Социальнай ситимнэргэ уонтан тахса тыһыынча кэриҥэ сурутааччылаах ханааллар уонна пабликтар блогердара Роскомнадзорга булгуччу бэйэлэрин туһунан иһитиннэриилэри тиксэрэр эбээһинэстэниэхтэрэ.
Бу туһунан Госдуума пресс-сулууспата суруйар. Ирдэбили толорбот түгэнигэр блогердарга «донаттары» хомуйууну уонна угуйук былаһааккатын тэрийиини сокуонунан бобуохтара.
Ол курдук, итинник «Сибээс туһунан» федеральнай сокуоҥҥа уларытыылары киллэриини от ыйын 29 күнүгэр Госдуума Информационнай бэлиитикэҕэ, технологияҕа уонна сибээскэ кэмитиэтэ өйөөтө. Саҥа киирэр уларыйыылары Госдуума дьокутааттара сааскы сиэссийэ бүтэһик мунньахтарыгар иккис уонна үһүс ааҕыыга көрөргө былааннаатылар. Итини таһынан дьон интэриэһин тардар блогердарга бобулаах иһитиннэриилэри тарҕатыыны сокуонунан тохтотуохтара. Бу сыалга Сыыппара министиэристибэтэ ханааллар сурутааччыларын ааҕыага, оттон Роскомнадзор блогердар испииһэктэрин оҥоруоҕа уонна анал бэлиэ туттарар буолуоҕа.
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…