Салгыы
«Анонимнай кэбиниэккэ» Аһаҕас аан күннэрэ ыытыллаллар

«Анонимнай кэбиниэккэ» Аһаҕас аан күннэрэ ыытыллаллар

15.11.2024, 17:45
Хаартыска: СИА.
Бөлөххө киир:

Сэтинньи 13-22 күннэригэр Сылдьыһыынан бэриллэр инфекционнай ыарыылары (ИППП) сэрэтэр үлэ дэкээдэтэ биллэрилиннэ. Өрөспүүбүлүкэтээҕи тирии-венерологическай диспансер дерматовенеролог бырааһа Сахаяна Сысоева бу ыарыылартан хайдах сэрэнэр туһунан сүбэлэри биэрэр.

Хаартыска: С.Сысоева.

Эр киһи уонна дьахтар сылдьыһыыларын түмүгэр бэриллэр инфекционнай ыарыылар түргэнник тарҕанар буоланнар, уопсастыбаҕа кутталлаахтар. Маннык ыарыыларга сифилис, гонорея, хламидия, микоплазма, трихомониаз, герпеснэй уонна папилловируснай инфекциялар киирсэллэр.

Маны тэҥэ, бэрээдэгэ суох сылдьыһыы түмүгэр, бу инфекциялары сэргэ ВИЧ-инфекцияҕа, СПИД ыарыыга, В, С гепатиттарга, атын да ыарыыларга (чесотка, быттык быта, контагиознай моллюск) сыстыахха сөп. Бүгүҥҥү күҥҥэ сылдьыһыы нөҥүө бэриллэр 20-тэн тахса ыарыы баара биллэр.

Маннык ыарыылар туох кутталлаахтарый? Үксүгэр биллибэккэ сылдьан, организмы кэбирэтэллэр. Эмтэммэккэ сырыттахха, ыарыы олохсуйан хаалар, бэргэтэр, сүрүннээн төрүүр-ууһуур  уонна да атын уорганнары, систиэмэлэри ыарытар (сифилис сүрэх-тымыр, ньиэрбинэй систиэмэлэри, хламидиоз сүһүөхтэри, папиллола вирустара искэн ыарыыларын үөскэтэллэр, оттон ВИЧ-инфекцияттан киһи өлөр).

Ыалдьыбыт, инфекцияны млдьэ сылдьар дьон олус сыстыганнаахтар, онон сылдьыспыт дьоннорун булгуччу чинчийиэххэ, эмтиэххэ наада. Төһөнөн эрдэ булуллан, эмтэнэр да, ыарыы олохсуйбут көрүҥҥэ көспөт, түргэнник эмтэниллэр. «Бэйэтэ ааһыа», «бэйэм да эмтэниэм» дии саныыр букатын сыыһа.

Маннык ыарыылар үксүгэр өр кэмҥэ биллибэккэ сылдьаллар. Сүрүннээн ииктиир ханаалтан араас убаҕас кэлэр, аһыйар, кыһыйар, ыалдьар, тирии бааһырар, хатаалланар, лимфа былчархайдара иһэллэр.  Маны тэҥэ, ытыска, тилэххэ, эккэ, айах иһигэр ымынах тахсыан, харах иһиэн, халтаһа кыһыйыан, сүһүөх иһиэн, ыалдьыан сөп.

Сылдьыһыы нөҥүө бэриллэр ыарыылары лаборатория анаалыһа эрэ быһаарар. Ол эрээри, бу анаалыс сылдьыһыы кэннэ тута буолбакка, 3-5 күн кэнниттэн ыытылыннаҕына эрэ, быһаарар кыахтаах (ВИЧ-инфекцияҕа 3-6 ыйга диэри буолуон сөп).

Олус эрдэттэн уолу-кыыһы кытта сылдьыһыыттан, уопсайынан, билбэт, эрэммэт киһини кытта сылдьыһыыттан аккаастаныахха наада. Харыстаммакка эрэ, элбэх киһини кытта сылдьыһар киһи син биир  ыалдьар. Презервативы аптекаттан эрэ ылыллыахтаах, сөпкө туһаныллыахтаах. Тус гигиена тутуһуллуохтаах. Бактерициднай сириэстибэлэри (хлоргексидин, мирамистин) туһаныахха сөп. Сорох вирустары (В гепатит, папиллома вируһа) утары быһыыны ылыахха сөп. Сылдьыһан баран, саарбахтааһын баар буоллаҕына, тута тирии-венерическэй диспансерга баран, анаалыс туттарыахха наада.

Бэйэтин, партнерун доруобуйатын көрүнэр, быраабылалары тутуһар киһи ыалдьыбат, чэгиэн буолар.

Болҕойуҥ!

Өрөспүүбүлүкэтээҕи тирии-венерологическай диспансер сэтинньи 13-22 күннэригэр дэкээдэ чэрчитинэн, Аһаҕас аан күннэрин биллэрэр. Бу күннэргэ  сылдьыһыынан бэриллэр инфекционнай ыарыылары буларга ПЦР уонна ИФА анаалыстарга 25%-наах чэпчэтии биллэриллэр. Онон ПЦР анаалыс (биир ыарыыга) — 225 солкуобай, ИФА (биир инфекцияҕа) — 225 солкуобай буолла.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи тирии-венерологическай диспансер поликлиникатыгар Богдан Чижик уулуссатын 3-с №-гэр тиийэн, сарсыарда 8 аҥаар чаастан киэһэ 5 чааска диэри туттараҕыт. Регистратура төлөпүөнэ: 40-56-03. «Анонимнай кэбиниэт» төлөпүөнэ: 40-56-01.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 ноября
  • -26°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: