Антон Сериков: «Өрөспүүбүлүкэ үүнэр көлүөнэҕэ эрэлэ – инники кыаҕын көрдөрөр»

Share

Дьокуускай куоракка ааспыт өрөбүллэргэ киэҥ хабааннаах «Ykt Geek Fest 2023» тэрээһин буолан ааста. Бу аныгы култуураҕа сүгүрүйэр тыһыынчанан ыччаты түмэр тэрээһини өрөспүүбүлүкэ былааһа тэрийэн ыытар. Өрөспүүбүлүкэ салалтата үүнэн эрэр көлүөнэни кытары сыһыаны хайдах олохтуурун туһунан «Билии» Арассыыйатааҕы уопсастыбатын генеральнай дириэктэрин солбуйааччы, «Машук» билии киинин салайааччыта Антон Сериков санаатын үллэстэр.

Бу туһунан Ленскэй кулууп иһитиннэрэр.

«Ykt Geek Fest» номнуо тохсус сылын ыытыллар. Тэрээһин компьютернай оонньуулар, фэнтэзилэр, комикстар сүгүрүйээччилэрин түмэр. Бэстибээл саамай кэрэ көстүүтүнэн косплейдар куонкурустара буолар. Бэстибээл кыттыылаахтара манна сөбүлүүр дьоруойдарын уобараһынан таҥналлар-сапталлар.

«Былаас билигин ыччакка улахан болҕомтотун уурар. Биһиги араас элбэх бырагыраамалар уонна анал бырайыактар олоххо киирэллэрин, граннар олохтоноллорун уонна тус сыаллаах дьаһаллар ылыллалларын көрөбүт. Ол эрээри маннык тэрээһиннэргэ «спонсор» эрэ курдук буолбакка, ыччаты кытары тэҥнээҕин курдук кэпсэтэр, кытыннарар улахан суолталаах. Ыччат диэн биһиги сарсын бииргэ үлэлиэхтээх дьоммут, кэллиэгэлэрбит, салайааччыларбыт. Инникитин судаарыстыба бэлиитикэтин быһаарар уонна экэниэмикэтин оҥорор дьон буолуохтара. Онон кинилэр тылларын истиэхтээхпит, биир тылы булуохтаахпыт», – диэн бэлиэтээтэ Антон Сериков.

Саха сиригэр көлүөнэлэр икки ардыларынааҕы коммуникацияны тэрийии ордук наадалаах. Арассыыйа атын үгүс эрэгийиэннэриттэн ыччат ахсаана уратылаах. Өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин 32%-гар тэҥнэһэр.

«Нэһилиэнньэ үс гыммыт биирэ – олус улахан суолталаах сыыппара, – диир эспиэр, – эрэгийиэн улахан кыаҕын туоһулуур. Эрэгийиэҥҥэ үлэлиир-хамсыыр ыччат экэниэмикэ сайдыытыгар улахан кылаатын киллэрэр. Билигин эрэгийиэннэр былаастарын иннигэр атын сирдэргэ үрдүк үөрэххэ үөрэммит ыччаттарын дойдуларыгар төнүннэрэр сорук турар. Саха сирэ бу өттүгэр инники күөҥҥэ сылдьар. Маны национальнай үгэстэргэ олоҕуран эрэ буолбакка, анал социальнай-экэнэмиичэскэй усулуобуйаны тэрийэн ситистилэр», – диэн эспиэр сыаналыыр.

Бүгүн өрөспүүбүлүкэҕэ үүнэр көлүөнэни кытары үлэ 22 хайысхата баар. Саха сиригэр тиһигин быспакка бэстибээллэр, воркшоптар, кэмпириэнсийэлэр куонкурустар ыытыллаллар. Быйыл өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаев көҕүлээһининэн, ыччат бэлиитикэтин сайыннарыыга субсидия кэриҥин 50 мөл. солк. диэри улаатыннарда. Бу үп-харчы устудьуоннар этэрээттэрин үлэтин тэрйиигэ, волонтердар хамсааһыннарыгар, сынньалаҥнарыгар уонна дьарыктарыгар туһаныллыа.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago