Андрей Находкин: «Михаил Ефимович биһиги дьолбутугар төрөөбүт киһи»
Андрей Находкин, СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) дьокутаата:
— Дойду саамай ыарахан кэмнэригэр төрөөбүт дойдутун көмүскүүр, дурда-хахха буолар дьон сүүс сылга биирдэ төрөөн ааһаллар. Михаил Ефимович биһиги дьолбутугар төрөөбүт киһи. Тыа сирин олохтоохторо олус долгуйдулар, дириҥник курутуйдулар. Бу ыарахан күннэргэ алтыспыт кэмнэрбитин, оҥорбут дьыалатын ахтан-санаан ааһабыт. Саха сирин бары олохтоохторугар, саха норуотугар улахан сүтүк буолла. Суолбутун-ииспитин булунар кэммитигэр Михаил Ефимович муударай бэлиитикэни ыыппыта. Кини өрөспүүбүлүкэни инники күөҥҥэ таһаарбыт, сомоҕолообут киһибит буолар. Тыа сирин дьоно-сэргэтэ, тыа хаһаайыстыбата ханнык таһымҥа турарый диэн ыйытыыга элбэхтик кэпсэппиппит. Кэм-кэрдии аастаҕын аайы Михаил Ефимович Николаев оҥорбут дьыалата өссө дириҥ суолталанан иһиэҕэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: