Антонина Буслаева: «Психиатрга көрдөрүү мэһэйдэри үөскэтэр дуо?»
Кистэл буолбатах, уйулҕаларыгар кэһиллиилээх (психическое расстройство) дьону туората көрөллөрө баар суол. Кинилэри атаҕастыыллар, бырааптарын сарбыйаллар, үлэлиир кыахтара суоҕунан уо.д.а. итэҕэстээхтэринэн ааҕаллар.
Уйулҕаларыгар кэһиллиилээх дьону уопсастыбаҕа хайдах ылынар уонна психиатрга көрдөрүү суолтатын туһунан үрдүк категориялаах психиатр-быраас, психоневрология өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансерын эр дьоҥҥо 2-с отделениетын сэбиэдиссэйэ Антонина Буслаева кэпсээтэ.
— Антонина Александровна, уйулҕаларыгар кэһиллиилээх дьон уопсастыбаҕа туора көрүллэллэригэр (стигмитация) ордук туох тириэрдэрий?
– Мин санаабар, биһиги кинилэр тустарынан өйдөбүлбүт, сонуну киэҥник тарҕатар сириэстибэлэр иһитиннэриилэрэ тириэрдэллэр. Уйулҕалара кэһиллиилээх дьону маньяктар, кутталлаах буруйу оҥорбут эбэтэр уопсастыбаттан туспа олорор уһулуччу талааннаах дьон курдук көрдөрөр элбэх киинэ уһуллар. Уйулҕа ыарыытын тулуйбатах эмтэнээччилэр тус олохторо кэпсээнтэн кэпсээҥҥэ кубулуйар.
Ол гынан баран, саамай улахан оруолу психиатрия бэйэтэ ылар, ол эбэтэр мэдиссиинэ ханнык да эйгэтин туһунан бачча элбэх дойҕох уонна хаалан хаалбыт сыһыан суох.
-Аан дойдуга хас биирдии бэһис киһи туох эрэ уйулҕа кэһиллиилээҕин туһунан этэллэр. Ол оруннаах дуо?
-Оннук. Ол гынан баран, итиннэ уйулҕа ыарахан ыарыһахтара буолбакка, уйулҕаларыгар кыра кэһиллиилээхтэр (санаа тууйуллуута, дьиксиниилээх турук, уолуйа куттаныы, араас фобиялар) киирсэллэрин чопчулаан этиэхпин наада.
-Кинилэр уопсастыбаҕа туора көрүллүбүттэрин туһугар психиатрдар туох үлэни ыыталлар?
-Тус блоктарыгар, тэлэбидиэнньэ биэриилэригэр, лиэксийэлэргэ сөптөөх иһитиннэриини тириэрдэ сатыыллар. Социальнай ситимнэр сайданнар, уйулҕалара кэһиллэ сылдьыбыт, ол эрэн ыарахан ыарыыттан сатаан босхоломмут дьон кэпсииллэрэ, быһаараллара биһигини үөрдэр. Кинилэр хайдах эмтэммиттэрин, уопсастыба ортотугар хайдах олоруохха сөбүн уо.д.а. тус бэйэлэрин холобурдарынан кэпсииллэр.
— Стигматизация туһунан кэпсиир туох суолталааҕый?
-Кэпсэтэр наада, тоҕо диэтэххэ, бу -– бүтүн уопсастыба кыһалҕата. Үксүгэр биһиги дьоммут уйулҕа кэһиллиитин айылгытын ситэри өйдөөбөттөр, маныаха маарынныыр ыарыылаахтары үксүгэр атаҕастыыллар, үөҕэллэр, күлүү-элэк оҥостоллор. Психиатрга көрдөрөргө быһаарыммыт да киһиэхэ итинник сыһыаннаһа охсоллор.
Сымыйа дойҕохтору уонна сыанабыллары суох оҥоруохха наада -– уйулҕалара кэһиллибитин сэрэйэр дьон кыбыстыбакка уонна куттамакка психиатрия эйгэтин исписэлиистэригэр бириэмэтигэр көрдөрүнэллэрин туһугар. Ону таһынан, мэдиссиинискэй чинчийиини ааһан, наада буоллаҕына, анал эмтэниини ааһаллара улахан суолталаах.
– Психиатрга сылдьартан тоҕо кыбыстыллыа суохтааҕый?
-Уйулҕа кэһиллиитэ син биир диабет, пиелонефрит уо.д.а. ыарыылар курдук ааспат-арахпат дьарҕа буоларын уопсастыба өйдүөхтээх.
– Дьон: «Психиатрга көрдөрдүм да, учуокка ылаллар, ол кэнниттэн үлэҕэ киирэргэ уонна араас быраабы ыларга мэһэйдэр үөскүүллэр» дии саныыллар. Мин санаабар, дьон саамай куттанар төрүөтэ -– ити. Ити эмиэ дойҕох дуу, эбэтэр кырдьык дуу?
– Киһи психиатрга эбэтэр психотерапевка аан бастаан көрдөрүнэригэр киниэхэ амбулатория картата эбэтэр балыыһаҕа эмтэнэригэр карта булгуччу оҥоһуллар. Салҕыы быраас эмтэнээччигэ сүбэ-ама биэрэр, наада буоллаҕына, эмтэниини аныыр. Ол гынан баран, быраас бэйэтэ эрэ учуокка (диспансер кэтээн көрүүтүгэр) туруорар кыаҕа суох. Диспансер кэтээн көрөрүн туһунан психиатрдар хамыыһыйалара эрэ быһаарар. Ол аата, дьон сыыһа саныырын курдук, оннук судургу буолбатах.
-Психиатрга сылдьан сүбэ-ама ылыы киһи, уйулҕатын кытары бэйэтэ үлэлии сатыырынааҕар, аҕыйах бириэмэни уонна күүһү-уоҕу ылар дииллэрэ кырдьык дуо?
-Кырдьык. Суолунан холобурдуум. Киһи ханна эрэ айанныырыгар олус уһуннук уонна сылайан-элэйэн тиийэр суола баар буолар. Ону таһынан кини барыахтаах сиригэр түргэнник, чэпчэкитик уонна күүһүн-уоҕун бараабакка тиийиэн сөптөөх кылгас, тумнар суол баар. Эмиэ ол курдук, психиатрга кэмигэр кэлэн сиһилии хаачыстыбылаах чинчийиини ааспыт (наада буоллаҕына, эмтэммит) киһи үгүс элбэх бириэмэтин уонна күүһүн харыстыыр. Биллэн турар, психиатртан сүбэ-ама ылара кини олоҕун хаачыстыбатын тупсарар.
Доруобай буолуҥ!
(Психоневрология өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансерын пресс-сулууспатын матырыйаалынан)
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: