Антонина Аввакумова дуобакка Европа икки төгүллээх чөмпүйүөнүн аатын ылла
Үөһээ Бүлүү улууһун Балаҕаннаах нэһилиэгиттэн төрүттээх Нам орто оскуолатын математикаҕа учуутала Антонина Аввакумова дуобакка Европа икки төгүллээх чөмпүйүөнүн үрдүк аатын ылла. Бу туһунан Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Алтынньы 19-29 күннэригэр Турция Кемер куоратыгар 100 харахтаах дуобакка Европа чөмпүйэнээтэ буолан ааста.
Чөмпүйэнээккэ Арассыыйаттан, Польшаттан, Турцияттан, Израильтан, Азербайджантан, Молдоваттан уопсайа 50-тан тахса спортсмен күөн көрүстэ.
Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатыттан 8 спортсмен, ол иһигэр Саха сириттэн Антонина Аввакумова Арассыыйа чиэһин Европа чөмпүйэнээтигэр көмүскээтэ.
10 күннээх күрэхтэһии түмүгэр биһиги биир дойдулаахпыт Антонина Аввакумова икки кыһыл көмүс мэтээли ылла.
Арассыыйа хамаандата уопсайа 12: 6 кыһыл көмүс, 3 үрүҥ көмүс, 3 алтан мэтээли ылла
«Антонина Аввакумованы үрдүк ситиһиитинэн, чаҕылхай кыайыытынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Эн кыайыыгынан киэн туттабыт!», — диэн улуус баһылыга Валерий Николаев эҕэрдэлээтэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: