Андрей Мидловец дьонугар дьоһуннаах бэлэҕи оҥорон үөртэ

Share

Амма Чапчылҕаныттан төрүттээх Андрей Мидловец 61 киилэлээхтэргэ диэри көҥүл тустууга Европатааҕы чөмпүйэнээккэ кыһыл көмүс мэтээли аҕалан, төрөөбүт дойдутун дьонун олуһун үөртэ.

Кини Германия, Молдавия, Украина тустууктарын кыайталаан баран, Азербайджан бөҕөһүн Джамал Аббасовы 6:1 эрэллээхтик хотто.

Андрей Мидловец 2004 сыллаахха Чапчылҕан нэһилиэгэр Матрена уонна Павел Мидловецтар интернациональнай дьиэ кэргэннэригэр төрөөбүтэ. Биһиги 9 оҕолоох улахан дьиэ кэргэн ийэтэ Матрена Васильевнаны кытары кэпсэттибит.

— Кэргэним Павел Григорьевич Амма Чапчылҕанын төрүт олохтооҕо. Төрөппүттэрэ түөртээх уолларын илдьэ Днепропетровскай уобалас Орджоникидзе куоратыттан Аммаҕа тутууга үлэлии кэлбиттэр. Онон аҕабыт уу сахалыы иитиилээх. Мин 2003 сыллаахха Эбээн Бытантайтан аймахпар күүлэйдии кэлэн баран, дьылҕабын көрсөн, ыал буолбутум.  Амманы иккис дойду оҥостон, олус сөбүлүүбүн. Андрейбыт үһүс кылаастан тустуунан дьарыктанар. Кинини тириэньэрдэр Илья Солдатов, Егор Скрябин тустуук оҕолору тала сылдьан бэлиэтии көрөн, олимпийскай резервэ училищетыгар ылбыттара. Уолбут өрүү сбордарга сылдьар, дьиэтигэр көстүбэт. Быйыл оҕобутун иккитэ эрэ көрдүбүт – Саҥа дьылга уонна ити кыайбыт чөмпүйэнээтигэр барыан иннинэ икки хонукка кэлэн барбыта. От ыйын 19-гар эмиэ эрчиллэ көтүөхтээх. От ыйын 20 күнүгэр 20 сааһын туолар. Онон үбүлүөйүн эмиэ сборга бэлиэтиэҕэ.

Кэргэмминээн уолбут тустар күнүгэр киэһэ хойукка диэри кэтэһэ сатаан баран, утуйан хаалбыт этибит. Түүн аҕабытын “уолгут кыайда!..” диэн уһугуннарбыттарыгар соһуйуу, үөрүү бөҕө буоллубут. Оҕолорбутугар убайдара кыайбытын сарсыарда эппиппит. Ол кэнниттэн уубут көтөн, сарсыарда 4 чаас диэки уоскуйдубут. Оҕолорбут успуорка сыстаҕастар. Быйыл 9 кылааһы бүтэрбит кыыспыт Диана чэпчэки атлетиканан дьарыктанар. Киин куораттарынан күрэхтэһэн, кыайыы көтөллөөх кэлэр. Хайыһардьыт, ядро быраҕар. 9-с кылааска үөрэнэр Гришабыт эмиэ тустуук.

Оҕолорбут дьиэҕэ-уокка туһа дьоно. Элбэх дьиэ кэргэн буолан, 4 ыанар ынахтаахпыт, 3 ньирэйдээхпит, хуруолук уонна куурусса ииттэбит. Оҕуруот аһа, хортуоппуй – бэйэбит киэнэ. Устудьуоннарбыт элбээн эрэллэр. Онон оҕолорбутун аһынан үөлүнэн бэйэбит хааччыйабыт.  

Оҕом үөрүүтүн үллэстэригэр эрийэн баран: “Ийээ, эн аскын наһаа да аҕынным!” диэбитигэр, түөрт кыраларбытын ылаат, аҕабытын кытта бүгүн  бэйэбит массыынабытынан куораттыыр туһаайыыны тутустубут. Сарсын оҕобутун пуорка киирэн көрсүөхпүт, — диэн кэпсиир дьоллоох ийэ ыраах айантан дьиэтигэр киирээт.

Мидловецтарга “5-тэн үөһээ оҕолоох ыалларга” диэн анал социальнай бырагырааманан Дьокуускайга түөрт хостоох дьиэ биэрбиттэр. Онон элбэх оҕолоох ыал кэлэ-бара дьиэлэригэр сынньанан, оҕолорун каникулларга сэргэхситэн бараллар эбит. “Элбэх оҕолоох ыалга судаарыстыба өрүү көмөлөһөр, өйүүр буолан абыранныбыт”, — диэн бэлиэтиир Матрена Васильевна.

Амма улууһун интернациональнай ыалларыгар — Мидловецтарга Дьиэ кэргэн уонна Оҕо саас сылларыгар уонна бүгүҥҥү Таптал, Эрэл  — Дьиэ кэргэн күнүн көрсө уоллара Андрей олус улахан  умнуллубат бэлэҕи оҥордо. Кини кыһыл көмүс мэтээлэ – төрөппүт иитиитин үтүө түмүгэ!

Хаартыскалар -- Матрена Мидловец тиксэриитэ.
What’s your Reaction?
+1
130
+1
1
+1
4
+1
10
+1
4
+1
3
+1
4

Recent Posts

  • Бэрээдэк

Бииргэ олорор дьахтарын өлөрөн сууттанна

Дьокуускай куораттааҕы суут 41 саастаах эр киһи бииргэ олорбут дьахтарын өлөрбүтүнэн бириигэбэр таһаарда. Быһылаан бу…

8 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айылҕа туһунан билиигин тургутан көр

Сэтинньи 25 күнүттэн ахсынньы 8 күнүгэр диэри Бүтүн Арассыыйатааҕы айылҕа харыстабылын дьыктаана буолар диэн СӨ…

23 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аттаах айанньыттар Саха сиригэр төннөн иһэллэр

Атынан Монголияҕа тиийбит айанньыттар Роман Попов, Геннадий Пустоляков Саха сиригэр айаннаан иһэллэр. Кинилэр аттарын таһаҕас…

38 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Бэйэ оҥорон таһаарыы: сылытар олбох

Кэлиҥҥи сылларга "Саха сиригэр оҥоһулунна" диэн хамсааһыҥҥа кыттан, үгүс урбаанньыт бэйэ оҥорон таһаарыытын салаатыгар араас…

53 минуты ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Гаврил Спиридонов: «Сүрдээҕин үөрдүм, долгуйдум»

Олоҥхо күнүгэр Ил Дархан истипиэндьийэлэрин олоҥхоһуттарга, оһуохайдьыттарга, уустарга, норуот маастардарыгар туттарыы сиэрэ-туома буолла. Истипиэндьийэни ылбыттар…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр сэттэ сымыйа харчы баара биллибит

Саха сиригэр 2024 сылга тоҕус ый иһигэр баан систиэмэтэ сэттэ сымыйа харчы баарын билбит. Бу…

1 час ago