэниэ. Эргэ сылбытын үтүө санаанан атааран,  үүнэр…

20 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Эдьигээҥҥэ киин хочуолунайга өрөмүөн үлэтэ ыытыллар

Эдьигээҥҥэ киин хочуолунайга чөлүгэр түһэриигэ өрөмүөн үлэтэ ыытыллар. Алта хочуол үлэлии турар, олортон иккитэ илии…

60 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга: тохсунньу 7 күнэ

Күн-дьыл туруга бу күннэргэ хайдаҕый? Дьокуускайдааҕы УГМС тугу иһитиннэрдэ? Өрөспүүбүлүкэ соҕуруу өттүгэр кыралаан хаардыыр, сорох…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Түүл туһунан чахчылар

Түүл туһунан тугу билэбитий? Киһи түүлүн 90 бырыһыанын умнар уонна 10 бырыһыанын эрэ өйдөөн хаалар.…

15 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

СҮБЭҺИТ: Үлүйбэт туһугар…

Саха сиригэр тыйыс-тымныы кыһыммытыгар киһи организма араас охсуулары ылар. Ол иһигэр үлүйүү биир саамай сүрүн…

16 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ороһуоспа түүнүгэр кэлэр сайыны билгэлииллэр

Өбүгэлэрбит былыр-былыргыттан күн-дьыл туругун уонна инникитин хайдах буолуохтааҕын айылҕа уларыйыытынан, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр хамсаныытынан кэтээн көрөллөрө…

16 часов ago