Андрей Борисов: «Уопсастыба өйө-санаата сааһыланыахтаах»

Share

Кулун тутар 30-31 күннэригэр Дьокуускайга »ТҮМҮҮ» (Төрүт Үгэс — Мин Үүнэр Үктэлим) уопсастыбаннас мунньаҕа буолла.

Бары улуустартан, куораттартан уопсастыбанньыктар, айар сойуустар, интеллигенция, ыччат лиидэрдэрэ мустан, духуобунай, сиэр-майгы сыаннастарын харыстааһыҥҥа, бөҕөргөтүүгэ киэҥ кэпсэтиилэр, ырытыһар былаһааккалар, төгүрүк остуоллар, сэминээрдэр буоллулар.
Бу тэрээһини сүрүннээччи Андрей Борисов икки күннээх тэрээһин туһунан санаатын бу курдук үллэһиннэ:

— Бэрэсидьиэн Владимир Путин ыйааҕа баар. Дойдуга төрүт духуобунай, сиэр-майгы өттүнэн сыаннастарын бөҕөргөтүү туһунан. Ил Дархан бэҕэһээ биир тустаах ыйаахха илии баттаата. Бу барыта дьону түмэр, сомоҕолуур сыаллаах. Биһиги уопсастыбаннаһы түмэ тардан, этиилэри истэн, өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагыраамаҕа киллэрэн, үлэлиирин ситиһиэхтээхпит.
Уопсастыба өйө-санаата сааһыланан, бэйэбит төрүт сыаннастарбытыгар тирэҕириэхтээхпит. Атын омуктар найылаабыт сыаннастарыгар буолбатах. Кинилэр өй-санаа, култуура өттүнэн ордук ыччакка дириҥник өтөн киирэр идэлээхтэр. Оттон бэйэбит сыаннастарбыт олус күүстээхтэр: итэҕэлбит, ыһыахпыт, олоҥхобут… Ыһыах, култуура тэрээһиннэрэ ыытыллаллар, тоҕо хос тэрийэҕит диэн ыйыттахтарына, маннык хоруйдуубун: былыр оҕонньоттор этэллэрин курдук, такайыахха, эргитэн аҕала-аҕала санатыахха наада.
Икки күн устата араас былаһааккаларга кэпсэтии бөҕө барда, этиилэр киирдилэр, тэрээһиммит табылынна дии саныыбын.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Биисинэс-Экспоттан» саҕалаабыт Вера Лиханова дойду таһымыгар үлэлиирдии үүннэ

"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…

3 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

204 саастаах алтан чуораан

Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Садовников Горнай улууһугар тутулла турар эбийиэктэри көрдө

Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…

4 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Итэҕэй-итэҕэйимэ: Дьылҕаҕа сыыппара суолтата

Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айтишниктарга үчүгэй сонун

РФ бырабыыталыстыбата резервнэй пуондаттан чэпчэтиилээх IT-ипотекаҕа 23,5 млрд солк. көрдө. Туһааннаах дьаһалга премьер-миниистир Михаил Мишустин…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Аныгы технологиялар тыа хаһаайыстыбатын хайдах уларыталларый?”

Бу күннэргэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин сыллааҕы үлэтин түмүктүүр тэрээһиннэр ыытылыннылар. “Үбүлээһин саҥа…

4 часа ago