Анна Томская үбүлүөйдээх киэһэтигэр — төрүт дорҕоону, кылыһах кырыымпаны дьүөрэлээн
Тохсунньу 26 күнүгэр Саха национальнай үнүстүрүмүөннэрин аркыастырын артыыһа, «Кыл Саха» ансаамбыл салайааччыта Анна Томская үбүлүөйдээх айар киэһэтигэр Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр тобус-толору киһи мустан, таптыыр артыыстарын дьоро киэһэтин үөрүүтүн үллэһиннилэр.
Олоҥхо тыйаатырын аатыттан эҕэрдэтин тириэрдибит Андрей Борисов эппитинии, «саха норуотун култууратын уонна кутун-сүрүн устурунуута кыл эбит. Ол иһин, бу бачча элбэх киһи мустан олороҕут, эһиги куккут-сүргүт устуруунатын «Кыл Саха» таарыйар».Манна даҕатан эттэххэ, Анна Томская бу — үһүс кэнсиэрэ. 2014 сыллаахха кэргэнэ Афанасий Томскайдыын «Олохпут биһигэ – муусука», 2021 сыллаахха «Төрүт дорҕоон эйгэтигэр» диэн айар кэнсиэртэрэ буолбута. СӨ култуураҕа уонна духуобай сайдыыга миниистирэ Афанасий Ноев: «Бастатан туран этиэхпин баҕарабын, Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сыла биллэрилиннэ. Оттон биир эрэ, биэс эрэ сыл буолбакка, олохторун бүтүннүүтүн биһиги муусукабыт, ускуустубабыт, култуурабытын сайдарыгар анаабыт дьиэ кэргэн дьоро киэһэтигэр кэллибит. Биһиги маннык талааннаах дьонноох буоламмыт кырыымпабыт, национальнай үнүстүрүмүөммүт тыаһыыр. Төрүт кылыһахпытын муусука үнүстүрүмүөнэ оҥорон, ону саҥардар, дьоҥҥо тириэрдэр дьоннор бу тураллар. Саха төрүт дорҕооно, муусуката Анна, Афанасий Томскайдар уонна Руслан Габышев көмөлөрүнэн өссө сайдыаҕа», -– диэн үбүлүөйдээх Анна Ивановнаҕа СӨ Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтин Махтал суругун туттарда.
СӨ үтүөлээх артыыската, СӨ култууратын туйгуна, РФ Тыйаатырдарын диэйэтэллэрин, Саха сирин мусукаалынай диэйэтэллэрин сойуустарын чилиэнэ Анна Томская үбүлүөйдээх сааһын элбэх ситиһиилээх уонна кыайыылаах көрүстэ. Кини — «Бастыҥ салайааччы» номинация хаһаайката, аан дойдутааҕы уонна Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкурустар Гран-приларын хаһаайката уонна лауреаттара («Кыл Саха» ансаамбыл уонна Саха национальнай аркыастырын састаабыгар). Сергей Зверев-Кыыл Уолун аатынан Үҥкүү национальнай тыйаатырын иһинэн үлэлиир Саха национальнай үнүстүрүмүөннэрин аркыастыра уонна «Кыл Сахалар», мэлдьи да буоларын курдук, киэҥ репертуардарынан уонна толорууларынан астыннардылар. Саха, нуучча композитордарын, Арассыыйа уонна омук ааптардарын муусукаларын араас дьикти үнүстүрүмүөҥҥэ дьүөрэлээн оонньоон, муусука алыптаах киэһэтигэр куустаран ыллыбыт. Ол иһигэр, Казахстан композитора Мейирман Губайдуллаев «Саха кыз» айымньытын ансаамбыл толоруута эмиэ сонуннук иһилиннэ. СӨ үтүөлээх артыыһа Александр-Дьячковскай-Ырыа Саарын, Үҥкүү тыйаатырын балетын артыыстара, балет солистката Саина Винокурова, М.К.Жирков аатынан муусука кэллиэһин фольклорга отделениетын преподавателлара, устудьуоннара, ХИФУ «Уран» үҥкүү ансаамбыла уо.д.а. кыттан, таптыыр, убаастыыр киһилэрэ Анна Ивановна үбүлүөйдээх кэнсиэрэ толору ис хоһоонноох буолла.
Өрөспүүбүлүкэ култууратын тэрилтэлэриттэн, сойуустарыттан, үөрэх кыһаларыттан уонна, биллэн турар, үбүлээр төрөөбүт-үөскээбит Амматын улууһуттан бүтүн дэлэгээссийэнэн кэлэн ис сүрэхтэн эҕэрдэлээтилэр. Анна Томская бу күн «Бөтүҥ нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕун» аатын ылла.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: