Экэнэмиис күнүнэн эҕэрдэ

Share

Ытыктабыллаах экэниэмикэ эйгэтин үлэһиттэрэ!

 Эһигини Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын уонна тус бэйэм ааппыттан биһиги дойдубутугар  сэтинньи 11 күнүгэр бэлиэтэнэр экэнэмиис күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!

Бу күн өрөспүүбүлүкэ уонна дойду социальнай- экэнэмиичэскэй сайдыыларыгар экэнэмиис идэтин уонна оруолун тоһоҕолоон бэлиэтиибит.  Бүгүҥҥү күҥҥэ дьоҕус тэрилтэлэр да, судаарыстыбаннай былаас да уорганнарын үлэлэрэ  экэнэмииһэ суох табыллыбаттар.

Үйэлээх үбүлүөйүн өрөспүүбүлүкэ улахан ситиһиилээх түмүктэрдээх, кыайыылардаах көрүстэ. Бүгүн Саха сирэ Уһук Илин уокуругар баалабай бородууксуйа кээмэйигэр  бастыҥ көрдөрүүлээх эрэгийиэн. Уһук Илин бүддьүөтүн тиһигэр хас бэһис солкуобай биһиги өрөспүүбүлүкэбититтэн киирэр. Сыл аайы өрөспүүбүлүкэ көмүһү, ньиэби, гааһы уонна чоҕу хостооһуҥҥа көрдөрүүтүн тупсарар. Оннооҕор быйылгы курдук уустук дьылга экэниэмикэ сайдыытын бытаардыбатыбыт, 8 % үрдэттибит. Маныаха биһиги экэнэмиистэрбит  үрдүк таһымнаах үлэлэрин бэлиэтиибит.

Ил Дархан Айсен Николаев инники киирбиигэ сылдьыыга тутуспут тосхоло дьыалатыгар көдьүүстээҕэ көһүннэ. Оттон Саха сирин олохтоохторун уйгулаах олохтоох буолууларын ситиһии уонна экэниэмикэ кыаҕын олоххо киллэрии былаас уорганнара, уопсастыбаннай  тэрилтэлэр уонна өрөспүүбүлүкэ бары олохтоохторо үлэҕэ бииргэ түмсэн  ылыстахтарына ситиһиллиэҕэ. Бу ордук билиҥҥи экэниэмикэни уонна нэһилиэнньэни өйүүр дьаһаллары  суһаллык быһаарыы соруга турар кэмигэр суолталаах боппуруоһунан буолар.

Күндү доҕоттор! Эһиэхэ үлэҕитигэр бэриниилээх сыһыаҥҥытыгар, сатабылгытыгар, дойду саамай бөдөҥ эрэгийиэнин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар сүҥкэн  кылааккыт   иһин истиҥник махтанан турар,  эһиэхэ уонна эһиги дьиэ кэргэттэргитигэр дьолу, ситиһиини уонна  кытаанах доруобуйаны баҕарабын!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Андрей Тарасенко

 

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Тропами Победы» – “Дальний Восток – Земля приключений” куонкурус саҥа номинацията

 «Дальний Восток – Земля приключений» куонкуруска “Тропами Победы” (“Кыайыы ыллыгынан”) диэн саҥа номинация баар буолла.…

14 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьокуускайга полицейскайдар олохтоох киһиттэн 4,5 киилэттэн тахса гашиһы былдьаатылар

Саха сиринээҕи ИДьМ наркотигы хонтуруоллуур отделын үлэһиттэрэ бобуулаах веществолары сокуона суох тарҕатыыга уорбаланар 30 саастаах…

44 минуты ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Сунтаар бибилэтиэкэтэ айар дьоҕурдаахтары түмэр

Леонид Попов аатынан Сунтаар улуустааҕы библиотекатын айымньылаах үлэтин биир бэлиэ көстүүтүнэн үгэс курдук ыытыллар “Сунтаар…

53 минуты ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Олоҥхо ыһыаҕар батыйаны оҥорууга Амма улууһун ууһа кыайда

Өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕын сүрүн түгэннэриттэн биирдэстэринэн «Батыйа - эр хоһуун санаа уонна үрдүк таһым бэлиэтэ»…

58 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Олоҥхо ыһыаҕа: Олоҥхону сэттэ тылынан аахтылар

Нерюнгригэ Олоҥхо ыһыаҕар түөрт сыллааҕыта Үөһээ Бүлүүгэ саҕаламмыт «Олоҥхону ааҕабыт» бырайыак салҕанна. Үгэс курдук, бырайыагы…

1 час ago
  • Чэгиэн

1 тииптээх саахарынай диабеттаах оҕолор аныгы систиэмэнэн хааччылыннылар

Саха сиригэр 1 тииптээх саахарынай диабеттаах 2-17 саастаах оҕолор сыл бастакы аҥаарыгар глюкоза тиһигин быспат…

1 час ago