Саха тылын күнэ Анкараҕа ыытылынна

Share

Кулун тутар 1 күнүгэр Турцияҕа Анкара куоракка Арассыыйа култууратын киинигэр Саха тылын уонна суругун-бичигин күнэ ыытылынна.

Саха тылын күнэ Анкараҕа бастакытын ыытыллар. СӨ тас сибээһин уонна норуоттарын дьыалаларын миниистирэ Гаврил Кириллин эҕэрдэ суругар: “Саха Өрөспүүбүлүкэтин аатыттан Саха тылын уонна суругун-бичигин күнэ ыытылларынан итии-истиҥ эҕэрдэбин ыытабын. Саха сиригэр Төрөөбүт төрүт тыл уонна сурук-бичик күнэ 1996 сыллаахтан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев ыйааҕынан ыытыллар. Төрөөбүт тылга, култуураҕа, духуобунаска болҕомто ууран бу маннык тэрээһиннэри ыытаргытыттан үөрэбит уонна сыаналыыбыт”, — диэн иһитиннэрэр.

“Россотрудничество” Турциятааҕы бэрэстэбиитэлистибэтин салайааччыта Александр Сотниченко бэлиэтииринэн, Анкараҕа Арассыыйа култууратын киинигэр Саха тылын күнүн салгыы да ыытарга бэлэмнэр.

Олус үчүгэй тэрээһин буолан ааста. “Россотрудничество” Турциятааҕы бэрэстэбиитэлистибэтигэр Саха тылын күнэ диэн бастакытын ыытылынна. Кэлбит дьон саха тылын уонна култууратын кытары толору билистилэр дии саныыбын. Тэрээһини ыыппыт СӨ «Комдрагметалл» АУо бэрэстэбиитэлигэр Алдан Рожиҥҥа, Анкараатааҕы Хаджи Байрам Вели университетын аспираныгар Аграфена Кузьминаҕа, быыстапканы туруорбут “Сахамедиа” информационнай холдиҥҥа, чуолаан генеральнай дириэктэр Виктор Колесовка, ону сэргэ матырыйааллары ыыппыт “Лингвист” киинэ сценарийын ааптарыгар Алексей Амбросьевка, “Айыы кыһата” национальнай оскуолаҕа махталбын тиэрдэбин. Тэрээһин түмүгүнэн Саха тылын күнүн сылын аайы ыытарга диэн этии киллэрэбит,  — диэн этэр Александр Анатольевич.

Тэрээһин үс тылынан, сахалыы, нууччалыы уонну туроктыы, ыытылынна. Манна кэлбит дьон “Лингвист” диэн сахаттан бастакы тыл үөрэхтээҕэ, саха алпаабытын оҥорбут Семен Новгородов туһунан документальнай киинэттэн быһа тардыыны көрдүлэр. Санатан эттэххэ, “Лингвист” киинэ 2017 сыллаахха тахсыбыта. Режиссер Эдуард Новиков суруйааччы, тылбаасчыт Алексей Амбросьев-Сиэн Мунду сценарийынан устубут киинэтэ. Бу киинэ 2021 сыллаахха Стамбулга буолбут документальнай киинэлэр куонкурустарыгар үһүс миэстэни ылбыта.

Итини таһынан көрөөччүлэр Дьокуускайдааҕы “Айыы кыһата” национальнай гимназия үөрэнээччилэрэ олунньу 13 күнүгэр, Төрүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр, анаан устубут дьүһүйүүлэрин сэҥээрэн көрдүлэр.

Тас сибээһи олохтооһуҥҥа кылааттарын иһин Турцияҕа Арассыыйа култууратын киинин салайааччытыгар Александр Сотниченкоҕа, Евразия суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлигэр Якуп Омероглуга, Хаджи Байрам Вели университетын профессорыгар Фатих Киришчиоглуга, тыл үөрэхтээхтэригэр, филологическай наука дуоктардарыгар Умит Шахиҥҥа, Хасан Хайырсеверга, Огуз Ержантурга СӨ тас сибээһин уонна норуоттарын дьыалаларын министиэристибэтин махтал суруктара туттарылыннылар.

Тэрээһин чэрчитинэн “Россотрудничество” Турциятааҕы бэрэстэбиитэлистибэтин саалатыгар “Сахамедиа” холдинг фотографтарын быыстапката турда. Быыстапкаҕа Саха сирин билиһиннэрэр хаартыскалар көрдөрүлүннүлэр. Дьоро күҥҥэ бэйэлэрин музыкальнай эҕэрдэлэрин хомусчут Алдан Рожин, ырыаһыт Алдалена Охлопкова, Турцияттан саха тылын чинчийбит Умит Шахин тиэртилэр. Тэрээһин оһуохайынан түмүктэннэ.

Россотрудничество
What’s your Reaction?
+1
8
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

5 часов ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

7 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

8 часов ago