Анатолий Семёнов: «Михаил Николаев ИТ дьон-сэргэ олоҕор ураты суолталааҕын дьэҥкэ өйдүүрэ»
Анатолий Семёнов, СӨ инновацияҕа, цифровой сайдыыга уонна инфокоммуникационнай технологияҕа миниистирэ:
— Сахабыт сирэ тулаайахсыйда — норуот чулуу сирдьитэ, Бастакы Бэрэсидьиэммит Михаил Ефимович Николаев 86-с сааһыгар күн сириттэн барда… Михаил Ефимович информационнай эйгэ, аныгы ИТ технологиялар дьон-сэргэ олоҕор, судаарыстыба сайдыытыгар ураты суолталаахтарын дьэҥкэ өйдүүрэ. Кини курдук улахан эппиэтинэстээх, үрдүк таhымнаах үлэ үөhүгэр сылдьар киhи, хайаан даҕаны бириэмэ булан биһиги үлэбитин билсэн сүбэлиирэ-амалыыра. Кини дириҥ билиитэ, баай опыта бэйэтэ баараҕай байҕал кэриэтэ этэ. Олох байҕалын устун хорсуннук устарбытыгар, чопчу сыалы туруорунарбытыгар ытык киһибит Михаил Ефимович сирдээн-сүбэлээн биэрэр этэ. Мин тус бэйэм Михаил Ефимовичка махталым муҥура суох, Сахабыт сирин сайдыытыгар сүдү кылаата тугунан даҕаны кэмнэммэт, ону быһааран этэргэ тылбыт даҕаны тиийбэтэ буолуо дии саныыбын. Сырдык сирдьиппит, Бастакы Бэрэсидьиэммит биһиэхэ, саха норуотугар, эдэр ыччакка үйэ-саас тухары чаҕылхай холобур буола туруоҕа.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: