Салгыы
Антарктида уулуннаҕына, биһигини туох күүтэрий?

Антарктида уулуннаҕына, биһигини туох күүтэрий?

Ааптар:
05.11.2023, 16:00
https://tvzvezda.ru/news
Бөлөххө киир:

Аан дойду сылыйыытын туһунан күн аайы кэриэтэ истэбит. «Планета орто температурата биир кыраадыс сылыйдаҕына, улуу иэдээн ааҥныаҕа!» диэн сэрэтии сорох дьону уолутар, сорохтору итэҕэппэт. Сылыйыы биир сүрүн куттала — аан дойду байҕалын таһыма үрдээһинэ. Антарктида муустара уулуннахтарына, туох буолуой? Оннук түгэҥҥэ туох буолуон сөбүн туһунан учуонайдар көрүүлэрэ баар.

Кытыл тимирэр

Антарктида мууһа олоччу уулуннаҕына, байҕал таһыма 58 миэтэрэ үрдүүрэ сабаҕаланар. Бу улуу иэдээни аҕалара чахчы,  дьон сүрүннээн уу кытылыгар олохсуйалларын ордороллор, онон тыһыынчанан куораттар уу анныгар бараллар. Олор истэригэр Лондон, Нью Йорк, Саҥа Орлеан, Каир, Бангкок, Венеция, Копенгаген, Мумбаи, Калькутта, Гонконг, Шанхай, Буэнос Айрес, Сиэтл, Сан Диего, Санкт Петербург, Рига уонна Стокгольм курдук мөлүйүөнүнэн нэһилиэнньэлээх куораттар бааллар.

Куораттар эрэ буолбакка, бүтүн эрэгийиэннэр уонна дойдулар күөх далайга былдьаналлар. Холобур, Голландия уонна Дания улахан аҥаардара тимирэр, Канада сирэ-уота үксэ, Парагвай бүтүннүү кэриэтэ, Флорида штат байҕал анныгар бараллар. Камбоджа арыыга кубулуйар. Кытай уонна Австралия нэһилиэнньэтэ иэдэйэр. Кытайга 600 мөл. кэриҥэ киһи байҕал кытылыгар олорор, оттон Австралия нэһилиэнньэтин биэс гыммыт түөрдэ маннык иэдээн ааҥнаатаҕына, дьалкыйар уу анныгар барар.

Аан дойду үрдүнэн 3,5 миллиард киһи олорор сирэ байҕалга кубулуйар.

Иһэр уу тиийбэт буолар

Континент түгэҕэр олорор дьон бу маннык иэдээнтэн эмиэ эмсэҕэлииллэр. Антарктидаҕа планета иһэр уутун 61% мууска кубулуйан сытар. Бу уу барыта байҕалга киирдэҕинэ, иһэр уу дэлэйбэт, төттөрүтүн — туустаах уу сир уутугар ыган киирэн, элбэх ууну туһаттан таһаарар. Ону кытта тыа хаһаайыстыбатыгар улахан охсуулаах дьайыы үөскүүр, ходуһалары, бааһыналары нүөлсүтэр өрүстэр уонна холуодьастар тууһураннар, үүнүү ахсаана хас да төгүл аччыыр.

Дьаҥ турар

Антарктиданы учуонайдар геном саппааһынан ааҕаллар. Бу муус дойдуга сорох бактыарыйалар, вирустар, түүнүк көрүҥнэрэ “кэнсиэрбэлэммиттэрэ” 8 мөлүйүөн сылтан тахсыбыт. Биллэн турар, бары тыыннаах, ууһуур туруктаах сыталлара саарбах эрээри, сорохторо тиллэр кыахтаахтар. Тоҥорууттан тиллибит бактыарыйалар кутталлаах буолуохтарын сөбүн устуоруйа туоһулуур. 2016 сыллаахха Ямало-Ненецкэй уокурукка ирбэт тоҥтон тиллибит сибиир язватын бактыарыйатыттан сылтаан хас даҕаны тыһ. таба өлбүтэ, 72 киһи балыыһаламмыта, 12 саастаах оҕо суорума суолламмыта.

Онон мөлүйүөн сыл саһа сыппыт микроорганизм хайдах-туох алдьархайы аҕалыан сөбүн айбыт таҥарабыт эрэ билэр.

Сир хамсыа, күн уһуо

Антарктида ньууругар 24 квадриллион 380 триллион туонна уу муус буолан сытар. Бу сири баттаан сытар муус барыта аан дойду байҕалыгар түстэҕинэ, планета гравитацията уларыйар. Куруутун бэйэтин тула эргийэр планетабыт биир сириттэн итиччэ үлүгэрдээх ыйааһын сыҕарыйдаҕына, эргиирэ уларыйар — суоттааһын көрдөрөрүнэн, суукка 20 сөкүүндэнэн уһаан биэриэ. Ону кытта материктар билиитэлэрин долгутар саҥа дьайыы үөскүүр. Ол аата, эрдэ билгэлэммэтэх сир хамсааһыннара, вулканнар уһуктуулара саҕаланаллар. Аны Антарктида континеныгар кырата 138 вулкан бүөлэнэн сытар, кинилэр эмиэ уһуктуохтарын сөп. Холобур диэн эттэххэ, Исландияҕа уонна Гренландияҕа билиҥҥи глобальнай итийииттэн сылтаан муус ууллубута вулканнар дьайыыларын 20–30 төгүл үксэппитэ биллэр.

Сылыйыы түргэтиир

Биллэрин курдук, муус, хаар күн уотун тэйитэллэр. Антарктида — хаарынан бүрүллүбүт сүүнэ улахан континент. Киниэхэ түһэр күн уота 50–80% төттөрү тэйитиллэр. Муус бүрүөһүнэ суох хааллаҕына, түһэр сардаҥалары олоччу иҥэринэн тулалыыр салгын итийиитэ өссө төгүл күүһүрэн биэрэр. Мантан сылтаан тыал үксүүр, халлаан сөҥүүтэ билгэлэммэт буола үксүүр. Ардах ахсаана байҕал кэҥээбититтэн эмиэ биллэ элбиир.

Харамай ахсаана аччыыр

Антарктида аатырар хамсыыр харамайа пингвин, сылаас күн-дьыл турдаҕына, көрүҥ быһыытынан эстэрэ саарбахтаммат чахчы. Кинилэри кытта үгүс Антарктида тыынар тыыннааҕа олорор эйгэтэ уларыйыытын туоруура саарбах. Ол эрэн, тымныыны сөбүлүүр кыыллар эрэ бу дьайыыттан суорума суолламматтар — байҕал тууһун таһыма уларыйыыта аан дойду үрдүнэн тыһыынчанан көрүҥ олоҕун алдьатыа. Бастатан туран, криль уонна фитопланктон ахсаана көҕүрүөн сөп. Бу буоллаҕына, бары тыынар тыыннаах аһылыгын аһыыр тиһигин (пищевая цепочка) түгэҕэ буолар. Онон уу уонна сир олохтоохторо барыта бу дьайыыттан эмсэҕэлииллэр.

Түмүккэ

Антарктида мууһа олоччу ууллара, биллэн турар, өтөрүнэн буолбат. Маннык алдьархай буоларын туһугар аан дойду орто температурата 10 кыраадыс сылыйыах тустаах уонна уонунан тыһыынча сыл сойбокко туруохтаах. Билигин планетабыт биир кыраадыс сылыйыытын 19‑с үйэттэн саҕалаан киһи аймах ньиэби, гааһы умаппытын кытта сибээстииллэр. Ол да буоллар, дьулаан хартыына уруһуйданан кэлэр эбит, ээ? Киһи аймах билиҥҥиттэн өйүн тутан, тулалыыр эйгэни харыстыырга үөрэнэрэ булгуччулааҕа өйдөнөр. Этэргэ дылы, көһөн барар саппаас планетата суох дьон, соҕотох Сирбитин харыстыах тустаахпыт.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: