Андрей ФЕДОТОВ: Дьааҥы дьоллоох түөлбэ аатын ыларыгар ис кыах барыта баар
2023 сыллаах Бырабыыталыстыба отчуотун түмүгүнэн. Дьааҥы улууhугар бырабыыталыстыба отчуота олунньу ый 26 күнүттэн саҕаланан кулун тутар 2 күнүгэр диэри өрөспүүбүлүкэ отчуоттуур бөлөҕүн Арассыыйа Федерациятын Бэрэсидьиэнин иһинэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастайааннай бэрэстэбиитэлэ, бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Андрей Федотов салайан илдьэ сырытта.
Бырабыыталыстыба 2023 сыллаахха үлэтин түмүгүн арктическай улуус олохтоохторугар тиэрдэр соруктаах итиэннэ олоҕу-дьаһаҕы, олохтоохтор туруорсар сүрүн кыһалҕаларын кытта билсэ 11 министиэристибэтиттэн итиэннэ 5 сүрүн биэдэмстибэтин тутаах салайааччылара сырыттылар. Сөмөлүөттэн түһээт анал былаан быһыытынан 3 бөлөххө арахсан улуус 16 нэһилиэк, 1 куорат, 1 бөһүөлэк итиэннэ 4 учаастак олохтоохторун кытта көрсө тус хоту айаннатылар. Манна даҕатан эттэххэ, улуус кииниттэн ыраах сытар нэһилиэктэринэн Барылас, Сартан, Дулҕалах, Суордаах, Оһохтоох, Сайдыы, Чөрүмчэ, Табалаах ааттаналлар.
Бастакы 14 киһилээх Арассыыйа Федерациятын Бэрэсидьиэнин иһинэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастайааннай бэрэстэбиитэлэ салайааччылаах бөлөх Оһохтоох, Чөрүмчэ, Сайдыы, Арыылаах, Элгэс, Верхоянскай куорат туһаайыытынан айаннаатылар. Өрөспүүбүлүкэ салайааччылара болдьохтоох чааска олохтоохтору кытта көрсүһүүлэр саҕаланан, отчуот сүнньүнэн ыйытыыларга толору хоруйдары биэрдилэр. Ити кэнниттэн дьааҥылары долгутар, чопчу бырабыыталыстыба эрэ быһаарар кыһалҕаларыгар тохтоон, атах тэпсэ олорон ырыттылар итиэннэ дьүүллэстилэр. Ити кэнниттэн эрэ тыын суолталаах соруктар отчуот Боротокуолугар киирдилэр. Сүнньүнэн нэһилиэк аайы Андрей Сандаминович тэрийбитин курдук сэргэх итиэннэ аһаҕас кэпсэтиилэр ыытылллан бардылар.
Экологияҕа, айылҕа харыстабалыгар миниистири бастакы солбуйааччы Дьулустаан Иванович Хон салайааччылаах 11 киһилээх бөлөх үөһэ сытар Барылас, Сартаҥ нэһилиэктэриттэн саҕалаан Сыһыы-Мэйиитэ учаастак олохтоохторун кытта көрсөн, салгыы Алыһардаах учаастагар, Остуолба, Адыаччы, Табалаах нэһилиэктэригэр аһаҕас көрсүһүүлэри тэрийдилэр. Тыа хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Николай Степанович Афанасьев салайар үһүс бөлөҕө Дулҕалаах үрэх баһыгар сытар Суордаах, Дулҕалаах итиэннэ Мачах, Боронук олохтоохторун иннигэр быраабыыталыстыба аааспыт сыллаах үлэтин кытта сиһилии билиһиннэрдилэр. Чуолаан 2022 сыллаах от ыйынааҕы халаан уутуттан улаханнык эмсэҕэлээбит Суордаах олохтоохтору кытта көрсүһүү хас биирдии киһи араас хабааннаах ыйытыгар чопчу хоруйдары туһааннах министиэристибэ салаайааччылара биэрдилэр.
Бырабыыталыстыба отчуотттуур бөлөҕүн састаабыгар үөрэҕирии министиэристибэтин бастакы солбуйааччыта Алевтина Петровна Аргунова, үп-харчы министиэристибэтин солбуйааччыта Николай Прокопьевич Старостин, экэниэмикэ миниистирин солбуйааччы Александр Дмитриевич Афанасьев, тыраанспар уонна суол хаһаайыстыбатыгар миниистири солбуйааччы Семен Николаевич Коркин, гражданскай оборона уонна нэһилиэнньэ куттала суох буолуутун хааччыйар министиэристибэтиттэн Фазульдинов Максим Иванович, нэһилиэнньэ үлэлээх буолуутун судаарыстыбаннай кэмитиэтин бастакы солбуйааччыта Анастасия Ивановна Позднякова, “Арктическай эргиэн-логистическэй хампаанньа” акционернай тэрилтэ дириэктэрэ Сайдам Федотович Степанов, “Арктик Телеком” акционернай тэрилтэ салайааччыта Виктор Александрович Сергеев уо.д.а. салайааччылар дьааҥыларга бэйэлэрин хайысхаларынан иһитиннэрии оҥорон ыйытыыларга хоруйдаатылар.
Ити курдук улуус 22 дьон олорор бары нэһилиэктэрин ытта көрсүhүү кэннитэн Андрей Сандаминович хотугу сир бүгүҥҥү олоҕун — дьаhаҕын, кыhалҕатын, туруорсар боппуруоhун билсиhии түмүгүнэн социаалынай-экэнэмиичэскэй сайдыы сүрүн хайысхаларынан киэҥ ырытыылаах этии оҥордо. Итиэннэ олорор дьиэ-уот коммунаалынай хаһаайыстыбатын эйгэтигэр тыын суолталаах кыһалҕалары быһаарыыга анал бырагыраама оҥоһуллара наадалааҕын бэлиэтээтэ.
Ититэр систиэмэ үлэтин тупсарар, куттала уонна эҥкилэ суох үлэлиирин хааччыйар инниттэн анал бырагыраама ылыллара күүтүллэр
«Күндү Дьааҥы улууһун олохтоохторо! Өрөспүүбүлүкэ салайааччыларын кытта көрсүһүүлэргэ олохтоохтор долгутар ыйыытыыларыгар сиһилии хоруйдары ыллылар. Отчуот кэмигэр былаас уорганнарын үлэтин дьүүллэстилэр, инники былааннары чопчулаатылар итиэннэ оройуоҥҥа социаалынай-экономическэй сайдыы бырайыактарыгар көннөрүүлэри киллэрдилэр. Оройуон олохтоохторун кытта көрсүһүү түмүгүнэн нэһилиэнньэ көрдөһүүтэ, этиилэрэ барыта хомуллан, түмүк отчуокка киирдилэр. Билэргит курдук, кэлиҥҥи кэмҥэ саҥа киин хочуолунайдар систиэмэлэрин тутууга элбэх оҥоhуллубутун учуоттаан туран, инники өттүгэр өссө элбэх быhаарыллар сүрүн кыһалҕаларга тохтуубун. Ааhан эрэр кыстыкка хочуолунай, теплотрассалар ситимнэригэр буолбут саахаллар олох-дьаһах тэрилтэтин иннигэр суhал дьаhал, ирдэбил ылылларын көрдөрдө”, — диэн саҕалаата Андрей Федотов. Онон, ааспыт кыһын Баатаҕайга буолан ааспыт саахаллар хатыламматтарын туһугар, Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай тэрилтэтин Олох-дьаһах коммунаалынай хаhаайыстыбатын салалтатыгар уонна ОДьКХ министиэристибэтигэр Верхоянскай улууhун хас биирдии нэhилиэгэр киин ититэр систиэмэ үлэтин тупсарар, куттала уонна эҥкилэ суох үлэлиирин хааччыйар инниттэн анал бырагыраама ылыллан үлэлиэҕэ.
Баатаҕайга канализация систиэмэтин саҥа бырайыага олоххо киириэҕэ
Салгыы, улуус киинигэр итиэннэ Верхоянскай куоракка саҥа канализация систиэмэтин оҥорууга саҥа бырайыак олоххо киирэр кэмэ кэлбитэ ыйылынна.
«Бырамыысалынас сайдыытыгар сүҥкэн оруоллаах Баатаҕай бөһүөлэгэр итиэннэ Дьааҥы кырдьаҕас историческай суолталаах куоратыгар ураты болҕомтону ууруохтаахпыт. Улуус киинигэр итиэннэ куоракка канализация систиэмэтин модернизациялааһын ыытыллыаҕа. Төhө да элбэх үбү эрэйэр бырайыак буолбутун иһин бу билиҥҥи олох ирдэбилигэр эппиэттиир бырайыагы хайдах оҥорору, ханнык федеральнай инвестиционнай бырагыраамаҕа киллэрэн үлэлиири толкуйдуохпут”, — диэн тоһоҕолоон эттэ, бырабыыталыстыба бөлөҕүн салайааччыта.
Адыаччыга 2025 сылтан оскуола тутуутун саҕалыырга
Улууска үөрэҕирии эйгэтигэр суhал быhаарыыны эрэйэр тыын суолталаах соругунан Адыаччыга саҥа оскуоланы тутуу буолар. Онон, анал сурук бэлэмнээн, кэлэр 2025 сылтан оскуола тутуутун саҕалыыры хааччыйарга сорук турда.
2022-2023 сыллааҕы кыстыгы туоруурга тыа хаһаайыстыбатыгар анаан 43 мөлүйүөн суумалаах көмө оҥоһуллубут
Билэргит курдук Суордаах 2004, 2013, 2022 сыллардааҕы халаан уутуттан улаханнык эмсэҕэлээбит нэһилиэгинэн буолар. Өрөспүүбүүлүкэ быырабыталыстыбата ааспыт сылларга эмсэҕэлээбит нэһилиэк олохтоохторугар уу содулларын туоратыыга элбэх үлэни ыытан көмөнү оҥорон кэллэ. 2022 сыллааҕы от ыйыгар буолбут халаан уута хаһааҥҥытааҕар да улахан содулу оҥорон барбыта. Сүрүн хоромньу улуус тыатын хаһаайыстыбатыгар тахсан ынах сүөһү, сылгы кыстыгар уустук балаһыанньа үөскээбитэ.
“2022-2023 сыллааҕы кыстык бэрт ыараханнык саҕалаабыппыт. Аҥардас Ил Дархан Айсен Сергеевич тус көмөтүнэн, өрөспүүбүлүкэбит бырабыыталыстыбатын, тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин этэҥҥэ кыстыгы туораан күөххэ үктэммиппит. Онон тыа сирин үлэһиттэрин аатыттан улахан махталбын тиэрдэбин,”- диэн бэйэтин санаатын үллэстэр Суордаах олохтооҕо, бааһынай хаһаайыстыба салайааччыта Горохов Дмитрий Дмитриевич.
Дьэ, ити курдук, аҥардас Верхоянскай улууһун тыатын хаһаайыстыбатын туһугар 43 мөлүйүөн суумалаах көмө оҥоһуллубут. Ол иһигэр 133 туонна фураж, 244 туонна комбикорм тиэрдиллибит. Улуус тыатын хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ 2023 сыл түмүгүнэн үүммүт 2024 сылы 1969 ынах сүөһүлээх (итинтэн — 1903 төбө ыанар ынах) итиэннэ 7005 сылгылаах (итинтэн — 4018 төбө биэ) көрсүбүттэр. Билиҥҥи туругунан ынах төрүөҕүн ахсаана 941 төбөҕө, онтон кулуна 2532 тиийбит. Ол эбэтэр былаан туолуута 57 % буолбут.
“Кыстыкпыт этэҥҥэ баран иһэр. Оппут тиийэр.Үүтү судаарыстыбаҕа туттарыы былаана 1905 туонна этэ. Бу күҥҥэ былааммытын 100% толорон олоробут. Ол курдук, 1105 туонна үүтү тыа хаһаайыстыбатын “Хотугу Чыпчаал” итиэннэ 800 туоннаны “Яна продукт” тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарар кээпэрэтииптэрэ туттарбыттара. Сааскы кэм ынах сүөһүнү көрөөччүлэргэ, сылгыһыттарга саамай эппиэттээх кэм. Ынах, сылгы төрөөһүнэ саҕаланан бара турар. Онон үлэһиттэр биир да саҥа төрүөҕү куоттарбат туһуттан күнүстэри-түүннэри маныыллар”, — диэн билиһиннэрдэ тыа хаһаайыстыбатын уопыттаах үлэһитэ, кэнники икки сылга тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Кэскил Ефимова.
Сүөһүбүт ахсаана тоҕо аҕыйаата? Маннык ыйытыыны отчуот кэмигэр олохтоохтор элбэхтэ бэриллибит. “Мин санаабар, биир сүрүн кыһалҕанан бүгүҥҥү эдэр ыччат сүөһүгэ, кэнники кэмҥэ сылгыга даҕаны сыстыбат буолбута элбэҕи этэр. Ол иһин, кырдьаҕас дьон сүөһүнү кыайан көрбөт буолан,ынахтарын эһэргэ тиийэллэр. Ол гынан баран, Дьааҥыга олохторун ынах сүөһүнү итиэннэ сылгыны иитиигэ анаабыт дьон аҕыйаҕа суохтар. Кинилэр дьарыктарын оҕолоро, сиэннэрэ салгыыллар. Холобур, ынах сүөһүнү иитиигэ Дулгалаахтан Старостин Михаил Константинович уонна Токуматтан Юмшанова Мария Михайловна дьиэ кэргэннэрин ааттыаха сөп. Сылгы иитиитинэн утумнаахтык дьарыктанар дьоммут элбэхтэр. Ол курдук, Арыылаахтан Слепцов Аммос Николаевич, Слепцов Александр Павлович, Дулгалаахтан Чукров Ариан Лукич, Элгэстэн Слепцов Николай Александрович дьиэ-кэргэттэрэ өбүгэлэрин төрүт дьарыктарын эттэригэр – хааннарыгар илдьэ сылдьан баай уопуттарын кытта атастаһаллар. Дьааҥылар былыр-былыргыттан сылгыны өрө тутан кэлбиттэрэ, онон сылгыны иитии өссө сайдыаҕа,» — бигэтик эрэнэр тылларынан санаатын түмүктээтэ улуус тыатын хаһаайыстыбатын салайааччыта Кэскил Степановна.
Хоту сир мааныта — Дьөһөгөй оҕотун түөрт түөрэм туйаҕа сарсыардааҥы дьыбарга тоҥ хаары күдэҥҥэ көтүтэн күннээҕи аһын булунан эрдэҕэ…
Дьааҥы дьулуурдаах инникигэ эрэллээх удьуор сылгыһыт ыччата былыр-былыргыттан өбүгэлэрин төрүт дьарыктарын кичэллээхтик харыстаан ХХI үйэҕэ аҕаллахтара. Инники өттүгэр мындыр өйдөөх, сатабыллаах итиэннэ үөрэхтээх эдэр ыччат сотору кэминэн аатын ааттатыа турдаҕа. Саҥа үйэ саҥа ыччата төрөөбүт түөлбэлэригэр тыа хаһаайыстыбата салгыы сайдарын туһугар бигэ дохуоттаах араас салаалары сайыннаран, хоту сир тыйыс усулуобуйатыгар олоххо киллэрэн үөрэ-көтө дьарыктаныаҕа диэн улахан эрэл баар.
Суордаах нэhилиэгэр уу содулун хайдах туоратарга этиилэр киирдилэр
Биир тыын суолталаах быhаарыыны ылынар соругунан Суордаах нэhилиэгэ буолар. Нэһилиэк турар үрэҕин сүнньэ уларыйан сыл аайы халаан уута биэрэги суулларан ыксаллаах быhыыны — майгыны үөскэтэр. Олохтоохтор бырабыыталыстыба иннигэр туруорсар боппуруостарынан биэрэги бөҕөргөтөр үлэлэри ыытан былыргы үрэх сүнньүгэр киллэрии итиэннэ Суордааҕы үрдүк сиргэ көһөрөр туһунан боппуруоһу үөрэтии.
«Айылҕа күүhүн кытта утарылаhар итиэннэ тохтотор кыаллыбатын билиниэххэ наада. Бииргэ толкуйдаан баран Суордаах нэhилиэгин икки килэмиэтир тэйиччи турар үрдүк сиргэ көhөрүү боппуруоhун сиhилии үөрэтиэххэ»,- диэн Андрей Федотов бэйэтин санаатын чопчулаата.
«Аартыка суоллара» тэрилтэ сайдан кыаҕа улаатар
Отчуот кэмигэр эмиэ «Аартыка суоллара» тэрилтэ базатын күүһүрдүү уонна оройуоҥҥа уу тыраанспарын уонна сибээс боппуруостарын быһаарыыга тэрилтэ дьаһайар үлэтин кэҥэтии бэлиэтэннэ. Бу тэрилтэ Уһук Хоту сир оройуоннарыгар нэһилиэнньэ олоҕун хааччыйарга ананан 2014 сыллаахха тэриллибитэ. Билиҥҥи туругунан тэрилтэ филиаллара өрөспүүбүлүкэ 9 оройуонугар үлэлиир.
“Суол тэрилтэтин сайыҥҥы кэмҥэ уу тыраанспарын, уунан сырыы боппуруостарын быhаарыыга эмиэ кытыннарар сорук турар. Улууска арктическайдааҕы эргиэн логистическай киинэ быйыл тутуллан үлэҕэ киириэҕэ, матырыйаала барыта аҕалыллан турар. Бу Дьааҥы улууһун сайдыытын биир тирэҕинэн буолуо,”- диэн чопчулаан эттэ, иһитиннэрии кэмигэр, Арассыыйа Федерациятын Бэрэсидьиэнин иһинэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэрэстэбиитэлэ.
Ытык Дьааҥы сиригэр Сылгыһыт түһүлгэтэ ыытыллыаҕа
Өрөспүүбүлүкэҕэ Сылгыһыт идэлээх күнэ 2017 сыллаахтан кулун тутар 21 күнүгэр бэлиэтэнэр. Быйыл өрөспүүбүлүкэтээҕи Сылгыһыт түһүлгэтэ Ытык Хайаларынан хаххалана сытар Дьааҥы дьикти сиригэр үөрүүлээхтик бэлиэтэниэҕэ.
«Муус устар 4-5 күннэригэр өрөспүүбүлүкэтээҕи Сылгыһыт күнүн көрсө тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин кэллиэгийэтэ ыытыллаары турар. Араас улуустартан удьуор сылгыһыттар, сылгы исписэлиистэрэ, учуонайдар кыттыыны ылаллара күүтүллэр. Маны таһынан, племенной сылгылар быыстапка — атыылара, ат сүүрдүүтэ уонна сылгыһыттар күрэхтэһиилэрэ тэриллиэхтэрэ. Быйылгы сылгыһыт күрэҕин кыайыылааҕа 2 мөлүйүөн солкуобай бирииһинэн наҕараадаланара күүтүллэр. Иккис бириистээх миэстэҕэ тиксибиттэр УАЗ бортобуой массыына күлүүһүн тутуохтара. Онтон хоту сиргэ, сылгыһыкка олус наадалаах тэрилинэн Буран снегоходунан үһүс миэстэни ылбыттар наҕараадаланыахтара,”- диэн иһитиннэрдэ Андрей Федотов.
Дьааҥыларга сылгыны үөрдээн иитии үгэс буолбут салаа (дьарык) итиэннэ ураты киэн туттуу
Сылгыһыт сылгыһыттыын билсэрэ — кэпсэтэрэ олус туһалаах. Хас биирдии сылгыһыт өбүгэтин үтүө үгэһин, төрүт дьарыгын иитиэхтээн илдьэ сылдьан сайыннарар, атыттары кытта санаа атастаһан өссө дириҥэтэн биэрэр. Маны таһынан сылгыны атастаһыы, мэнэйдэһии улахан суолталанан саха сылгыһыттарын улахан түһүлгэтин дьааҥылар өссө тупсаран, киэргэтэн умнуллубат түгэннэри бэлэх уунуохтара. Төгүрүк остуол тула олорон сылгыны иитии итиэннэ сайыннарыы тирээн турар боппуруостарын туһунан кэпсэтии бу биир — икки күннээх мунньах буолбакка, инникини өтө көрөн, сыспай сиэллээхпит, сылгыһыттарбыт инники дьылҕаларын, ол эбэтэр Саха Сирин олохтоохторун быһаарар түһүлгэтэ буолара күүтүллэр.
Араадьыйаны тэрийэн олохтоохторго дьаһалта үлэтин тиэрдиэххэ
Манна төрүөтүнэн 2023 сыллааҕы түмүк отчуоту өр сыллаах тохтобул кэнниттэн Остуолба, Үүттээх, Эhэ-Хайа, Баатаҕай олохтоохторо быhа эпииринэн араадьыйанан истибиттэрэ буолла. Быhа ситим «Арктик Телеком» тэрилтэ көмөтүнэн ыытылынна. Дьааҥы дьоно интэриниэт, мобильнай сибээс, тэлэбиидэнньэ, араадьыйа көмөтүнэн аан дойду олоҕун билэ-көрө олороллор. Андрей Сандаминович умнууга хаалбыт олохтоох араадьыйаны чөлүгэр түһэрэн саҥаттан тэрийии туһунан этиитэ саамай сөптөөҕүнэн ааҕылынна. Онон инникитин интэриниэт тиийбэт сиригэр олохтоох радио көмөтүнэн сонуннары тиэрдии суһал соругунан буолара бэлиэтэннэ.
Түмүк оннугар
Отчуоттуур бөлөх салайааччыта Андрей Федотов улуус баhылыга Владислав Иванов салайааччылаах Дьааҥы улууһун олохтоохторо Анал байыаннай дьайыыга кыттар биир дойдулаахтарыгар, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөлөрүн бэлиэтээтэ. Андрей Сандаминович үтүө үлэни салҕаан күүhүрдэргэ баҕа санаатын эттэ. Итиэннэ Донецкай, Луганскай уобаластарга, Запорожьеҕа Дьааҥы патриоттарыгар гуманитарнай көмөнү салайан илдьэ сылдьыбыт Владислав Михайловичка байыаннай дьайыы кыттыылааҕар, тыраанспарт миниистирин солбуйааччыта С. Н. Коркиҥҥа, Донецкай куораты чөлүгэр түһэриигэ үлэлиир урбаанньыт К. А. Мартиросяҥҥа байыаннай дьайыы символлаах бэлиэни туттарда.
«Дьааҥы улууһа Аартыка сайдыытын биир улахан киинэ, символа. Салгыы сайыннарарга Дьааҥыга сир-уот,дьон-сэргэ барыта баар. Онон,Ытык Дьааҥы сирэ кыахтаах, дьоллоох дьон олорор Түөлбэтэ буоларыгар ис кыах барыта баар.Олохтоохтор уонна олохтоох былаас икки ардыларыгар хардарыта өйдөһүү, эрэл, ытыктабыл баар буоллаҕына, үлэбит үтүө түмүктээх уонна көдьүүстээх буолуо.Онтон бары бииргэ түмсэммит үлэлээтэхпитинэ сайдыахпыт Кэскилбит туһугар.Ону олох хаамыыта бэйэтэ көрдөрүө,”- диэн тылларынан бэйэтин этиитин түмүктээтэ Арассыыйа Федерациятын Бэрэсидьиэнин иһинэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастайааннай бэрэстэбиитэлэ, бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Андрей Федотов.
Бу үөһэ этиллибит сүрүн боппуруостары таһынан, Андрей Сандаминович күн уотунан үлэлиир энергия систиэмэтин салгыы сайыннаран кэҥэтэр, туризмы сайыннарыыга кыах баарын туһунан боппуруостарга туспа тохтоото.
Альбина ПАВЛОВА
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: