Ытыктабыллаах экэниэмикэ эйгэтин үлэһиттэрэ!
Эһигини Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын уонна тус бэйэм ааппыттан биһиги дойдубутугар сэтинньи 11 күнүгэр бэлиэтэнэр экэнэмиис күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!
Бу күн өрөспүүбүлүкэ уонна дойду социальнай- экэнэмиичэскэй сайдыыларыгар экэнэмиис идэтин уонна оруолун тоһоҕолоон бэлиэтиибит. Бүгүҥҥү күҥҥэ дьоҕус тэрилтэлэр да, судаарыстыбаннай былаас да уорганнарын үлэлэрэ экэнэмииһэ суох табыллыбаттар.
Үйэлээх үбүлүөйүн өрөспүүбүлүкэ улахан ситиһиилээх түмүктэрдээх, кыайыылардаах көрүстэ. Бүгүн Саха сирэ Уһук Илин уокуругар баалабай бородууксуйа кээмэйигэр бастыҥ көрдөрүүлээх эрэгийиэн. Уһук Илин бүддьүөтүн тиһигэр хас бэһис солкуобай биһиги өрөспүүбүлүкэбититтэн киирэр. Сыл аайы өрөспүүбүлүкэ көмүһү, ньиэби, гааһы уонна чоҕу хостооһуҥҥа көрдөрүүтүн тупсарар. Оннооҕор быйылгы курдук уустук дьылга экэниэмикэ сайдыытын бытаардыбатыбыт, 8 % үрдэттибит. Маныаха биһиги экэнэмиистэрбит үрдүк таһымнаах үлэлэрин бэлиэтиибит.
Ил Дархан Айсен Николаев инники киирбиигэ сылдьыыга тутуспут тосхоло дьыалатыгар көдьүүстээҕэ көһүннэ. Оттон Саха сирин олохтоохторун уйгулаах олохтоох буолууларын ситиһии уонна экэниэмикэ кыаҕын олоххо киллэрии былаас уорганнара, уопсастыбаннай тэрилтэлэр уонна өрөспүүбүлүкэ бары олохтоохторо үлэҕэ бииргэ түмсэн ылыстахтарына ситиһиллиэҕэ. Бу ордук билиҥҥи экэниэмикэни уонна нэһилиэнньэни өйүүр дьаһаллары суһаллык быһаарыы соруга турар кэмигэр суолталаах боппуруоһунан буолар.
Күндү доҕоттор! Эһиэхэ үлэҕитигэр бэриниилээх сыһыаҥҥытыгар, сатабылгытыгар, дойду саамай бөдөҥ эрэгийиэнин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар сүҥкэн кылааккыт иһин истиҥник махтанан турар, эһиэхэ уонна эһиги дьиэ кэргэттэргитигэр дьолу, ситиһиини уонна кытаанах доруобуйаны баҕарабын!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Андрей Тарасенко
Орто Халыма улууһун Хатыҥнаах нэһилиэгин олохтоохторо, төһө да хаар уулла илик буоллар, бүгүҥҥү бырааһынньыктарын "Дорообо,…
Бүгүн Горнай улууһун Бэрдьигэстээҕэр Эйэ, Үлэ, Маай бырааһынньыгын күнүгэр үлэ кэлэктииптэрин икки ардыларыгар үлэ күрэҕэ…
Бүгүн, ыам ыйын 1 күнүгэр, киин куоракка "Дорообо, Күөх Маай!" диэн бырааһынньыктааҕы үөрүүлээх тэрээһиннэр буола…
Ыам ыйын 15 күнүттэн Арассыыйаҕа саҥа сокуон олоххо киириэҕэ. Ол курдук, сураҕа суох сүппүт дьон…
Муус устар 27-28 күннэригэр Калининградка 15 саастарыгар диэри саастаах дзюдоистарга Арассыыйаҕа бастыыр иһин күрэхтэһии ыытылынна.…
Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан, "Бочуоттаах настаабынньык" диэн судаарыстыбаннай наҕараада олохтонно. Үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтэ…