Уус Алдан улууһун Мүрү нэһилиэгин дьокутааттарын Сэбиэтин дьокутаата, «Күндүүнэ» уопсастыбаннай тэрилтэ чилиэнэ Анна Федорова байыаннай эпэрээссийэ кыайыынан түмүктэнэрин, буойун уолаттар этэҥҥэ эргиллэн кэлэллэрин туһугар көмөлөрүн туһунан кэпсээтэ.
— Уус Алдан улууһун Мүрү нэһилиэгин бэтэрээннэрин В.В.Никифоров-Күлүмнүүр аатынан «Тойон Мүрү» култуура дыбарыаһын иһинэн үлэлиир «Күндүүнэ» ансаамбыл (28 чилиэннээх) «Эйгэ» өрөспүүбүлүкэтээҕи уопсастыбаннай тэрилтэ (сал. В.В.Васильева) «Молоды душой» «үрүҥ көмүс» волонтердарын хамсааһыныгар киирсэммит, быйыл эпэрээссийэҕэ уонна быстах мобилизация буойуннарыгар сэмэй көмөбүтүн оҥордубут.
Ол курдук, саллааттарга «Письмо солдату» диэн аахсыйанан 12 000 солкуобай харчыны хомуйан ыыппыппыт. Балаҕан ыйыгар быстах хомуурга барбыт буойуттарга үс улахан хоруопкаҕа наадалаах малы хомуйан, өрөспүүбүлүкэтээҕи штабка 67 халыҥ наскы, 40 стелька, 15 ачыкы, 40 медаптечка ыыппыппыт, сороҕун Гагарин аатынан култуура дьиэтигэр киллэрэн туттарбыппыт.
Ахсынньы ыйга Арассыыйа волонтердарын күнүгэр «Дууһабытынан эдэрбит» көмүс волонтердар өрөспүүбүлүкэтээҕи түмсүүлэригэр буойуттарга көмөлөһөр «Ийэ сир алгыһынан» аһымал аахсыйа кэнсиэригэр кытынныбыт.Кэнсиэргэ кыттыбатах дьүөгэлэрбит харчынан 1000 солкуобайынан көмөеү оҥорбуттара.
Ийэ сылын түмүктүүр дэкээдэтигэр Уус Алдан улууһун «Матери России» уонна улуустааҕы дьахтар кэмитиэтин дэкээдэтигэр кыттыһан, Лукина В.З., Федорова В.А. дьиэлэриттэн иистэнэр массыналаах кэлэн, ким эрэ мээрэйдээн, ким эрэ быһан 50 балаклава тигэн туттардыбыт. Бу соторутааҕыта куоракка киирэн, өрөспүүбүлүкэтээҕи штабка «маскировочнай сетка» баайыытыгар маастар кылаас ыллыбыт, көмөлөстүбүт. Билигин саллааттарга маскировочнай сетка оҥороору бэлэмнэнэ сылдьабыт.
Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьа сэлиэнньэтигэр оскуола-саад үлэҕэ киирдэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай эбийиэк аһылынна.…
Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ Биир кэлим эксээмэни туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын дьокутааттар бөлөхтөрө…
Амма улууһун Михайловка сэлиэнньэтигэр Норуот айымньытын дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай…
Ленскэй оройуонунааҕы ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар маркетплейс бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Инвентаризация кэмигэр табаары биэрэр пуунтан 300…
Оҕуруоту, сибэккини олордууга сүбэлэр Сүрүннээн тохсунньуттан үүнээйини олордуу саҕаланар. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ойуур комплексыгар…
Дьокуускайдааҕы ИДьМ салаатыгар дьахтар балыыһаҕа сылдьан тас таҥаһын уордарбытын туһунан иһитиннэрбит. Бу туһунан СӨ ИДьМ…