Андрей Григорьевка ананар
14.01.2025, 16:31
Хаартыска: Ил Дархан телеграмыттан.
Бөлөххө киир:
Николай Нутчин – Дьуур бу күннэргэ Арассыыйа Дьоруойа үрдүк аатын сүкпүт “Тутаҕа” анаан хоһоон суруйда.
Айылҕа уолана
Сымсата түргэнэ,
Хапсаҕай албаһа
Эр хорсун сүрэҕэ.
Ииппитэ дойдута
Айылҕа арчыта,
Олоҥхо кыһата
Күн айыы боотура.
Ол иһин хоттоҕо
Мин сахам уолана,
Харысхал бэлиэлээх
Самныбат саргылаах.
Мин сахам уолана
Олоҥхом боотура.
Мас кэрдэн от охсон
Үлэни сүктэрэн,
Тымныыга тоҥорон
Куйааска буһаран.
Хатаран ииппитэ
Тоҥ иҥиир гыммыта,
Алааһыҥ барахсан
Эн таптыыр айылҕаҥ.
Аһымал санаалаах
Хахайдыы сүрэхтээх,
Олоҥхом боотура
Мин сахам уолана.
Киэн тутта ыллыыбын
Сэмэйдик тиһэбин,
Бу иэйиим тылларын
Сүрэҕим үөрүүтүн.
Николай Нутчин-Дьуур.
+1
32
+1
1
+1
+1
+1
+1
+1
2
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: