Андрей Павлов: «Экэниэмикэ бигэ туруктаах»
Дойду Бэрэсидьиэнэ быһа эпиир кэмигэр, аан дойдутааҕы сааҥсыйалар баалларын үрдүнэн, Арассыыйа экэниэмикэтэ бигэ туруктаахтык сайдан иһэрин бэлиэтээтэ.
Бу туһунан СӨ тутууга министиэристибэтин уопсастыбаннай сэбиэтин чилиэнэ Андрей Павлов бэйэтин санаатын үллэһиннэ:
— Олох хаачыстыбатын тупсарыыга сүрүн оруолу ылар тутуу салаатыгар ураты болҕомто уурулунна. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр сыл устата уонунан эбийиэктэр үлэҕэ киирдилэр: оскуолалар, оҕо саадтара, успуорт эбийиэктэрэ уонна култуура кииннэрэ. Тыһыынчаттан тахса ыал хаарбах туруктаах дьиэттэн көһөрүлүннэ. Бу национальнай бырайыактар чэрчилэринэн улахан суолталаах инникигэ хардыы буолар. Уһук Илиҥҥи ипотеканан туһанан олорор дьиэ кэргэн олорор усулуобуйаларын тупсараллар. Тутууга туһуламмыт национальнай бырайыактар саҥа үлэ миэстэтин таһаараллар, социальнай инфраструктураны тупсараллар уонна биир дойдулаахтарбыт олохторун табыгастаах оҥороллор. Кэлэр сылга дойдубутугар тутуу салаата кэлим сайдыытын хааччыйан, бу үлэ салгыы ыытыллаҕа.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: