Салгыы
Анна Ефимова: «Грант уолаттарбытыгар улахан көмөнү оҥордо»

Анна Ефимова: «Грант уолаттарбытыгар улахан көмөнү оҥордо»

08.09.2024, 14:00
Хаартыска: "Якутия с тобой" ыстаап архыыбыттан.
Бөлөххө киир:

Саха сирэ байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарга бары өттүнэн күүс-көмө буолар. Ол курдук байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан үлэлии-хамсыы сылдьар «Якутия с тобой» хамсааһын хос бэрэссэдээтэлэ Анна Ефимова бүгүҥҥү күҥҥэ ыытылла турар үлэ-хамнас туһунан билиһиннэрдэ.

Волонтердар абыраатылар

Байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан үгүс үлэ ыытылынна. Волонтердар кэлэн үлэлэһэн абыраатылар. Улахан сонуммутун сырдатар буоллахха, от ыйын 10 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев граныгар – 1 мөл. 300 тыһ. солкуобайга тиксибиппит. Ол үппүтүнэн көстүүм уонна балаак­ка таҥастарын атыылаһан тигэ сылдьабыт. 130 көстүүм уонна плащ-балааккалар тигилиннилэр. Ону таһынан, биэс урулуон флис таҥас атыыластыбыт. Манан халыҥ сибии­тирэлэри тигэ сылдьабыт. Күн бүгүн биһиэхэ барыта бу икки сыл устата 2265 волонтер көмөлөстө. Билиҥҥи туругунан, 52 куурка уонна 73 флисовай бэргэһэ, 122 плащ-балаакка тигилиннэ. Бу барыта – грант үбүнэн.

107 туонна таһаҕас ыыттыбыт

Байыаннай дьайыыга биһиги уопсайа бу икки сыл устата 107 туонна таһаҕас ыытан олоробут. Ыстааппытыгар иистэнньэҥнэрбит уопсайа 49 араас таҥаһы тиктилэр. Аҥаардас бу сылга сэттэ араас 8350 көстүүмү, кууркалары, балааккалары, үрүсээктэри, аптечкалары, бэргэһэлэри о.д.а. тиктилэр. Бу сайын Уус Алдан улууһугар маастар-кылаас ыытан кэлбиппит. Ол курдук, Бороҕоҥҥо уонна Майаҕаска сырыттыбыт. Онно таҥас тигии­тигэр үөрэппитим. Ыстаапка таҥас, көстүүмнэр барыта уолаттар этиилэринэн, баҕалара учуоттанан тигиллибитэ. Ол иһин улууска тахса сылдьан сөптөөхтүк таҥаһы тигии нуорматын кэпсээбитим, билиһиннэрбитим.

Балаҕан ыйын 26 күнүгэр биһиги ыстааппыт аһыллыбыта иккис сыла буолар. Манна биһигини кытта күн бүгүнүгэр диэри үлэ­лии-хамсыы сылдьар волонтердарбытын чиэс­тиэхпит. Үлэбит туһунан сырдаттахха, бу сайын Курскай олохтоохторугар араас эмп-томп хомуйан ыыттыбыт. Ону таһынан, манна өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн аахсыйа тэрийбиппит. Аан бастакынан Уус Алдан улууһа өйөөн, эмп бөҕөтө аҕалан туттарбыттара. Бу аахсы­йаны Сусанна Аммосова тэри­йэн, хомуйан барытын көҕүлээбитэ, Уус Алдан улууһун нэһилиэктэрэ, түмсүү чилиэннэрэ бары олус көхтөөхтүк кыттыбыттара. Ол курдук, «Алаас хотуна» түмсүү, “Күндүүнэ”, бэтэринээринэй управление, Суотту, Дүпсүн, Майаҕас нэһилиэктэрэ, уһуйааннар, чөлгө түһэрэр кииннэр бары хомуйбуттара. Маны таһынан, Дьокуускай куорат “Столичнай” атыы-эргиэн киинин генеральнай дириэктэрэ Николай Сизых улахан көмөнү оҥордо. Уолаттарга тобукка, тоҥолоххо кэтиллэр таҥастары, тактическай үрүсээктэри, тактическай бэрчээккилэри, хас да араас элбэх таҥас-сап биэрдилэр. Ону сэргэ Анатолий Кырджагасов салайар «Водоканал» тэрилтэтин эмиэ бэлиэтиэхпин баҕарабын. Биһиги эрдэ баазаланан олорбут Орджоникидзе уулуссабытыттан көһөн, билигин ДОСААФ успуорт саалатыгар баарбыт. Манна туалет да, суунар сир да суох этэ. Арай иккис этээскэ үөһээ баара. Биһиэхэ үксэ аҕам саас­таах дьон көмөлөһө, иистэнэ кэлэр. Анатолий Кырджагасов кыһалҕабытын өйдөөн, өйөөн, бу успуорт саалатыгар толору хааччыллыыны киллэрэргэ көмөлөстө. Суунар сир, туалет оҥортордо. Бу сотору­тааҕыта биһиэхэ «Сэрии оҕолоро» диэн аҕам саастаахтар түмсүүлэрэ кэлэн сүүрбэччэ буолан көмөлөһөн бардылар. Салайааччылара Зинаида Бурнашева буолар. Ол курдук, окуопаҕа сытарга анаан сыттык, сиэккэ таҥаһын кырыйтардыбыт. Кинилэр биһиэхэ ый ахсын кэлэн көмөлөһөн бараллара улахан махталлаах дьыала буолар. Уус Алдан улууһа ыҥырыы таһааран, холобур, биһиэ­хэ Анаабыр улууһуттан уоппускаҕа кэлэ сылдьааччылар, Дьокуускайга да олорооччулар кэлэн көмөлөспүттэрэ. Маны таһынан, Нам, Сунтаар, Кэбээйи улуустара эмиэ көмөлөспүттэрэ. Улуустарынан маннык аахсыйабыт салҕанан бара турара буоллар, уолаттарбытыгар улахан көмө-тирэх буолуо этибит.

Сыыппаралар

1 мөл. 300 тыһ. солкуобай –Ил Дархан Айсен Николаев грана байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан 107 туонна таһаҕас ыытылынна.

Байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан 2265 волонтер кыттыыны ылла.

Бу сылга 8350 таҥас-сап араас көрүҥэ тигиллибит.

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
7 октября
  • -0°C
  • Ощущается: -2°Влажность: 100% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: