Андрей Ноговицын: «Ыйааҕы олоххо киллэриигэ кэпэрэтииптэр бары бииргэ түмсэрбит наада»

Андрей Ноговицын: «Ыйааҕы олоххо киллэриигэ кэпэрэтииптэр бары бииргэ түмсэрбит наада»

29.03.2024, 20:06
Хаартыска -- Елена Потоцкая
Бөлөххө киир:

Ил Дархан Айсен Николаев тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга туһуламмыт саҥа ыйааҕын оҥорон таһаарар салааны сайыннарыыга үлэлэһэ сылдьар дьон үлэлэригэр олус туһалаах докумуон быһыытынан сыаналыыллар. 

Астыыр-үөллүүр тэрилтэлэр сойуустарын толорооччу дириэктэрэ Андрей Ноговицын Ил Дархан Айсен Николаев тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга туһуламмыт ыйааҕын олоххо киллэриигэ кэпэрэтииптэр бары бииргэ түмсэн үлэлииллэрэ наадатын бэлиэтээтэ.  Кини ыйаах туһунан санаатын бу курдук үллэһиннэ:

Ил Дархан тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга туһуламмыт ыйааҕа кэмигэр таҕыста. Билигин сүрүн соругунан бородууксуйаны элбэтиигэ, кэпэрэтииптэргэ  технологическай саҥардыыны ыытар сорук турар. Саҥа сыыппара технологиятын батарыыга туһаныы  — кэм ирдэбилэ. Пиэрмэрдэр бородууксуйаларын туһунан сокуон тахсарыгар бэлэм буолуохпутун наада. Бүгүҥҥү күҥҥэ улуустарга баар аһы переработкалыыр кэпэрэтииптэр  агроагрегатор тэриниигэ  бэлэмнэр.  Оҥорон таһаарыыга, бу хаһаайыстыбаларга, нууччалыы эттэххэ, «резерв» баар. Билигин «обрат» үүттэн аһытыллыбыт үүт бородууксуйатын оҥорон таһаарыыны баһылыахха наада. Ол эбэтэр «вторичнай сырьё» дэнэр үүт астан кефири, суораты, быырпаҕы оҥорууну элбэтиэххэ наада. Өрөспүүбүлүкэҕэ эрэгийиэннээҕи агрегаторы тэрийии соруга турар.  Бу улуустар кэпэрэтииптэригэр бородууксуйаларын батарыыга көмөлөһүөҕэ уонна кинилэр үлэлиир кыахтарын кэҥэтэргэ туһалыаҕа.

+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
24 ноября
  • -27°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 83% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: