Салгыы
Анна Игнатьева: «Ыарыһах ис туругун арыйар тылга таба тайаннахха…»

Анна Игнатьева: «Ыарыһах ис туругун арыйар тылга таба тайаннахха…»

19.07.2024, 13:00
Хаартыска: СПИД-Киин пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

Дьокуускайга СПИД-Киин  диспансерын учуотугар турааччылар эмтэниигэ эрэ буолбакка, чугас дьонноро кинилэри өйдүүллэригэр-өйүүллэригэр уонна тустаах социальнай тэрилтэлэр өйөбүллэригэр наадыйаллар. Онуоха ВИЧ-инфекциялаах ыарыһах уонна кини чугас дьонун, социальнай тэрилтэлэр икки ардыларыгар ситими олохтооччунан, далаһаны уурааччынан социальнай үлэһит буолар.


СПИД-ы сэрэтэр уонна охсуһар СПИД-Киин (кылаабынай быраас Александра Золотарева) социальнай исписэлииһин үлэтин эридьиэһин, нэһилиэнньэ бу араҥатыгар көмөлөһүү туһунан билсээри, СПИД-Киин социальнай үлэһитэ Анна Дмитриевна Игнатьеваны кытары кэпсэттим.

Анна Дмитриевна, бастатан туран, социальнай үлэһит уонна психолог идэлэрэ төһө уратылаахтарый?
-Социальнай үлэһит сүрүннээн олохторугар ыарахаттары көрсүбүт дьон кыһалҕаларын быһаарарга көмөлөһөр аналлаах. Оттон психолог киһи уйулҕатын, ол эбэтэр өйү-санааны, ис туругу кытта үлэлиир. Кинилэргэ социальнай да, уйулҕа да туругар көмө көрдүү кэлбит дьону статуһунан (тойон-хотун, баай-дьадаҥы, үлэтэ суох, хаамаайы уо.д.а.) уонна сааһынан араарбаттар, барыларыгар көмөлөһөллөр. Социальнай үлэһиттэр кэккэ көрүҥнэргэ: доруобуйаларынан хааччахтаах дьону, кырдьаҕастары, хаайыыттан тахсыбыттары, ускул-тэскил, дьиэтэ-уота суох сылдьар уо.д.а. кыһалҕалаах дьону кытары үлэлэһээччилэргэ арахсаллар.
-Бу олус чэпчэкитэ суох үлэҕэ хайдах кэлбиккиний?
-Мин оскуолаҕа үөрэниэхпиттэн социальнай хайысханы интэриэһиргиибин. Онуоха саамай улахан кылааты оскуола үөрэнээччилэригэр аналлаах научнай-бырактыычаскай кэмпириэнсийэлэр (ол иһигэр “Инникигэ хардыы”) киллэрсибиттэрэ. 7-8-с кылаастартан саҕалаан, социология, психология хайысхаларыгар научнай үлэлэри суруйар этим. Онуоха нэһилиэгим дьонун олоҕун таһымын, туох кыһалҕалары көрсөллөрүн үөрэтэн, чинчийэн араас статистиканы оҥорорум. Арааһа, барыта итинтэн саҕаламмыта быһыылааҕа. Ол эрээри, социальнай үлэһит буолуом диэн ыра санаа оҥостубатаҕым, оннук идэ баарын да билбэт этим — көннөрү кэрэхсиир эрэ этим. Филолог дуу, суруналыыс дуу буолуохпун баҕарарым. Оскуоланы бүтэрэн үөрэх туттарса кэлиэхтээх кэммэр суолбар-ииспэр хаайтаран, докумуоннарбын үрдүк үөрэххэ кыайан туттарбатаҕым. Ол иһин, Дьокуускай куоракка технология уонна дизайн кэллиэһигэр “социальнай үлэһит” диэн идэҕэ докумуоннарбын туттаран баран, тустаах кэпсэтиини ааһан, эксээмэннэри туттаран киирэн хаалбытым. Үс сыл кэриҥэ үөрэнэн, быраактыкаланан, научнай үлэ суруйан баран, “бу идэ миэнэ” диэн бигэтик быһаарыммытым уонна салгыы ХИФУ-га психология университетыгар бакалаврга киирбитим. Онон өссө 5 сыл ситиһиилээхтик үөрэнэн, идэбин иккистээн, өссө дириҥник баһылаабытым. Онтон үһүстээн баһылаары, билигин — магистратураҕа психология салаатыгар иккис куурус устудьуонабын. Уопсайынан, 8-9 сыл устата социальнай үлэ ымпыгын-чымпыгын дьиҥнээх быраактыкаҕа билсэн, наука өттүнэн үөрэтэн, уопутуран, билигин СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин иһинэн ВИЧ ыарыыны утары охсуһар СПИД-кииҥҥэ үлэлиибин.

Сорох дьон социальнай үлэһит диэн кимин-тугун үчүгэйдик билбэттэр. Үгүстэргэ урукку өйдөбүл хаалан хаалбыт: кырдьаҕастарга көмөлөһөр, дьиэлэрин сууйар-сотор, эмтэрин-томторун атыылаһан аҕалар, балыыһаҕа атаарар киһи дии саныыллар. Дьиҥэр, итинэн барытынан Өрөспүүбүлүкэтээҕи социальнай хааччыйыы комплекснай киинэ дьарыктанар. Уопсайынан, социальнай үлэһит барыны барытын эҥкилэ суох билэр, элбэҕи сатыыр киһи буолуохтаах. Кини сокуону-быраабы билиэхтээх, эмчит, учуутал, психолог хаачыстыбалара баар буолуохтаахтар, бастакы көмөнү хайдах оҥорору сатыахтаах уо.д.а. Кинилэр олохторугар ыарахаттары көрсүбүт дьону үөрэтэллэр-такайаллар, бэйэлэринэн үтүө холобуру көрдөрөн, кинилэргэ эрэл кыымын саҕаллар, үтүөҕэ-кэрэҕэ уһуйаллар. Онуоха үөрэтиитэ-такайыыта суох кыаллыбат. Олох ыарахаттарыгар түбэспит дьон сорохторо, бастатан туран, үчүгэй олоххо тардыһыахтарын, урукку олохторун уларытыахтарын баҕарбаттар. Сорохтор уйулҕалара тулуйбат, кыра да ыараханы көрүстэхтэринэ, идэлээх киһи көмөтүттэн аккаастанар түгэннээх буолаллар. Холобур, түптээн олорор дьиэтэ-уота суох, хаамаайылыы сылдьар дьон итинник олоххо, көҥүл сылдьарга үөрэнэн хаалаллар. Ол иһин, кинилэри ити туруктан таһаарар уустук, туспа реабилитациялыыр үлэ барар. Кинилэр итэҕэллэрин ылаҥҥын, өй-санаа өттүнэн үлэлэһэҥҥин, кинилэри туһааннаах кииннэргэ сыһыараҕын, санааларын өрө көтөҕөҥҥүн көнөр суолга киллэрэргэ дьулуһаҕын. Ыһыктынан кэбиспит киһини үчүгэй олоххо аҕалыы реабилитацияттан, биир кэлим (комплекснай) үлэттэн наһаа улахан тутулуктаах.

-Аҥаардас “СПИД” диэн тылтан нэһилиэнньэ куттанар, оттон киһиэхэ ити ыарыы баара бигэргэммитин биллэрэр өссө ыарахан. Онуоха социальнай исписэлиис үлэтин хайдах, туохтан саҕалыырый?
-“СПИД”, “ВИЧ-инфекция” диэн бигэргэтилиннэҕинэ, биллэн турар, тустаах киһиэхэ олус ыарахан. ВИЧ-СПИД — киһи ыарыыны утары охсуһар күүһүн (иммунитетын) бытааннык мөлтөтөр ыарыы. Атын да ыарыылары утары охсуһар күүһэ мөлтөөбөтүн, араас ыарыыга хаптарбатын туһугар анал өйүүр терапия баар. ВИЧ-инфекция хроническай ыарыы буоларынан, анал терапияны ылыахха, наадалаах эми-тому тиһигин быспакка иһэ сылдьыахха наада буолар. Оччоҕо ыарыһах олоҕор улахан кутталы аҕалбат.
Ыарыыта бигэргэммит киһи диспансер отделыгар инфекционист-быраастарга кэлэр. Инфекционист-быраастар ВИЧ ыарыы туһунан, ханнык анаалыстары туттарарын сиһилии быһаараллар, эмтэри аныыллар. Ол кэнниттэн хайаан да мэдиссиинискэй психологка ыыталлар. Биллэн турар, маннык ыарыылааҕын билбит киһи улаханнык айманар, стресстиэн, ханна барарын, тугу гынарын билбэккэ буккуллан хаалыан, олоҕо тохтообутун курдук сананыан сөп. Ыарыы бигэргэниитэ киһи-киһиэхэ араастык дьайар: ким эрэ арыый холкутук ылыныан, ким эрэ сылы-сыллаан кыайан ылыныа суоҕун сөп. Ол иһин, психолог үлэтэ улахан суолталаах: психолог сүбэ биэрэр, ыарыытын сыыйа-баайа ылынарыгар үлэлэһэр.
Онтон социальнай үлэһиккэ хайдах кэлэллэрий? Ыалдьыбыт киһи быраастары кытары арыллан кэпсэтэр кэмигэр ханнык эрэ өссө атын кыһалҕата тахсан кэлиэн сөп. Холобур, докумуона, үлэтэ, хонор сирэ суох, ханна барарын билбэт уо.д.а. Кини олоҕор араас ыарахаттары көрсүбүт буолар, ол иһин социальнай үлэһиккэ ыыталлар. Дьэ, миэхэ кэлбит киһилиин тустаах үлэм саҕаланар. Мин бэйэм ону “диагностикалыыр бэсиэдэ” диэн ааттыыбын. Ол эбэтэр киһи аатыттан-суолуттан саҕалаан, докумуонугар, чугас дьонноругар, дьиэтигэр-уотугар тиийэ барытын ыйыталаһан кэпсэтэҕин. Нууччалыы эттэххэ, хантаакка, итэҕэлгэ киирэҥҥин, кинини арыйаҕын уонна бу киһи туох ыарахаттары көрсө сылдьарыгар уопсай түмүгү таһаарабын. Онтон сиэттэрэн, киниэхэ аналлаах көмө, сүбэ-ама оҥоһуллар. Холобур, кыс ортото хонор сирэ суох киһини “сарсын быһаарыахпыт” диэн, бэйэтин кыһалҕатын кытта утааран кэбиспэккин, суһал быһаарыыны ылына охсон, тута туһааннаах көмөнү оҥоруохтааххын. Кини чопчу кыһалҕатыгар ханнык кииннэр көмөлөһүөхтэрин сөбүн көрөҥҥүн, миэстэ баарын-суоҕун, хас чааска ханнык аадырыска тиийэрин барытын сиһилии быһааран атаараҕын. Биллэн турар, ити барыта бэйэ икки ардыгар эрэ хаалыахтаах (конфиденциальнай). Ол эбэтэр: “Бу маннык ааттаах-суоллаах, статустаах киһи тиийэр”, — диэн этэр быраабым да, көҥүлүм да суох. Тоҕо диэтэххэ, кинилэр ааттарын-суолларын биллэриэхтэрин баҕарбаттар. Киһи киһи араас майгылаах, көрсүбүт ыарахаттара да биир буолбат.
Уопсайынан, киһини кытары кэпсэтэри сатыахха наада быһыылаах. Мин бэйэм оҕо эрдэхпиттэн араас дьону кытары алтыспыт, ирэ-хоро кэпсэппит буоламмын, хайдах эрэ миэхэ чэпчэки соҕустук бэриллэр, уопсай тылы булабын. Ити барыта уопуттан, быраактыкаттан, сөптөөх тылы булан кэпсэтэр сатабылтан тутулуктаах. Эйиэхэ кэлбит киһини куолаһыттан, саҥарарыттан-иҥэрэриттэн, көрөрүттэн-истэриттэн саҕалаан, кини хайдах киһи буоларын син биир билэҕин. Ханнык баҕарар социальнай үлэһит итинниктэргэ улахан ыарахаттары көрсүбэт, кими баҕарар кытары уопсай тылы булар дии саныыбын. Идэбит уратыта буоллаҕа. Уопсайынан, кыһалҕалаах дьону инникигэ көҕүлүүр (мотивациялыыр) сөптөөх тылга таба тайаныахха, булуохха наада.

-Эн үлэҥ хайаан да үтүө түмүктээх буоларын ситиһэр буолуохтааххын?
-Мин быраактыкабар үчүгэй түмүк диэн баар бөҕө буоллаҕа дии, ол иһин үлэлии-хамсыы сырыттаҕым. Үлэҕэр төһөнөн үчүгэй түмүгү ситиһэҕин даҕаны, соччонон уопутураҕын, үлэҕэр интэриэһиҥ өссө үрдүүр. Биллэн турар, барыта уу ньуурун курдук буолбат, сатамматах, кыаллыбатах түгэннэр да баар буолаллар. Син биир, төһө сатанарынан туһааннаах көмөнү оҥоро сатыыгын. Кыһалҕатын кытары ыытан кэбиспэккин. Кини кыһалҕата биир күнүнэн быһаарыллыбат буоллаҕына, ыйы-ыйдаан илдьэ сылдьыаххын сөп, син биир хайдах эрэ гынаҥҥын олох ыарахаттарыттан тахсарыгар көмө, тирэх буолуоххун наада. Түмүк исписэлиистэн, кини үлэтигэр төһө эппиэтинэстээҕиттэн, бэриниилээҕиттэн эмиэ улахан тутулуктаах. Көмө көрдүү кэлбит киһи эйиэхэ эрэнэр, итэҕэйэр. Ол итэҕэли түһэн биэримиэххин наада. Көмөлөһөр киһиҥ олоххо төһө тардыһыылааҕа, ыарахаттартан чахчы босхолонуон баҕарара улахан суолталаах. Ол эбэтэр кини улахан баҕата, сыала-соруга суох, билиҥҥи туругун ордорор буоллаҕына, эн хайдах да гыммаккын. Оннук дьоннор бааллар. Социальнай үлэһит санаатын түһэрбэккэ, илиитин ыһыктан кэбиспэккэ, үлэлэһэр киһитин кытары куруук кэпсэтэ сылдьыахтаах — баҕар, санаата уларыйыан сөп. “Пока не попробуешь — не узнаешь” диэн мээнэҕэ эппэттэр.

-Иккистээн бүдүрүйбэттэрин курдук социальнай үлэһит быһыытынан тугу сүбэлиигиний?
-Олохторугар иккистээн алҕаһаабаттарын, бүдүрүйбүттэрин туһугар социальнай үлэһит эрэ курдук буолбакка, доруобуйа харыстабылын үлэһитэ буоларым быһыытынан, сүбэм диэн, бастатан туран, харыстана сылдьыахха наада. Күннээҕи күүлэй, биир да түүн киһи олоҕун айгыратыан, алдьатыан, үөйбэтэх-ахтыбатах түбэлтэлэргэ тириэрдиэн сөп. Аныгы үйэҕэ харыстанар тэрил элбэх. Саамай сүрүнэ – бэйэҕэ уонна атын дьоҥҥо эппиэтинэһи сүгүллүөхтээх.
Онуоха бу уодаһыннаах ыарыы уонна содулун туһунан оскуолаттан саҕалаан билиэхтээхтэр дии саныыбын. Ханнык баҕарар билии төрдө оскуолаттан саҕаланар. Төрөппүттэр, анал исписэлиистэр, учууталлар харыстаныы, эппиэтинэс туһунан өйдөтө сылдьыахтаахтар. Оччоҕо эрэ инфекция тарҕанарын  аҕыйатар кыахтаахпыт. Уопсастыба ыарыһахтарга сыһыанын уларытарын туһугар биһиги Кииммит исписэлиистэрэ ыарыыны сэрэтэргэ, быһаарарга араас лиэксийэлэри ааҕаллар. Учууталларга кэпсээбиппит – үөрэнээччилэргэ, нэһилиэнньэҕэ кэпсээбиппит оҕолоругар, чугас дьонноругар биир ситиминэн бэриллэн иһэрэ буоллар, ыарыы аҕыйыырыгар кылааппытын киллэрсиэ этибит. Оттон чугас киһигит “ВИЧ”, “СПИД” ыарыылаҕа билиннэҕинэ даҕаны, сирэй-харах анньыбакка, тэйэн хаалбакка, уоскуйан олорон кэпсэттэххитинэ, күүс-көмө буоллаххытына уонна урукку үчүгэй сыһыаҥҥытын уларыппатаххытына – киниэхэ бигэ тирэх буолуоххут, инники олоҕор эрэл кыымын саҕыаххыт.

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
26 ноября
  • -26°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: