Арассыыйа Бэрэсидьиэнин иһинэн СӨ Бастайааннай бэрэстэбиитэлэ Андрей Федотов брифиҥҥэ Саха сиринээҕи биир кэлим сүрүннүүр киин сыллааҕы үлэтин туһунан кэпсээтэ. Киин ааспыт сылга бары өттүнэн элбэх үлэни ыыппытынан туһунан иһитиннэрдэ.
«Ил Дархан Айсен Николаев соторутааҕыта сэтинньи бүтүүтэ байыаннай дьайыы сиригэр-уотугар сылдьан, байыаннайдарга көмөлөһөр тирэх киин үлэһиттэрин, байыастары уонна салалтаны кытта көрсүбүтэ. Ил Түмэҥҥэ Этиитигэр Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын өйүүргэ ураты систиэмэни тэрийбитин туһунан эппитэ», — диэн Андрей Федотов тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
Биир кэлим сүрүннүүр киини салайааччыта ааспыт сылга байыастар материальнай-тиэхэньиичэскэй баазаларын бөҕөргөтүүгэ сөптөөх үлэ ыытыллыбытын туһунан эттэ. «Ааспыт сыл күһүнэ уонна кыһына уустук соҕус кэмнэр этэ. Биһиги байыастарбытыгар материальнай өйөбүл олус наада этэ. Оттон билигин ити боппуруостар этэҥҥэ быһаарыллаллар. Сүрүн көмөнү, быһаарыыны РФ Сэбэлэниилээх Күүстэрэ оҥороллор. Ол иһин биһиги байыастарбытыгар эбии көмөнү оҥорууга болҕомтону уурабыт. Ол курдук, электрониканан, оптиканан, үрдүк таһымнаах технологичнай оборудованиенан хааччыйабыт. Ону тэҥэ, биһиги уолаттарбытын саха төрүт аһынан-үөлүнэн хааччыйарга дьулуһабыт, бу олус наадалаах көмөнөн буолар», — диэн Андрей Федотов санаатын үллэһиннэ.
Кини «Хоту Тент» тэрилтэ оҥорор маскировочнай матырыйаалынан, «Якт-Сокол» туохтан да иҥнибэт вездеходтарынан, разведкалыыр көтөр аппарааттарынан хааччыйалларын эттэ, ити маллар, тэриллэр бары сөптөөх бэрэбиэркэни толору ааспыттар. Ааспыт сылга Биир кэлим сүрүннүүр кииҥҥэ Фашизмы утарар пуоруму тэрийэр туһунан идиэйэ киирбитэ. «Киин үлэтин биир сүрүн хайысхатынан идеологиянан хааччыйыы буолар. Бүгүҥҥү күҥҥэ бары дьон-сэргэ фашизмы утары охсуһарбытын өйдүүр, ылынар. Былырыын ахсынньы 8 күнүгэр Саха сиригэр Фашизмы утарар пуоруму тэрийбиппит. Устуоруйаны сэгэтэн көрдөххө, 1942 сыллаахха Аҕа дойду сэриитин кэмигэр Дьокуускай куоракка фашизмы утарар норуот мунньаҕа ыытыллыбыта биллэр», — диэн Андрей Федотов эттэ. Кини быһааран эппитинэн, Ил Дархан быһаччы сорудаҕынан Фашизмы утарар кэмитиэт тэриллэн үлэлиэ, онно уопсастыбаннас бэрэстэбиитэллэрэ, баартыйалар, бэтэрээннэр, ыччат, «Бастакылар хамсааһыннара» киириэхтэрэ.
«Биһиги байыастарбыт өрүү эр санааланыыны, хорсун быһыыны көрдөрөллөр. «Боотур» этэрээт «Барс-2» састаабыгар киирэн, бүтүн батальон аатын сүгэр. Кинилэр соторутааҕыта Марьинканы ылыыга кыттыбыттара элбэҕи туоһулуур», — диэн Андрей Федотов эттэ.
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…