Салгыы
Андрей Борисов: «Киэн тутта этэр дьолум -– Сахам тыйаатыра»

Андрей Борисов: «Киэн тутта этэр дьолум -– Сахам тыйаатыра»

05.08.2024, 17:30
Хаартыска: Судаарыстыбаннай филармония сайтыттан
Бөлөххө киир:

М.Щепкин аатынан тыйаатыр үрдүкү училищетын  үһүс устуудьуйата 2024 сылга үөрэҕи бүтэрбитэ 50 сылын бэлиэтиир. Күн бүгүҥҥэ диэри тыйаатыр сүрүн састаабын, ол эбэтэр 1974 сыллаахха үөрэҕи бүтэрэн кэлбит артыыстар ортолоругар Андрей Саввич Борисов аата дорҕоонноохтук ааттанар.

Андрей Борисовы кытары 2012 с. «Эрэйдээх-буруйдаах Эллэй Боотур» олоҥхо-испэктээккэ бэлэмнэнии кэмигэр кэпсэтиибититтэн кэрчиктэри билиһиннэрэбит.

Хаартыска: Олоҥхо тыйаатыра

«Улуу киһи кыра дьыаланан дьарыгырбат»

-«Эрэйдээх-буруйдаах Эллэй Боотур» испэктээккэ көрдөрөрүм курдук, Эллэй Боотур хотууру токуруппута, ураһаны туппута, ыһыаҕы ыспыта да кини улуу буоларын дакаастыыр. Оччотооҕу кэмҥэ итинник ураһаны оҥорон таһаарыы үтүмэн элбэх үлэни, өркөн өйү, сатабылы эрэйэрэ. Эллэй Боотур ураһаны туттаҕына, омуга киниэхэ тардыһыаҕын, дьиктиргиэҕин, сөҕүөҕүн-махтайыаҕын өтө көрбүтэ. Быһата, киһи кыранан дуоһуйбакка, бииртэн биир хардыылары оҥорон, улахан соруктары туруоран иннин диэки айанныахтаах. Билигин Мандар Уус: «Омугу өрө көтөҕүҥ, ураһата тутуоҕуҥ» диэн этэрэ сөрү сөп.

««Чыҥыс Хаан» киинэнэн аан дойдуга туох санааны сахтым?»

-Бу киинэнэн, бастатан туран, Евразийство уонна тенгрианство көрүүлэрин, сэриини утаран, биир сомоҕо буолар санааны этэргэ дьулустум. Киинэ этэр санаата өссө да ис-иһиттэн тиллэн, сырдыкка сыдьаайа, улуу дьыалаларга угуйа сытыаҕа диэн эрэнэбин.

Олоҥхо тыйаатыра

-Баҕа санаа, ыра санаа барыта туолан иһэр. Сүүрбэ биир сыл устатыгар култуура 21 тэрилтэтэ баар буолла. Дьиктиргиигит? Былааннаммыт барыта олоххо киирэн иһэриттэн бэйэм да дьиктиргиибин. Билигин СӨ бэрэсидьиэнэ Егор Борисовка улаханнык эрэнэбит. Олоҥхо тыйаатырын сорунуулаахтык олоххо киллэрэр сыаллаах-соруктаах күммүн-түүммүн барыыбын.
Олоҥхо тыйаатыра -– саха омугун култууратын феномена. Ол эбэтэр Олоҥхо тыйаатыра -– саха омугун туох баар култуурата түмүллэр сирэ буолан, ускуустуба таһымыгар тахсыахтаах.
Кытай тоҥустарыгар испэктээк туруора сылдьабын. Ол сылдьан тугу сөҕө-махтайа көрөбүнүй? Отут тыһыынча ахсааннаах тоҥус омуга Саха тыйаатырынааҕар отут төгүл улахан тыйаатырдаах! Оттон 400 тыһыынча ахсааннаах саха омугар Олоҥхо тыйаатыра тоҕо тутуллуо суохтааҕый? Олоҥхо тыйаатыра тутуллубатаҕына уонна олоҥхо материализация быһыытынан оннун булбатаҕына, сотору суруллубут буукуба эрэ быһыытынан салгыҥҥа симэлийэн сүтүө. Тимир суолунан кэлбит омуктар биһиэхэ сыһыаннара мөлтөөтөр мөлтөөн иһиэ, онтон эстии барар кутталлаах. Ылан көрүөххэ: саха киһитэ охсубут отун мунньар, бугуллуур, кэбиһэр. Отун түстээбэккэ эрэ хаалларан кэбистэ да, ол бүттүүнэ ис-иһиттэн сытыйан-ымыйан барар. Ол кэриэтэ, саха култууратын уобараһа ааспыт үтүмэн сылларга мунньуллан-мунньуллан, билигин түстэнэр кэмэ кэллэ. Ону түстээччинэн Олоҥхо тыйаатыра буолар.

Дьахтар уонна эр киһи мындыр өйө

-«Дьахтар диэн улуу күүс. Эр киһи көмөлтө эрэ күүс», — диэн улуу Ойуунускай эппитэ. Дьахтар оҕо төрөтөр, киһиэхэ тыын киллэрэр, кут-сүр иҥэрэр. Онон кини улахан күүстээх. Саха дьахтара мындыр өйдөөх, тулуурдаах, олоҕун эр киһитигэр уонна аал уотугар аныыр буоллаҕына, бу ыал оһоҕун кыыма хаһан да уостан биэрбэт. Оттон эр киһи төһө да кыһалыннын, үлэлээтин-хамсаатын, дьахтара түөрэ-лаҥкы уонна суолта биэрбэт буоллаҕына, бу ыал ыал буолбат. Инньэ гынан, дьахтар өйө быдан үрдүк.
Ол гынан баран, өй-санаа уонна күүс-уох өттүнэн эр киһи дьахтары баһыйар. Эр киһи өйө курдаттыы көрөргө, ырааҕы анаарарга, толкуйдуурга анаммыт.

«Соҕотохсуйар соло суох…»

-«Рефлексирующая интеллигентность» диэн баар. Ол эбэтэр мин инникибэр туох эрэ сыаллаах-соруктаах, Саха тыйаатырын курдук тыйаатырга үлэлиир, култуура дьонун араас эйгэтин кытта алтыһар, иллэээх-эйэлээх дьиэ кэргэннээх буоламмын, «соҕотохсуйуу» диэн өйдөбүл миэхэ киирэн тахсыбат. Тахсыа да суохтаах дии саныыбын. Соҕотохсуйбута буола сылдьан, бириэмэни ыытан кэбиһиэҕиҥ. Оннооҕор соҕотохсуйуу туһунан элбэҕи суруйбут А.П.Чехов «Дьыаланан дьарыгырыахха наада, тойоттоор!» -– диэн турардаах.

Дьол. Дорҕоонун курдук судургу дуо?

-Саха тыйаатырын артыыстара эн биһиккини истэ олороллоро үчүгэйи-иин… Хас хамсаныыгын кэтииллэр, саҥараргын барытын ыраҥалаан көрөллөр. Ол буоллаҕа -– дьол диэн. Саха тыйаатыра суоҕа эбитэ буоллар, ким билэр, мин култуура миниистирэ буолан уонна аан дойдуну кэрийэн, биир сомоҕо буолан үлэлиэ этибит дуо? Мин киэн тутта этэр дьолум -– Сахам тыйаатыра. Ураты дьолум -– толору олоҕунан олоруу. Дьоһуннаах дьолум -– мин кэргэним Степанида Борисова. Киниттэн саҕаланар: мин олоҕум, дьиэ кэргэним, оҕолорум, сиэннэрим…

Дьиктиттэн дьиктилэр…

Уон сыл анараа өттүгэр Андрей Борисов дьиэтигэр, күн сиригэр олоҕу бэлэхтээбит күндү киһитигэр, ийэтигэр тиийбитэ. Оччолорго орто омурҕанын бэлиэтээн кэлбит юбиляр ийэтин сырдык мичээрин, үтүө санаанан сыдьаайа сылдьар харахтарын көрөөт, дьикти көрдөһүүлээх буолан биэрбитэ.
Ийэкээм, мин төрөөбүппэр кэппит распашонкам баар үһү. Ону көрдөрбөккүн ээ, -– диэн Андрей кыл да түгэҥҥэ оҕо сааһыгар эргиллэн ылыан баҕарбыта.
Ийэ барахсан төрөппүт оҕотун көрдөһүүтүн хаһан быһа гыммыта баарай? Айар-тутар үлэттэн быыс булан, сэдэхтик көстөн ааһар уолугар аккаастыа баара дуо? Ийэ Кэбээйи улууһун 1951 сыллааҕы, хайыы үйэ саһарбыт хаһыатынан сууламмыт уолчаанын распашонкатын утары ууммута уонна долгуйбуттуу көрөн турбута. Баҕар итэҕэйиэххит, баҕар итэҕэйимиэххит -– орто омурҕанын ааспыт Андрей Борисов мунна оҕо сытын ылбыта…
-Ийээ, сытырҕалаан көр эрэ, оҕо сыта баар!
-Ээ, суох, хаһыат сыта дии.
Бу түгэҥҥэ эрэ Андрей Саввич ийэтин кытта сөбүлэһиэн баҕарбатаҕа.
-Дьикти дии. Үйэ аҥаара буолан баран, ким бэйэтин оҕо эрдэҕинээҕи дьиҥнээх сытын ылан, ураты дуоһуйууну билбитэ баарай? Ол аата «генная память» диэн баар буоллаҕа, — диэн Андрей Саввич 60 сааһын туолаары олорон, оҕо буолан окко түспүт кэмнэрин ойуулаан көрө олордо…
Баҕар, сотору бу ураты дуоһуйууну уобарастаан көрдөрөр испэктээк дуу, киинэ дуу баар буоллаҕына, бука соһуйуохпут суоҕа.

БЫҺААРЫЫ:
Андрей Борисов 1951 с. сэтинньи 28 күнүгэр Кэбээйи оройуонун Ньидьили сэлиэнньэтигэр күн сирин көрбүтэ. 1974 с. Москваҕа М.Щепкин аатынан тыйаатыр үрдүкү училищетын, 1982 с. А.В.Луначарскай аатынан судаарыстыбаннай театральнай институт режиссураҕа салаатын бүтэрбитэ.
1990 сылтан -– П.А.Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырын уус-уран салайааччыта; 1989-1991 сс. ССРС норуодунай дьокутаата; «Саха омук» уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй сойуус бэрэсидьиэнэ; 2000-2006 сс. Култуура уонна ускуустуба Арктикатааҕы судаарыстыбаннай институтун ректора; «Артыыс маастарыстыбата» кафедра доцена; СӨ Духуобунаһын академиятын дьиҥнээх чилиэнэ, 1990-2014 сс. СӨ култууратын уонна духуобунаһын сайдыытын миниистирэ.
А.Борисов -– Саха сирин хомсомуолун бириэмийэтин лауреата, ССРС уонна РФ судаарыстыбаннай бириэмийэлэрин лауреата, СӨ уонна РФ ускуустубаларын үтүөлээх диэйэтэлэ, РФ норуодунай артыыһа, СӨ бочуоттаах олохтооҕо.

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
22 ноября
  • -27°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 76% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: