Андрей Тарасенко: «Бэйэтэ хаһаайыстыбалаах киһи дьадайыан сатаммат»

Share

Атырдьах ыйын 9 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Андрей Тарасенко үбүлүөйдээх 60 сааһын туолла. Премьер-миниистир үбүлүөйүн үлэ үөһүгэр көрүстэ. Биһиги эрэдээксийэбит эҕэрдэлэргэ кыттыһан туран, бэлиэ күҥҥэ сөп түбэһиннэрэн олох-дьаһах, Саха сирин сайдыытын туһунан киэҥ ис хоһоонноох интервью ылла.

УОН БАСТЫҤ КӨРДӨРҮҮЛЭЭХ ЭРЭГИЙИЭН ИҺИГЭР

– Андрей Владимирович, ааспыт биэс сылга Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын үлэтин хайдах сыаналыыгын? Өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтэ хайдах туруктааҕый?

– Өрөспүүбүлүкэ бүгүҥҥү экэниэмикэ сайдыытыгар ситиһиитэ – хамаанда үлэтэ буолар. Өрөспүүбүлүкэбит экэнэмиичэскэй сайдыыта уон бастыҥ көрдөрүүлээх эрэги­йиэн иһигэр киирдэ. Саха сиригэр кырата суох үлэ баран, маннык үчүгэй түмүгү ситис­тибит. Тоҕо диэтэххэ, итиччэ үбү ыллылар даҕаны биэрбэттэр, ханнык эрэ бырагырааманан, туохха олоҕурарын ырытан, дакаастаан, сиһилии быһаар­дахха эрэ ылыналлар.

Бүгүн өрөспүүбүлүкэ баалабай бородууксуйата 2 трлн солк. кэриҥэ буолла, бу дьоһуннаах көрдөрүү. Сиртэн хостонор баай бары салааларыгар, ааспыт биэс сыллаах үлэ түмүгүнэн, көрдөрүү улааппыта чопчу көстөр. Гаас, ньиэп, чох салааларыгар былааны аһара толорон, инникилээн иһэбит.

Биһиги аан бастаан тимири хостооһуну саҕалаатыбыт, бастакы мөлүйүөн туоннаны быйыл ылыахпыт. Тимири хостоон, уһааран инникитин бырамыысыланнас биир кэскиллээх салаатын оҥоруох­таахпыт. Тимир бырамыысыланнаһын сайыннарыыга Саха сиригэр кыах баар.

– Өрөспүүбүлүкэҕэ ханнык национальнай быра­йыактар олоххо киирэллэрий?

– Дойду үрдүнэн барыта 12 бырайыак баар, биһиги ол хайысхатынан үлэлиибит. Күн бүгүн аҥаардас нацбырайыактар чэрчилэринэн 150 млрд солк. үбү көрөн олоробут. Билигин атомнай ыс­­таансыйаны тутар хампаанньалар кытары киирэн эрэллэр. Ленскэй оройуонугар 550 МВт кыамталаах уот ыстаан­сыйата тутуллуо. Биһиги элбэх сирбит гааһынан баай, ол эрээри ону барытын ылан биир ха­­йысхаҕа ыытар уустук. «Сибиир күүһүн» ситимигэр кыайан киирэр кыахпыт суох. Биһиги гааһы өрөспүүбүлүкэ иһигэр Алданы, Нерюнгрины уо.д.а. улуустары хааччыйарга туһанабыт. Эрдэ логистика суоҕуттан «Сибиир күүһүттэн» тахсан туспа хайысханы тутуһарбыт табыллыбат этэ. Бүгүҥҥү күҥҥэ бу логистиканы биһиги бы­­һаардыбыт, онон Ленскэй, Өлүөхүмэ оройуоннарыгар баары барытын холбоон үлэлээн эрэбит. Барыта оҥоһуллан олоххо киирдэҕинэ, бүддьүөккэ бу хайыскаҕа эбии 20 млрд солк. курдугу киллэриэн сөп. Ону таһынан элбэх оройуон гааска холбоноругар, туруктаах электроэнергиянан хааччылларыгар кыаҕы биэриэҕэ. Бу Саха сирин соҕуруу өттүн туһунан эрэ эттим.

Оттон бүгүн Арктика сайдыыта балысханнык барар. Биһиги саҥа логистиканы оҥоробут, тырааныспар инфраструктуратын, муора пуордун причалларын, итини таһынан таһаҕаһы таһыы баазатын тутуу бырайыактарын көрөбүт. Найба пуорда Арктика сайдыытыгар улахан төһүү буо­­луоҕа. Найбаттан биһиги Халыма, Индигир, Өлөөн, Анаабыр, Өлүөнэ, Дьааҥы өрүстэринэн уунан сырыыны хааччыйан, дьону уонна таһаҕаһы таһар кыахтаныахпыт.

ХААРТЫСКАЛАР: СӨ БЫРАБЫЫТАЛЫСТЫБАТЫН ПРЕСС-СУЛУУСПАТЫТТАН.
ХААРТЫСКАЛАР: СӨ БЫРАБЫЫТАЛЫСТЫБАТЫН ПРЕСС-СУЛУУСПАТЫТТАН
ХААРТЫСКАЛАР: СӨ БЫРАБЫЫТАЛЫСТЫБАТЫН ПРЕСС-СУЛУУСПАТЫТТАН

ИНВЕСТИЦИЯЛААҺЫН САҤА СУОЛЛАРЫН ОЛОХТООН, БЭЙЭБИТИГЭР ТАРДАН

– Инвестициялааһын улаатара бэлиэтэнэр. Саха сирэ улахан болҕомтону тардар, инвестордар үптэрин ханна угалларый? Сайдыы хайдах буолуоҕай?

– Биһиги өрөспүүбүлүкэҕэ саҥа инвестордар киирэр платформаларын, усулуобу­йаларын тэрийдибит. Баазабай суот­­тааһыннары оҥордубут, логистика өттүнэн барыһы биэрэр усулуобуйаны тэрийэбит. Холобур, тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарыытын ыллахха, биһиэхэ араас бэлэм үүт бөҕө, ол гынан баран, ону үүт да диэбэккин. Оттон бэйэбит оннук өрөспүүбүлүкэ таһыгар хоточчу таһаарар кыахпыт суох, тоҕо диэтэххэ, логистиката кыаллыбат. Оттон оҥоһуута судургу эрээри, сыаната ыарахан ынах арыытын Кытайга таһаарыы барыстаах буо­луон сөп. Онон, биһиги бүгүн барыһы биэриэн сөптөөх бородууксуйанан эргинэргэ хайысханы толкуйдуубут. Ону сүрүннүүр Саха сиринээҕи аукцион дьиэтин тэрийии соруга турар.

Иккиһинэн, биһиэхэ улахан гаас-хиимийэ саппааһа баар. Гаас-хиимийэ саппааһыттан саамай барыстаахтара бутандион буолар. Мантан суорҕаны, былаастык иһиттэри, о.д.а. оҥороллор. Кытайга бутандиону чохтон гааска көһөрөн, онтон химиичэскэй процеһынан ылаллар. Оттон би­­һиэхэ бутандион элбэх, чэпчэки, хаачыстыбата атын эрэгийиэннэрдээҕэр быдан ордук. Онон инникитин экэниэмикэ сайдыытыгар эргинэргэ туһалаах буолуон сөп.

Аны туран, бүгүн биһиэхэ өстүөкүлэ наада, Уһук Илин ханна даҕаны өстүөкүлэ со­­буота суоҕун кэриэтэ. Биһиэхэ элбэх кварц баар, ону эмиэ туһаҕа таһаарыахха сөп. Билигин итинэн хайдах бааза оҥорон, өстүөкүлэ собуотун тэрийэри тобулабыт. Итини таһынан биһиэхэ кирпииччэ собуота эмиэ наада, бетон тымныы, ититиини эрэйэр, оттон былыр-былыргыттан туой дьиэ туттарга аналлаах диэн билэбит. Онон бу хайысхаҕа эмиэ былаан элбэх.

– 2024 сылга диэри 14 аэропорт саҥаттан оҥоһуллан үлэҕэ киириэхтээх. Былаан хайдах туолан иһэрий?

– 14 аэропорка аныгы олох ирдэбилинэн уонна эргэрэннэр саҥатытыы үлэтэ ыытыллара быһаарыллыбыта. Үлэ бы­­лаан быһыытынан баран иһэр, арай 2022-2023 сс. Өлүөхүмэ аэропордун оҥорор бэдэрээт­чит үлэтэ атахтанан, иэскэ киирэн, сөмөлүөт түһэр балаһатын эрэ оҥороллорун ситистибит. Билигин атын бэдэрээтчит үлэни ылан саҕалаата. Бу пуорт балаһата сөмөлүөт түһэригэр бэлэм, сырыы саҕаланна, онон кыраапыктан хаалыы суох. 2024 сылга эбийиэк туттарыллан, толору үлэҕэ киириэҕэ.

Бу бырагырааманан үлэ салҕанан барыаҕа. Атомнай ыстаансыйа тутуллар сиригэр Уус Куйгаҕа эмиэ үчүгэй аэропорт наада. Онон салгыы аэропортар тутуллалларыгар үлэлэһэбит.

ХААРТЫСКАЛАР: СӨ БЫРАБЫЫТАЛЫСТЫБАТЫН ПРЕСС-СУЛУУСПАТЫТТАН
ХААРТЫСКАЛАР: СӨ БЫРАБЫЫТАЛЫСТЫБАТЫН ПРЕСС-СУЛУУСПАТЫТТАН
ХААРТЫСКАЛАР: СӨ БЫРАБЫЫТАЛЫСТЫБАТЫН ПРЕСС-СУЛУУСПАТЫТТАН

БАРЫ САЛААНЫ ТЭҤИНЭН САЙЫННАРАР НААДА

– Андрей Владимирович, тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар туох үлэ барарый?

– Өрөспүүбүлүкэ кэскиллээх сайдыытын, биллэн турар, тыа хаһаайыстыбатыгар көрөбүт. Бүгүҥҥү күҥҥэ аһылык баазатын тупсарыы соруга турар. Өлгөм үүтү, эмис эти ыларга ынах-сүөһү аһылыгын бэлэмнээһин улахан оруоллаах.

Биһиги Ил Дарханы кытары элбэхтик өрөспүүбүлүкэ улуустарынан сылдьабыт. Тыа сиригэр сылдьан дьон-сэргэ хайдах олорорун көрөбүт, нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутугар сүрүн болҕомтону уурабыт. Сорох дэриэбинэлэргэ сырыттахха, тиэргэннэригэр хор­туоппуй, о.д.а. оҕуруот аһа даҕаны, дьиэ кыыла-көтөрө даҕаны көстүбэт. Дьиҥинэн, биирдиилээн ыал тиэргэнигэр дьиэ кыыла-көтөрө сүүрэ сылдьар, толору оҕуруот буолара улахан суолталаах. Оттон сорох улуустарга кус-хаас, ааһа баран индюк, оҕуруот аһын ­арааһа, хортуоппуй үүммүт буолар. Ол аата бу улууска кэтэх хаһаайыстыбаны сайыннарыы сөптөөхтүк барар дии саныыгын. Маннык хаһаайыстыбалаах киһи мэлдьи бэйэтин хааччынарын таһынан, ордубутун эргинэр кыахтаах. Биһиги уустук килиимэттээх сиргэ олоробут, онон сорох сирдэргэ суол-иис да суох буолан, ким даҕаны бородуукта аҕалыа суоҕун сөп. Саха сирин олохтоохторугар килиимэт, айылҕа улаханнык сабыдыаллыыр, холобур, ойуур баһаардара, улахан сөҥүү түһүүтэ, уо.д.а. Онон хаһан баҕарар саппаастаах буолуохха наада. Бэйэтэ хаһаа­йыстыбалаах киһи дьадайыан сатаммат, аны дьарыктаах, үлэлээх-хамнастаах, сиргэ-уокка тардыһыылаах буолар.

Ил Дархан сөптөөх быһаарыныыны ылынан, араас ха­­йысханан тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга 151 агростартабы тэрийэр кыаҕы биэрдэ. Бу билиҥҥитэ кыра курдук эрээри, бары улуустарга дьон интэриэһин тарта.

Итини таһынан, саамай кылаабынайа, сири таҥас­тааһыны ситиһиэхтээхпит. Дьиҥинэн, бааһыналарбытын оҥорон үүнээйи култууратын ыһан эбии аһылыгы үүннэрэн элбэх үүтү-эти ылыахпытын эмиэ сөп ээ.

Үгүс улууска ынах-сүөһү аһылыгар болҕомто ууруллубат буолан, үүтү оҥорон таһаа­рыы мөлтөх. Оттон Бүлүү эҥээр, холобур, Сунтаарга 4 тыһ. туон­наҕа тиийэ ыыллар. Ол иһин сири-уоту оҥостон, эбии аһылыгы үүннэрэн, өлгөм үүтү ылары ситиһиэххэ наада. Тыа хаһаайыстыбатыгар бары салаа­ны тэҥинэн сайыннардахха эрэ сатанар.

ОЙУУР БАҺААРДАРЫТТАН – БАЛЫГЫ ҮӨСКЭТИИГЭ ТИИЙЭ…

– Ойуур баһаардарын, халааннааһын кэмигэр нэһилиэнньэҕэ куттал суох буолуутун хайдах хааччы­йаҕыт? Зондировщик-сөмө­лүөт көтүүтэ төһө көдьүүстээҕий?

– Баһаардар, хомо­йуох иһин, тахсаллар. Биһиги маныаха тиһиктээх үлэни ыытабыт. Баһаары умуруорар биригээдэ тэриннибит, билигин кинилэр күүстэринэн ойуур баһаардара бохсуллаллар. Аны бэйэбит сөмөлүөттэннибит. Биһиэхэ бэйэбитигэр маннык сөмөлүөт баарын атын эрэгийиэннэр ымсыыра көрөллөр. Элбэх эрэгийиэн биһиги уопуппутун ылынан эрэр.

Зондирование тиһигин өрөспүүбүлүкэ баһылыгын кытары оҥорору ситиһэн, билигин көдьүүһэ көһүннэ. Биһиги бэйэбит сатыыр буоллубут, баһаардары умуруорууга туһана сылдьабыт. Нэһилиэнньэ сорох сиргэ ардаҕы түһэрэри тохтотуҥ диир, ол эрээри бу үлэ улахан баһаар турбут сиригэр уонна курааннаабыт сиргэ эрэ туһаныллар. Онон сөҥүү туһуламмыт сиргэ эрэ түһэриллэр. Дьон, хомойуох иһин, сыыһа өйдүүр. Аны туран, сөҥүү түспүт сирдэригэр быйыл өлгөм үүнүү бэлиэтэнэр, сарсыарда от сииктээх. Кэнники сылларга сир-уот, от-мас куура хатан, сиик да суох буолара.

– Икки сыл анараа өттүгэр эн Саха сиригэр баар балык бары көрүҥүн генофондатын тэрийэр наадатын туһунан эппитиҥ. Ол хаһан олоххо киириэҕэй?

– Өрүстэрбитигэр балыктарбыт саппаастара биллэрдик аҕыйаабыта бэлиэтэнэр. Киһи аймах оҥоһуутуттан, уу эйгэтэ уларыйыытыттан араас күндү балыктарбыт сүтэн-эстэн хаалыах курдуктар. Онон биһиги генофонда тэрийэн, балыгы үөскэтэн, чөлүнэн хаалларыахпытын наада. Чернышевскайга баар балык собуота кыаҕа олус кыра, 30 кв. м балыгы үөскэтии диэн олох аҕыйах. Билигин бырайыак оҥоһуллан, ситэриллэн эспэртиисэҕэ ыытыллан эрэр. Бырайыагы «Саха сирин тимир суоллара» тэрилтэ оҥорор, онон сотору Саха сиригэр улахан балык собуота тутуллуо. Икки итинник улахан собуот баар буоллаҕына, Өлүөнэ эбэни араас балыгынан хааччы­йар кыахтаныахпыт. Биһиэхэ аны Халыма, Индигир, о.д.а. өрүстэр бааллар, баларга барыларыгар суоттанан оҥоруох­таахпыт, оччоҕо инники көлүөнэ ыччаппытыгар балык саппааһын хааллардыбыт диэхпит. Билигин туризмы эрэ өрө таһаара сатыыбыт, балыктыы Саха сиригэр элбэх киһи кэлиэхтэрин баҕараллар. Балыктааһын туризма өссө сайдан олус элбэх киһи кэлэн балыктаатаҕына, Астрахань курдук буолуохпутун сөп диэн дьиксинэбин. Онно хас даҕаны сылы быһа балыктааһын олох бобулла сылдьыбыттаах, биһиэхэ оннук тахсыбатын курдук, эрдэттэн дьаһаныахпытын наада.

ХААЧЧЫЙЫЫ, ЭРГИЭН САҤА ТИҺИГЭ, ЛОГИСТИКАТА ОЛОХТОНОР

– Улахан болҕомто Аркти­каны аһынан-үөлү­нэн хааччыйыыга ууруллар. Арктикаҕа билигин эр­­гиэн-логистическай кииннэрэ күүскэ тутуллаллар. Балар олохтоохторго көдьүүстэрэ хайдаҕый?

– Урут мин Тиксиигэ сылдьар кэммэр, туох барыта баар, чэпчэки сыаналаах буолара, саамай үчүгэй хааччыллыылааҕа. Сэбиэскэй кэм ыһыл­лаатын кытары, ол барыта суох буолбута.
Ааспыт сылларга баар тиһик олус ороскуоттаах уонна ыараханнык ситиһиллэр этэ. Онон өрөспүүбүлүкэ баһылыга саҥа тиһиги, логистиканы оҥорорго соруйбута. «Якутоптторг» тэрилтэни ыламмыт, тиксиһиннэрээччитэ суох, бэйэбит кыахпытынан, быһа үлэлиир, таһаҕаһы тириэрдэр саҥа тиһиги оҥордубут. Урут 4 тыһыынча туонна таһаҕаһы таһар буол­лахпытына, аны 10 тыһыынча туоннаҕа тириэртибит.

Аны туран, кыра ыйааһыннаах таһаҕаһы тириэрдиигэ анаан радиотиэхиньикэ, уу түһэн хааллаҕына сылдьар кыра катер сакаастаатыбыт. Пилота суох көтөр аалынан таһаҕаһы тириэрдиигэ эмиэ суоттанабыт. Биир туоннаҕа диэри таһаҕаһы 1000 км диэри таһар пилота суох көтөр аал Москваҕа бэрэбиэркэҕэ сылдьар. Онон, аны пилота суох аалынан таһаҕаһы ханна баҕарар түһэрэр кыахтаныахпыт.

Улуустарга суудунанан таһаҕаһы тириэрдиини уонна уон биир сиргэ хара­йыы логистикатын киинин тэрийиини былаанныыбыт. Таһаҕаһы тириэрдиигэ анаан «Якутоптторга» өссө икки суудуна ыллыбыт. Бүгүҥҥү туругунан биэс киини туттубут, кэлэр сылга өссө биэһи тутуохпут.

– Кэнники сылларга өрөспүүбүлүкэ салалтата оскуолаларга хапытаа­лынай өрөмүөнү ыытыыга улахан болҕомтотун уурар. Саҥа үөрэх дьылыгар бэлэмнэнии хайдах баран иһэрий?

– Ааспыт сылга 38 оскуолаҕа хапытаалынай өрөмүөн оҥоһуллубута. Быйыл 57 ос­­куола өрөмүөннэнэрэ былаан­наммыта, атырдьах ыйын саҥата сорохтор, номнуо, бэлэм буол­лулар. Эбийиэктэри кэри­йэн көрөбүн, оскуолалар саҥаларыгар түспүт курдук буол­буттар. Төрөппүттэр даҕаны астыналларын, махтаналларын биллэрэллэр.

– Эн үлэҕинэн өрөспүү­бүлүкэ улуустарын барыларын кэрийдиҥ. Ханнык улуус ордук өйгөр хатанан хаалла?

– Бары улуустар тус-туспа олохтоохтор-дьаһахтаахтар, онон барыларын өйбөр хатыыбын. Хас биирдиилэрэ интэриэһинэйдэр, кыһалҕа да син биир баар. Саха сирин сирэ-­уота олус киэҥинэн уонна элбэх норуот олорорунан улуус­тарбыт бары уратылаахтар, ки­­лиимэт да, сир-дойду да өттүнэн араастар.

Ол гынан баран, биһиги дьон дьоһуннаахтык, ба­­йылыаттык олорорун туһугар үлэлиэхтээхпит-хамсыах­таахпыт.

– Андрей Владимирович, кэпсээниҥ иһин махтанабын!

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago