Анна Семенова А.И. Герцен аатынан Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай педагогическай университекка магистратураҕа үөрэнэр, саахымат көхтөөх оонньооччута, 1 эрэсэрээттээх, өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах күрэхтэһиилэргэ хас да төгүл бастаан турар.
2011 сыллаахха саахымат өрөспүүбүлүкэтээҕи II кэнгириэһин иитинэн ыытыллар бастакы бэрэсидьиэн М.Е. Николаев бирииһигэр саахымакка өрөспүүбүлүкэ кубогар бастакы миэстэни ылбыта. Анна ол түгэни истиҥник ахтар уонна саахымат кини олоҕор улахан оруоллааҕын бэлиэтиир.
Аннаҕа саахымакка тапталы эһэтэ Аскалон Николаевич Семёнов иҥэрбит. Дьиэтигэр сиэнин кытта куруук оонньуур уонна саахымат киһини туохха үөрэтэрин туһунан кэпсиир эбит: “Тоҕус сааспыттан элбэх эрчиллиини, күрэхтэһиини ааспытым. Саахымат миэхэ улахан суолталаах. Бу — бүтүн олох. Саахымат баар буолан болҕомтону түмэргэ, уустугу ааһарга үөрэммитим, бэртээхэй дьону кытта билсибитим уонна доҕоттордоммутум. Онон саахымат туһунан чопчу тугу эрэ биири эрэ бэлиэтиир табыллыбат”, — диэн этэр.
Идэтийбит саахыматчыт быһыытынан үүнэрбэр көмөлөспүт ийэбэр, аҕабар, эһэбэр махтанабын диир. Кыһаллан кыттарын өрүү өйөөбүттэр, оннооҕор турнирдарга бүтүн дьиэ кэргэн барсар түгэннэрэ эмиэ баар эбит: “Аҕам оҕо эрдэҕиттэн эһэбин кытта эмиэ саахымакка дьарыктаммыт. Онон саахымат биһиги дьиэ кэргэммит сорҕотунан буолар. Дьонум төһө кыалларынан миигин кытта күрэхтэһиилэргэ барсан, аттыбар баар буолан, өйүүллэрин өрүү билэрим. Күүстээх дьарык кэнниттэн номнуо икки сылынан өрөспүүбүлүкэҕэ бастаабытым”, — диэн санаатын үллэстэр.
Анна оскуола кэнниттэн М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет юридическай бакылтыатыгар киирэн, былырыын бакалавриаты ситиһиилээхтик бүтэрбит. Салгыы А.И. Герцен аатынан Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай педагогическай университекка “үрдүк үөрэх инновациялара” диэн хайысхаҕа магистратураҕа киирбит.
“Саахымат уһуннук олорорго тулуурдаах буоларга, толкуйдуурга, өйгө ырыта уонна былаанныы үөрэнэргэ көмөлөһөр. Бу — үөрэхпэр улаханнык туһалаабыта. Саахыматы таптааҥ, күрэхтэһиилэр уонна дьарыктар кэмигэр ыытар бириэмэҕитин сыаналааҥ. Төһөнөн элбэх уопут, соччонон элбэх кыайыы!”, — диэн бу буола турар саахымат өрөспүүбүлүкэтээҕи кэнгириэһин эдэр кыттааччыларыгар баҕа санаатын тиэртэ.
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…