Ил Дархан Айсен Николаев 2018 сыллаахха таһаарбыт өрөспүүбүлүкэ экология өттүнэн этэҥҥэ буолуутун хааччыйыы туһунан ыйааҕын саҥардан, кулун тутар 12 күнүгэр саҥа ыйаахха илии баттаата.
Ил Түмэн Сир сыһыаннаһыыларыгар, айылҕа ресурсаларыгар уонна экологияҕа сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Андрей Находкин туһааннаах ыйаах туһунан санаатын үллэһиннэ:
— Ил Дархан Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ баһылыгынан талыллаат, бастакы докумуонунан өрөспүүбүлүкэ экология өттүнэн этэҥҥэ буолуутун хааччыйыы туһунан стратегическай ыйааҕа буолбута. Билигин саҥардыллыбыт ыйаах кэҥээн биэрбитин таһынан, РФ Бэрэсидьиэнэ киллэрбит боппуруостара эмиэ киирдилэр. Сис кэмитиэт бүтэһик пленарнай мунньахха ирбэт тоҥу кэтээн көрүү туһунан (о фоновом мониторинге многолетней (вечной) мерзлоты) сокуон барылын бастакы ааҕыыга оҥорон киллэрбиппит. Бу боппуруоһу биһиги 2014 сылтан туруорабыт. Дьэ, онтубут федеральнай сокуоҥҥа көһүннэ. Ол онно олоҕуран өрөспүүбүлүкэҕэ ирбэт тоҥу кэтээн көрүүгэ 44 пост туруоруллара былааннанар. Маны таһынан сүүсчэкэ социальнай эбийиэккэ геотехническэй кэтээн көрүү пилотнай бырайыага үлэлиэҕэ.
Сиһилии манна ааҕыҥ.
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…
Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038