Анна Григорьева: «Ытык иэс»

Анна Григорьева: «Ытык иэс»

Ааптар:
10.11.2022, 13:26
Бөлөххө киир:

“Саха сирэ” хаһыат (sakha-sire.ru) хорсун-хоодуот буойуттарбытыгар анаан, дойдуга бэриниилээх буолууга иитэр соруктаах хоһоон куонкуруһун биллэрбитэ.

Куонкуруспут 68-с кыттааччыта Таатта улууһун Игидэй нэһилиэгиттэн төрүттээх Дьокуускай куорат олохтооҕо Анна Петровна Григорьева.

Уол оҕо буолан  төрөөбүт

Ытык иэскитин толоро

Бардыгыт  ыҥырыы тутаҥҥыт,

Дойдубут көҥүлүн көмүскүү.

Ким түһээн биттэнэн билбитэй,

Бу дьоллоох эйэлээх олоххо

Соһуччу сэрии диэн сурах

Хас биирдии сүрэҕи аймыаҕын?

Бардыгыт хотугу хотойдор,

Бар дьоҥҥут алгыһын ылаҥҥыт,

Этэҥҥэ эргиллэн кэлиэххит,

Төрөөбүт түөлбэҕит кэтэһэр.

Урааҥхай удьуора буолаҥҥыт,

Өбүгэ алгыһа куйаххыт

Арчылыы сылдьыаҕа мэлдьитин

Ханнык да соһумар түгэҥҥэ.

Саалаахтан самнымаҥ,

Охтоохтон охтумаҥ!

Дурдабыт-хаххабыт-

Эр хоһуун уолаттар!

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
6 ноября
  • -23°C
  • Ощущается: -23°Влажность: 77% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: