РФ бэрэсидьиэнин иһинэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастайааннай бэрэстэбиитэлэ, Биир кэлим сүрүннүүр киин салайааччыта Андрей Федотов бу сылга бастакы брифины ааспыт сыл түмүктэригэр уонна 2024 сыл былааннарыгар анаата.
Кини иһитиннэрбитинэн, ааспыт сыл уонна 2024 сыл суолталаах түгэнинэн, Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин байыаннай эпэрээссийэҕэ олохторун толук уурбут дьон дьиэ кэргэнин кытары Ороһуостуба иннинэ буолбут көрсүһүүтүн ааттаата. Ыҥырыллыбыт дьон ортотугар Саха сириттэн Арассыыйа Дьоруойа Дмитрий Егоров дьиэ кэргэнэ баара. Биир кэлим сүрүннүүр киин Егоровтар дьиэ кэргэттэрэ бу тэрээһиҥҥэ кэлэр тэрээһиннэригэр көмөлөспүтэ.
Андрей Федотов эппитинэн, өссө биир сүрүн түгэнинэн РФ Оборонаҕа миниистирэ Сергей Шойгу “Барс-2” баҕа өттүнэн барааччылар батальоннарын “Боотурга” уларытыыны ааттаата.
Биир кэлим сүрүннүүр киин былырыын Саха сиригэр өссө биир тирэх пууну тэрийбитэ. Андрей Федотов быһаарбытынан, тирэх пууннар дислокациялара тиһигин быспакка уларыйар.
«Ол үлэни түргэнник уонна үчүгэйдик тэрийэргэ көмөлөһөр. Холобур, өрөспүүбүлүкэ баһылыгыттан Саҥа дьыллааҕы бэлэхтэр уонна эҕэрдэлэр бары кэриэтэ байыастарга икки нэдиэлэ кэм иһигэр тириэрдиллибиттэрэ”, — диэтэ Андрей Федотов.
Ил Дархан Айсен Николаев көҕүлээһининэн, Уһук Илиҥҥэ бэрэсидьиэн боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлин өйөбүлүнэн, өрөспүүбүлүкэҕэ высокоточнай ытыы киинэ тэриллибитэ, ону Арассыыйа Дьоруойа Александр Колесов салайда. Сүрүн госпиталлары кытары сөбүлэһиилэр түһэрсилиннилэр, Биир кэлим киин тэрээһин боппуруостарга көмөлөһөр, Саха сириттэн сылдьар бааһырбыт байыастары өйүүр, кинилэр салгыы эмтэнэ уонна доруобуйаларын чэбдигирдэ барар куораттарын кытары актыыбынайдык үлэлиир. “Бэс Чагда” санаторий базатыгар доруобуйаны чөлүгэр түһэрэр киин үлэлиир.
«Бу киини уонна киин үлэтин байыастар үрдүктүк сыаналыыллар. Санаторийга сынньанааччылар кинилэргэ чугас дьоннорун курдук сыһыаннаһаллар”, — диэтэ Федотов.
Андрей Федотов брифинын түмүктүүрүгэр 2024 сыл сүрүн түгэнинэн Арассыыйа бэрэсидьиэнин быыбара буоларын бэлиэтээтэ.
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…