Салгыы
Ангелина Васильева-Дайыына: “Киһи олоҕор суолталааҕы оҥоруохтаах”

Ангелина Васильева-Дайыына: “Киһи олоҕор суолталааҕы оҥоруохтаах”

13.01.2025, 10:00
Бөлөххө киир:

“Эн-мин” дэһэн, иллээх-эйэлээх кэлэктиипкэ үлэлиир биир идэлээхтэрбитин сыл аайы Бэчээт күнүгэр ааҕааччыларбытыгар сырдатар, билиһиннэрэр үтүө үгэстээхпит. Чахчыта да, кинилэр бэйэлэрин үлэлэрин үтүөнү оҥорбукка холообот олус сэмэй дьон. Ол да иһин, сорох ааҕааччылар кинилэри аҥаардас хаһыакка  суруйууларынан эрэ билэллэр.

Ангелина Васильева – чопчу суруналыыс идэтигэр үөрэнэн, үлэтин толору баһылаабыт суруналыыстартан биирдэстэрэ, СӨ бэчээтин туйгуна, СӨ ыччат бэлиитикэтин туйгуна, Арассыыйа суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ.

Ангелина, суруналыыс буолар санаа хаһан уонна тоҕо киирбитэй?

—Мин суруйа үөрэниэхпиттэн, куруук тугу эрэ суруйабын – күннүгү, хоһооннору, кэпсээннэри… “Бэлэм буол” хаһыат юнкора этим. 4-с кылааска сылдьан, бастакы суруйуум бэчээттэммитигэр, оскуолаҕа “сулус” буолан ылбыттааҕым. Бэл, “Пионерская правда” хаһыакка суруйбуппун, бэчээттээбэтэхтэрэ эрээри, сыыһаларбын ыйан, бэрт уһун суругу буостанан ыыппыттара. Хас биирдии сурукка, оҕоҕо болҕомтолоох да эбиттэр.

Онон, арааһа, суруналыыс буолар дьылҕалааҕым буолуо. Оскуоланы бүтэрэр сылбар, анаабыт курдук, Саха судаарыстыбаннай университетыгар  суруналыыстыка салаата аһыллыбыта, онно тута киирбитим. Ол салаа аһыллыбатаҕа буоллар, саха тылын учуутала, эбэтэр, устуорук буолуохпун сөп этэ да, бука, баар “кыдьык” тэһитэ кэйиэлээн, суруйар эйгэҕэ аҕалыах этэ.

«Саха сирэ» хаһыакка

— Үөрэҕи бүтэрээт, “Саха сирэ” курдук улахан хаһыакка кэлииҥ хайдах этэй?

— 1-кы кууруска киирээппитин кытта, аны ыччакка аналлаах “Эдэр саас” хаһыат тэрилиннэ. Онно сүүрэн тиийдэхпит дии. Эрэдээктэр Иван Ушницкай, суруналыыстар устудьуоннары наһаа үчүгэйдик көрсүбүттэрэ. Бэйэлэрин кытта командировкаларга, элбэх улуустарга ньиргийбит “Эдэр саас” күннэригэр илдьэ сылдьаллара, элбэххэ үөрэппиттэрэ.

Ол курдук, үөрэхпин бүтэриэхпэр диэри, сыл аайы “Эдэр сааска” быраактыкабын барбытым. Онтон “Саха сирэ” хаһыат кылаабынай эрэдээктэрэ Василий Кириллин таба көрөн, үлэҕэ ылбыта. Кини үүнэр солбуктары иитэр, каадырдары бэлэмниир сыаллааҕа, ырааҕы өтө көрөн үлэлиир, улахан таһымнаах салайааччы этэ. Ол иннинэ 5-6 кыыһы үлэҕэ ылбыт этэ. Сорох салайааччылар “кыргыттары ылбаппыт, дэкириэккэ баран хаалыахтара” диэн аккаастыыллара, Василий Васильевич бэрт холкутук: “Саха элбиирэ туох куһаҕаннаах буолуой?” — диирэ.

Онон Уйбаан Бөтүрүөбүһү уонна Баһылай Баһылайабыһы суруналыыстыка эйгэтигэр сиэтэн киллэрбит настаабынньыктарым курдук махтана саныыбын.

«Эдэр сааска»

“Эдэр сааска” хас сааскар эрэдээктэринэн анаммыккыный?

— Онтон дьэ, ыччат хаһыатыгар киирэн, үлэ күөстүү оргуйбута. Элбэх командировкалар, тэрээһиннэр, көрсүһүүлэр…  Эдэр буолан, сарсыарда харахпын хайа тардаат, үлэбэр ыксаан кэлэрим, киэһэ хойут соҕотоҕун хаалан, араадьыйа холбоон баран, ыллыы-ыллыы ыстатыйаларбын суруйарым. Дьиэбэр, арааһа, утуйарбар эрэ тиийэрим.

Ол саҕана интэриниэт, суотабай суох буоллаҕа, сонуну хаһыаттан, араадьыйаттан эрэ билэллэр, хаһыат да аҕыйах, онон суруналыыс суруйбут тыла балачча ыйааһыннаах этэ. “Эдэр саас” хаһыат тирааһа 52 тыһыынчаҕа тиийэ сылдьыбыта, илдьирийиэр диэри уларсан ааҕаллара.

Эрэдээктэрдэр Альберт Соров, Николай Никитин, Данил Макеев, Прокопий Бубякин хас биирдиилэрэ туох эрэ саҥа бырайыагы олоххо киллэрбиттэрэ, суолу-ииһи хаалларбыттара. Онтон мин биир сыл эрэдээктэрдии сылдьыбытым. Ол саҕана отуппуттан тахсыбыт буоламмын, сааһырдым дии саныыр этим, ыччат хаһыатыгар эдэр дьон үлэлиэхтээхтэр буоллаҕа.

— Эн ханнык жанрга суруйаргын ордук кэрэхсиигин, эбэтэр, ханнык баҕарар тиэмэҕэ кэбэҕэстик ылсыахха сөп дуу?

— Суруналыыс бэйэтэ сөбүлүүр тиэмэтин суруйар, интэриэһиргиир киһитин кытта кэпсэтэр буоллаҕына, чахчы астына-дуоһуйа үлэлиир. Оннук түгэҥҥэ тыллар бэйэлэрэ көтөн тахсар курдуктар, бириэмэҕин да билбэккэ хаалаҕын. Интэриэһинэй киһини арыйар, ис дууһатын, олоҕун уратыларын дьоҥҥо тиэрдэр туспа умсугутуулаах. Ол эрээри, идэтийбит суруналыыс үөрэтэн-чинчийэн, исписэлиистэри кытта кэпсэтэн баран, ханнык баҕарар тиэмэҕэ ылсан, суруйуон сөп.

Кэм-кэрдии уларыйдаҕын аайы, хаһыакка тахсар уларыйыылары хайдах сыаналыыгын?

— Устудьуоннуу сырыттахпына, көмпүүтэр, офсет бэчээт суох буолан, былыргылыы ыстаал сирииптэринэн бэчээттээн, пленкаҕа таһааран, хос ааҕаллара, көннөрөллөрө. Матырыйааллары массыыҥкаҕа бэчээттииллэрэ. Бу отучча сыл устата биһиги харахпыт ортотугар балысхан уларыйыылар буоллулар.

Билигин көмпүүтэри, интэриниэти, суотабай төлөпүөнү буолуохтааҕын курдук ылынабыт. Дьиҥэр, санаан көрдөххө, “тиэхиньиичэскэй өрөбөлүүссүйэ” буоллаҕа. Ол курдук, кэм-кэрдии ирдэбилэ күүскэ уларыйда, дьон өйүгэр ол дьайыыта биллэр. Хаһыат, бэчээт инники дьылҕата үлэлии сылдьар дьону долгутара биллэр суол.

“Клиповое мышление” диэн өйдөбүл киирдэ, ол аата киһи мэйиитэ уһун тиэкиһи ылыммат, быстах-остох хартыыҥкаларга үөрэнэн хаалар, толкуйдуур дьоҕура мөлтүүр. Оччотугар тылбыт эмиэ буомуран барар. Ол да иһин ааҕыы, хаһыакка сурутуу эмиэ мөлтөөтө. Төлөпүөнү арыйдыҥ да, сонуну суһаллык булан ылаҕын. Ол эрээри, хаһыакка суруналыыс саха тылын имитэн, толкуйдаан, ырытан суруйар буоллаҕа. Онон кэнники бэйэбитин  саха тылын туруулаһааччылар курдук сананар буоллубут.

Этэргэ дылы, туох эрэ буолан хааллаҕына, интэриниэт барытын мэлитэн кэбиһиэ, оттон хаһыакка “суруллубут – суоруллубат” буоллаҕа, үйэлэргэ хаалар. Хаһыат, сурунаал тохтоотоҕуна, аахпат буоллахпытына, саха тыла эстэн барыаҕа, интэриниэккэ быстах сонуннар эрэ хаалыахтара.

1,5 мөлүйүөн кэриҥэ бэлиэлээх суруйуулардаах эбиппин

—Эн санааҕар, суруйааччы буоларгар суруналыыс идэтэ сирдээтэ дуу, эбэтэр, атын эйгэлээҕиҥ буоллар, син биир суруйааччы буолуоҥ этэ дуу?

— Холобур, олох атын идэлээҕим буоллар, ыанньыйан кэлэ-кэлэ, айымньылары суруйуом этэ дии саныыбын. Хаһыат уонна саайт үлэтэ көмүлүөк оһох курдук, күн аайы тохтообокко, түргэнник суруйа турары ирдиир. Биирдэ ааҕан таһаарбытым, сыл устата быһа холоон, 1,5 мөлүйүөн кэриҥэ бэлиэлээх суруйуулары суруйар эбиппин. Бу манна өйүҥ-санааҥ, эниэргийэҥ, бириэмэҥ бара турар.

Дьоппуон суруйааччыта, аан дойдуга биллэр Харуки Мураками этэн турар: “Суруйааччы үлэтэ – өй-санаа, кут үлэтэ (ментальнай), ол эт-хаан сылайыытынааҕар, ордук илистиилээх”. Кини атын үлэни үлэлээбэт, сыл аҥаара биир кинигэни суруйан баран, олох эстэн хаалар, онон өссө сыл аҥаара тугу да гыммакка, күүһүн-уоҕун чөлгө түһэринэр эбит. Оннук гымматаҕына, саҥа кинигэни суруйар кыаҕа суох. Онон, суруналыыс идэтэ, төттөрүтүн, мэһэйдиир буолуон сөп.

— 2024 сылга айар үлэҕэр элбэх ситиһиилэнниҥ…

— Элбэх диэн этэр, арааһа, сыыһа буолуо. Былырыын урбаанньыт, меценат Руслан Федотов уонна “Алта” кинигэ кыһата, “Офсет” хампаанньа оҕо айымньыларын суруйарга куонкурус биллэрбиттэрэ. Онно биһирэнэн, “Аптаах таас” диэн орто сүһүөх кылаас оҕолоругар анаммыт фэнтези истиилинэн суруллубут кинигэм таҕыста.

“Айыы кыһата” оскуола оҕолоругар аахтаран, ырыттаран көрдүбүт. Үөрүөм иһин, аныгы оҕолор сахалыы ааҕаллар, иҥэн-тоҥон ырыталлар эбит. Кинилэри интэриэһиргэтэр айымньылары суруйуохха эрэ наада. Оҕо бэйэтэ ааҕар буолбут кэмигэр, өйүгэр оҥорон көрөр дьоҕура сүтэ илигинэ, уончалаах сааһыгар сахалыы айымньылары умсугуйан ааҕыан наада.

Оҕо литературатыгар билигин үксэ кыра оҕолорго аналлаах айымньылар суруллаллар, эбэтэр, урукку, сэбиэскэй кэмнээҕи айымньылары аахтарабыт. Дьиҥэ, оҕоҕо анаан суруйар уустук, кини тугу интэриэһиргиирин билиэххэ, табыахха наада. Аныгы оҕо интэриэһэ, сэбиэскэй кэм оҕотун интэриэһиттэн букатын атын ээ. Биллэн турар, уруокка классиканы эмиэ ааҕыахтаах. Оҕо ааҕа үөрэнэригэр көмөлөһүөххэ наада дии саныыбын. Манна төрөппүттэр, учууталлар, суруйааччылар кыттыһан, хамсааһыны таһаарыахпытын наада.

Саха киһитин дьоҕура хааныгар баар…

Эйигин эргиччи интэриэстээх киһинэн билэбит. Ол айар үлэни кытта төһө дьүөрэлэһэрий? Сынньалаҥ курдук дуу, эбэтэр, күүстээх үлэ?

— Сынньалаҥ буоллаҕа. Бириэмэ, баҕа баар буоллаҕына, илиинэн ону-маны оҥоробун. Оҕо эрдэхпинэ, мусукаалынай уонна художественнай кылаастарга үөрэниэхпин наһаа баҕарар этим. Ол, кыра дэриэбинэҕэ улааппыт буолан, кыаллыбатаҕа, онон ити дьоҕурдар ситэ сайдыбакка хаалбыттар.

Уопсайынан, хас биирдии саха киһитэ уруһуйдуур, уһанар, иистэнэр дьоҕурдаах дии саныыбын, ол кини хааныгар баар. Тоҕо диэтэр, кини хос эһэтэ, хос эбэтэ таҥас, табаар суох буолан, тириини имитэн иистэнэн, маһы кэрдэн киллэрэн, уһанан, тыыннаах ортохторо дии.

— Олоххор тутуһар тускулуҥ?

— Хаһан да үтүө дьон куһаҕан дьоннооҕор элбэх, ыксаллаах түгэҥҥэ көмөлөһүөхтэрин сөп диэн итэҕэйэбин. Үөһэттэн Айыыларбыт, аанньалларбыт көрө-истэ сылдьаллар. Киһи бу олоҕор туох эрэ үчүгэйи, суолталааҕы оҥоруохтаах, суолу-ииһи хаалларыахтаах.

+1
13
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 января
  • -43°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: