Андрей Мидловец дьонугар дьоһуннаах бэлэҕи оҥорон үөртэ
Амма Чапчылҕаныттан төрүттээх Андрей Мидловец 61 киилэлээхтэргэ диэри көҥүл тустууга Европатааҕы чөмпүйэнээккэ кыһыл көмүс мэтээли аҕалан, төрөөбүт дойдутун дьонун олуһун үөртэ.
Кини Германия, Молдавия, Украина тустууктарын кыайталаан баран, Азербайджан бөҕөһүн Джамал Аббасовы 6:1 эрэллээхтик хотто.
Андрей Мидловец 2004 сыллаахха Чапчылҕан нэһилиэгэр Матрена уонна Павел Мидловецтар интернациональнай дьиэ кэргэннэригэр төрөөбүтэ. Биһиги 9 оҕолоох улахан дьиэ кэргэн ийэтэ Матрена Васильевнаны кытары кэпсэттибит.
— Кэргэним Павел Григорьевич Амма Чапчылҕанын төрүт олохтооҕо. Төрөппүттэрэ түөртээх уолларын илдьэ Днепропетровскай уобалас Орджоникидзе куоратыттан Аммаҕа тутууга үлэлии кэлбиттэр. Онон аҕабыт уу сахалыы иитиилээх. Мин 2003 сыллаахха Эбээн Бытантайтан аймахпар күүлэйдии кэлэн баран, дьылҕабын көрсөн, ыал буолбутум. Амманы иккис дойду оҥостон, олус сөбүлүүбүн. Андрейбыт үһүс кылаастан тустуунан дьарыктанар. Кинини тириэньэрдэр Илья Солдатов, Егор Скрябин тустуук оҕолору тала сылдьан бэлиэтии көрөн, олимпийскай резервэ училищетыгар ылбыттара. Уолбут өрүү сбордарга сылдьар, дьиэтигэр көстүбэт. Быйыл оҕобутун иккитэ эрэ көрдүбүт – Саҥа дьылга уонна ити кыайбыт чөмпүйэнээтигэр барыан иннинэ икки хонукка кэлэн барбыта. От ыйын 19-гар эмиэ эрчиллэ көтүөхтээх. От ыйын 20 күнүгэр 20 сааһын туолар. Онон үбүлүөйүн эмиэ сборга бэлиэтиэҕэ.
Кэргэмминээн уолбут тустар күнүгэр киэһэ хойукка диэри кэтэһэ сатаан баран, утуйан хаалбыт этибит. Түүн аҕабытын “уолгут кыайда!..” диэн уһугуннарбыттарыгар соһуйуу, үөрүү бөҕө буоллубут. Оҕолорбутугар убайдара кыайбытын сарсыарда эппиппит. Ол кэнниттэн уубут көтөн, сарсыарда 4 чаас диэки уоскуйдубут. Оҕолорбут успуорка сыстаҕастар. Быйыл 9 кылааһы бүтэрбит кыыспыт Диана чэпчэки атлетиканан дьарыктанар. Киин куораттарынан күрэхтэһэн, кыайыы көтөллөөх кэлэр. Хайыһардьыт, ядро быраҕар. 9-с кылааска үөрэнэр Гришабыт эмиэ тустуук.
Оҕолорбут дьиэҕэ-уокка туһа дьоно. Элбэх дьиэ кэргэн буолан, 4 ыанар ынахтаахпыт, 3 ньирэйдээхпит, хуруолук уонна куурусса ииттэбит. Оҕуруот аһа, хортуоппуй – бэйэбит киэнэ. Устудьуоннарбыт элбээн эрэллэр. Онон оҕолорбутун аһынан үөлүнэн бэйэбит хааччыйабыт.
Оҕом үөрүүтүн үллэстэригэр эрийэн баран: “Ийээ, эн аскын наһаа да аҕынным!” диэбитигэр, түөрт кыраларбытын ылаат, аҕабытын кытта бүгүн бэйэбит массыынабытынан куораттыыр туһаайыыны тутустубут. Сарсын оҕобутун пуорка киирэн көрсүөхпүт, — диэн кэпсиир дьоллоох ийэ ыраах айантан дьиэтигэр киирээт.
Мидловецтарга “5-тэн үөһээ оҕолоох ыалларга” диэн анал социальнай бырагырааманан Дьокуускайга түөрт хостоох дьиэ биэрбиттэр. Онон элбэх оҕолоох ыал кэлэ-бара дьиэлэригэр сынньанан, оҕолорун каникулларга сэргэхситэн бараллар эбит. “Элбэх оҕолоох ыалга судаарыстыба өрүү көмөлөһөр, өйүүр буолан абыранныбыт”, — диэн бэлиэтиир Матрена Васильевна.
Амма улууһун интернациональнай ыалларыгар — Мидловецтарга Дьиэ кэргэн уонна Оҕо саас сылларыгар уонна бүгүҥҥү Таптал, Эрэл — Дьиэ кэргэн күнүн көрсө уоллара Андрей олус улахан умнуллубат бэлэҕи оҥордо. Кини кыһыл көмүс мэтээлэ – төрөппүт иитиитин үтүө түмүгэ!
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: