Саха сирэ байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарга бары өттүнэн күүс-көмө буолар. Ол туһунан билигин байыаннай дьайыы сиригэр-уотугар үлэлии сылдьар военкорбут Николай Борисов Анна Ефимовалыын кэпсэтиитин таһаарабыт.
Өрөспүүбүлүкэ салалтата тиэхиньикэнэн, сэбинэн-сэбиргэлинэн, гуманитарнай баһыылканан, оттон олохтоохтор баалларынан-суохтарынан, ас-таҥас, туттар мал-сал буоллун, тиһигин быспакка көмөлөһөллөр. «Саха сирэ эйигин кытары» уопсастыбаннай хамсааһын эмиэ улахан үлэни оҥорор, өрөбүлэ, тохтобула суох байыастарга барар баһыылканы хомуйан, таҥас-сап тигэн, сиэккэ баайан, о.д.а.
Бу күннэргэ «Саха сирэ эйигин кытары» уопсастыбаннай хамсааһын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Анна Ефимова байыаннай дьайыы сиригэр Новоазовскайга тиийэн үлэлии сылдьар. Кини Саха сирин Тирэх пууннарыгар сылдьан байыастарга баһыылкалар хайдах тиийэллэрин, миэстэтигэр үлэ хайдах барарын билистэ, ону сэргэ постарга диэри тус аадырыстаах баһыылкалары тириэрдэргэ сырытта.
– Билигин ДНР Новоазовскайыгар баарбын. Саха сириттэн ыытар гуманитарнай көмөбүт, ону таһынан, биирдиилээн аадырыстаан ыытар баһыылкаларбыт хайдах айаннаан кэлэллэрин илэ харахпынан көрөөрү, бэйэм кэллим. Сорох төрөппүттэр аадырыстаан ыыппыт баһыылкаларбыт ардыгар тиийбэттэр диэн этэллэр. Тирэх пууҥҥа тус баһыылкалары тиэрдии үлэтин тиһигэ сөптөөхтүк тэриллибит.
Кэлиэхпиттэн ыскылаакка уолаттары кытары тэҥҥэ үлэлиибин. Баһыылканы барытын нүөмэрдээн, кэннигэр байыас аатын, төлөпүөнүн суруйан,
1С бырагыраамаҕа киллэрэн иһэллэр. Онтон ханнык хайысханан барарынан наардыыллар, холобур, бу чөмөх биир хайысханан үс сиргэ барыахтаах. Баһыылка кэллэҕинэ, тиэрдэр уолаттар байыастарга эрийэн, чопчу манна кэлиҥ эбэтэр куттала суох сиргэ тахсыҥ диэн биллэрэллэр эбит. Оттон сорохтор наһаа ыраах сытар буоллахтарына, баһыылканы мунньан, күүттэрэн баран, барытын биирдэ илдьэллэр. Ол иһин байыастар төрөппүттэрэ, кэргэттэрэ ону эмиэ өйдүөххүтүн наада. Манна үлэлии сылдьар уолаттарга түгэнинэн туһанан махтанабын, олус үчүгэйдик үлэлииллэр диэн сөҕө көрдүм.
– Манна 27 баһыылка аадырыһыгар тиийбэккэ турар диэн аахтым. Быһаарар буоллахха, бу баһыылкалар аадырыстаммыт дьонноро сорохторо инники кирбиигэ сытар буолан, сибээскэ сатаан тахсыбакка сылдьаллар. Сорохтор сынньана таҕыстахпытына, бэйэбит тиийэн ылыахпыт диэбиттэр. Сорохторго аадырыстара, төлөпүөннэрэ суох эбит. Онон төрөппүт да өттүттэн, баһыылканы бастаан тутааччы дьон, биһиги, өттүбүтүттэн даҕаны сыыһа баар эбит дии санаатым. Инники кэлбит баһыылкалар сибээстэһэргэ хантаактара суох эбит. Оҕолорун да, ыыппыт киһи да төлөпүөнэ суруллубатах. Онон ити баһыылкалар хаһаайыннарыгар тиксэриллибэккэ сыталлар.
Аны маннык баар. Биир баһыылка аадырыстаммыт киһитин төлөпүөнэ суох, хата ыыппыт киһи киэнэ баар буолан, онно эрийэн билистим. Төрөппүттэр уолбут ааспыт сылга сүтэн хаалбыта диэтилэр. Ону дьоннорун кытары кэпсэтэн баран, биир дойдулаахтарыгар тиксэрэргэ сүбэлэстибит. Тута биир дойдулаахтарын көрдөөн булан, онно биэрэн ыыттыбыт. Өссө биир баһыылка ыыппыт киһиэхэ эрийэ сырыттым. Онтум уоллара улаханнык бааһыран өр госпиталлары кэрийэн эмтэммит, онтон билигин дойдутугар тиийэн доруобуйатын чөлүгэр түһэрэн, сынньанан баран, чааһыгар төннөн иһэр эбит. Манна кэллэҕинэ, сибээскэ тахсыах буолла, миэхэ кэлбитин биллэрдэҕинэ, баһыылка ханна баарын ыйан биэриэм диэн кэпсэттибит. Биир төрөппүтү кытары кэпсэтэ сылдьыбытым, уоллара эмиэ сүтэн хаалбыт, ол иһин манна аймахтара уол баарыгар, кэпсэтэн, сүбэлэһэн баран киниэхэ биэрэр буоллубут. Бу күннэргэ уолга баһыылканы тиксэриэхтэрэ.
– Баһыылканы тиэрдии ардыгар уһуур, ардыгар нэдиэлэнэн тустаах аадырыһыгар тиийэр. Холобур, мин Дьокуускайга баар эрдэхпинэ, Орджоникидзе уулуссатын 10-н, ыстааптан, ыам ыйын 15 күнүгэр 500 кг таһаҕаһы ыыппыппыт, онтубут бэҕэһээ, ыам ыйын 19 күнүгэр манна кэллэ. Балартан сороҕо бүгүн тиэрдиллиэҕэ. Ол аата, нэдиэлэ иһинэн аадырыһыгар тиийэн хаалар. Ол эрээри Саха сириттэн кэлэрэ ардыгар уустуктардаах. Дьокуускайтан ыытарга эмиэ сөмөлүөт миэстэлээх буоллаҕына эрэ таһаҕаһы ылар, ол иһин антах эмиэ нэдиэлэ иһинэн-таһынан сытыан сөп. Холобур, бу кэлбит баһыылка анараа нэдиэлэттэн ордук сыппыт.
– Этиэм этэ, баһыылка түҥэтээччи уолаттар эмиэ кутталлаах балаһыанньаҕа сылдьаллар. Ааспыт сырыыга инники кирбии диэки киирэллэригэр, дроннар гранатаны тамнаабыттар этэ. Онон төрөппүттэргэ туһаайан этиэм этэ, баһыылка ыытан баран долгуйбакка кэтэһиэххэ наада. Манна үчүгэйэ диэн, барыта бэйэбит оҕолорбут үлэлииллэр. Билигин бу уолаттары кытары билистим, инникитин туох ирдэнэринэн докумуоннаһан, өйөһөн, өйдөһөн бииргэ үлэлээтэхпитинэ, тус аадырыстаах баһыылкалар 100% тиийэр кыахтаахтар эбит.
Онон төрөппүттэр эмиэ утары баран тэҥҥэ үлэлэһиэхтэрин наада. Тоҕо итинник диибиний, сорох төрөппүттэр оҕобут «сэкириэтинэй чааска» сылдьар, онон дааннайын эппэппит дииллэр. Итинник баһыылкалары буостанан ыыталлара ордук быһыылаах, тоҕо диэтэххэ, манна кэлэн таах сытыан сөп. Аадырыһа, сибээстэһэр төлөпүөнэ суох уолаттары хантан да булбаттар.
– Манна көрдөхпүнэ, ордук маскировочнай сиэккэҕэ наадыйаллар эбит. Онон өрөспүүбүлүкэ дьонун сиэккэ баайыытыгар кыттаргытыгар ыҥырабын. Итини сэргэ таҥас-сап эмиэ наада. Бэҕэһээ уолаттар таҥаспыт барыта умайан хаалла диэн кэлэ сылдьыбыттара. Онон, уларыттар таҥас-сап эмиэ эбэһээт наада эбит диэхпин баҕарабын. Бары күүспүтүн холбоон, сомоҕолоһон, оҕолорбут, байыастарбыт тустарыгар, сырабытын ууран көмөлөһүөҕүҥ. Бар дьоммун, Сахам сирин олохтоохторун күүс-көмө буоларга ыҥырабын. Биһиги кыайыыны тыылга уһансабыт!
Ил Түмэн онус пленарнай мунньаҕар бүгүн 2025 с. уонна 2026-2027 сс. судаарыстыбаннай бүддьүөт ылылынна. Ил…
Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугар Олоҥхо декадатыгар аналлаах тэрээһиннэр былаан быһыытынан ыытылла тураллар. Үөрэнээччилэр олоҥхо дьыктаанын бары…
Уус Алдан улууһун Бээрийэтэ -- аатырбыт отоһут Г.И. Турантаев олорбут дойдута. Билигин манна, айылҕаттан айдарыылаах…
Кэбээйи улууһун Сииттэ нэһилиэгэр хараҕы үөрдэр кэрэчээн дьиэ сибэккилэрин олордор хаһаайкалар элбэхтэр. [gallery ids="170741,170742,170744,170746"] Бу…
Мин соторутааҕыта Дьокуускай куорат биир улахан түөлбэтин – “ Прометей” оскуолатыгар (дириэктэр Прокопьева М.Л.) сылдьан,…
Ахсынньы 5 күнүгэр Дьокуускайга СӨ Национальнай бибилэтикэтигэр сыллата ыытыллар "Бүтүн Арассыыйатааҕы экологическай дьыктаан" буолуоҕа. Бу…