Хаартыска: Sakhagov
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт сокуонугар киллэриллибит уларытыылар өрөспүүбүлүкэҕэ үөрэхтээһини бөҕөргөтөр эрэ буолбакка, барыга хаачыстыбалаах үөрэх тиийимтиэ буолуутун хааччыйаллар. Бу туһунан СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Анатолий Семёнов бэлиэтээтэ, диэн www.sakha.gov.ru иһитиннэрэр.
«Ил Түмэн СӨ Төрүт сокуонугар киирбит уларытыылары өйөөтө. Көннөрүүлэр утарсыылары туораталлар, онон билигин биһиги сүрүн сокуоммут Арассыыйа Конституциятыгар уонна федеральнай сокуоннарга толору сөп түбэһэр. Уларытыылар, ол иһигэр, үөрэх эйгэтин таарыйаллар. Гражданнар үөрэххэ баар бары бырааптара толору хаалалларын тоһоҕолоон бэлиэтиэххэ наада. Ол курдук, Саха сирин саҥардыллыбыт Төрүт сокуонугар РФ Конституциятынан барыга тиийимтиэ уонна босхо буолара мэктиэлэнэр үөрэх таһымнарын тиһигэ чопчуланна: оскуола иннинээҕи, сүрүн уопсай уонна орто анал үөрэх. Сүрүн уопсай үөрэх булгуччулаах диэн билиниллэр. Онуоха, үөрэнээччи 9-с кылаас кэнниттэн үөрэҕин 10-11 кылаастарга салгыыр эбэтэр кэллиэскэ киирэр кыахтаах. 9-с кылаас баазатыгар киирээччилэргэ орто уопсай үөрэх бырагыраамалара орто анал үөрэх бырагырааматыгар киллэриллэллэр, онон кэллиэскэ орто уопсай үөрэҕи ылыыны хааччыйаллар. Орто анал уонна үрдүк үөрэҕи күрэхтэһии нөҥүө босхо ылар быраап эмиэ хаалар. Ылыллыбыт уларытыылар өрөспүүбүлүкэҕэ үөрэх быраабын бөҕөргөтөр эрэ буолбакка, барыга хаачыстыбалаах үөрэххэ тиийимтиэ буолууну хааччыйаллар. Биһиги, уруккутун курдук, хас биирдии үөрэнээччи кыаҕын арыйыыга туһаайабыт уонна кинилэри бу суолга көхтөөхтүк өйүүргэ бэлэммит».
ИДьМ «Дьокуускайдааҕы» 4 №-дээх полиция отделын холуобунай ирдэбил оперативниктара суһал-көрдүүр тэрээһиннэрин кэмигэр, Дьокуускай куорат Поярков…
Дмитрий Пономарев-Дьолуолаах “Ньырбакаанын” эйгэтиттэн саҥа тахса сатыы сырыттахпына, аны Василий Гоголев-Уйулҕан “Хамначчыт кыыс дьылҕата” диэн…
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга Валерий Николаев бэйэтин ТГ-ханаалыгар Төрүт сокуоҥҥа киирбит уларытыылар ис хоһооннорун толору…
Дьокуускай куорат суута элбэх кыбартыыралаах дьиэни тутан бүтэрэр болдьоҕу хойутаппытын иһин тутааччыны дуогабар сууматын төнүннэрэргэ…
Байыаннай-мэдиссиинискэй хамыыһыйаны байыаннай сулууспалаах уоппускаҕа сылдьар сиригэр быһаччы барыан сөп. Бу туһунан бүгүн нэдиэлэ аайы…
СӨ Бырабыыталыстыбата 2026 сылга өрөспүүбүлүкэ сүрүн социальнай-демографическай бөлөхтөрүнэн биир киһиэхэ ааҕыынан тиийинэн олоруу алын кээмэйин…