Салгыы
Андрей Находкин: «Өрөспүүбүлүкэ хас биирдии олохтооҕор туһуланар»

Андрей Находкин: «Өрөспүүбүлүкэ хас биирдии олохтооҕор туһуланар»

Ааптар:
18.12.2022, 18:19
Бөлөххө киир:

Сарсын, ахсынньы 19 күнүгэр, 12:00 чаастан Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ сыл аайы ыытыллар Анал этиитин иһитиннэриэҕэ.

Ааспыт сыллааҕы Анал этиигэ тыа хаһаайыстыбатын үбүлээһини үрдэтэр соругу туруоран, быйыл күһүн тыа хаһаайыстыбатын өйөөһүҥҥэ эһиилги бүддьүөт барылыгар 11,5 млрд солк. былааннаммытын 2,6 млрд солк. үрдэтэн 14 млрд солк. тириэрдилиннэ. Ол курдук, тэрээһиннээх хаһаайыстыбаларга үүт сыаната 60 солк., ынах сүөһү төбөтүгэр 37 тыһ. солк., биэ төбөтүгэр 5 тыһ. солк. субсидия көрүллэр буолла. Оттон табаны иитиигэ субсидияны 64 мөл. солк. тиэрдэллэригэр этиллибитэ. Быйыл Саха сирин устуоруйатыгар аан бастаан тыа хаһаайыстыбата маннык үбүлэнэр буолла. Судаарыстыбаннай социальнай көмө быһыытынан оҥоһуллар социальнай хантараак кээмэйэ 200 тыһ. солк. диэри улаатта.

Андрей Находкин, Ил Түмэн тыа сиригэр уонна аграрнай бэлиитикэҕэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ: 

— Анал этии Ил Түмэн дьокутааттарыгар диэн гынан баран, өрөспүүбүлүкэ хас биирдии олохтооҕор туһуланар. Эһиил күүспүтүн холбоон, ханнык хайысхаларга күүскэ ылсан үлэлиэхтээхпит быһаарыллар.  Мантан ким да туора турбат. Сарсын Ил Дархан Айсен Николаев норуокка тус былааннарын билиһиннэриэҕэ. 2022 сылы хайдах-туох туораан эрэрбитигэр олоҕуран, ханнык боппуруостар быһаарыллыбатахтарыгар болҕомтону ууруоҕа. Былырыын тыа хаһаайыстыбатыгар сыһыаннаах хас да хайысханы эппитэ, олор барыта олоххо киирдилэр. Бары эһиилги үлэ-хамнас туохха туһаайылларын күүтэбит. Ол сыалы-соругу бары түмсэн, сомоҕолоһон, олоххо киллэриэхпит диэн эрэнэбин.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
27 июля
  • 20°C
  • Ощущается: 20°Влажность: 77% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: